Кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Николай Харитонов кэпсэтиини саҕалыырыгар 2024 с. «Хотугу собуос туһунан» федеральнай сокуон олоххо киириэҕиттэн дойду 19 эрэгийиэнин хотугу бөһүөлэктэригэр олорор 2 мөлүйүөн киһини аһынан-үөлүнэн, туттар табаарынан, оттук-уматык матырыйалынан хааччыйыы федеральнай суолталаммытын эттэ. Хотугу собуоска анаммыт 4 мөлүйүөн туонна таһаҕас баһыйар өттө сайыҥҥы уу суолунан тиэрдиллэрин быһыытынан бүгүн ол түмүгүн, быһаарыыны эрэйэр кыһалҕаларын билсээри түмүстүбүт диэтэ.
Кэмпириэнсийэҕэ Судаарыстыбаннай Дуума дьокутааттара, Уһук Илини уонна Аартыканы сайыннарыы миниистирин солбуйааччы Антон Басанскай, хотугу собуос муоратааҕы кэлим оператора «Аартыка Росатом» аахсыйалаах уопсастыба генеральнай дириэктэрэ Александр Лазаренко уонна онлайн киэбинэн хотугу собуоска кыттар эрэгийиэннэр бэрэстэбиитэллэрэ кыттан, тыл эттилэр.
Афанасий Владимиров сайын устата ыытыллыбыт үлэ-хамнас түмүгүн билиһиннэригэр уу суолунан 947,1 тыһ. туонна таһаҕас тиэрдиллэн, былаан 95,3 % толоруллубутун кэпсээтэ. Ордук уустук суоллаах биэс улууска (Абыйга, Аллайыахаҕа, Дьааҥыга, Муомаҕа, Эбээн Бытантайга) былааннаммыт таһаҕас 56,4 %-а тиэрдилиннэ, кыһыҥҥы суол аһыллыар диэри тиийэр саппаас баар эрээри, уунан ситэ илдьиллибэтэх таһаҕаһы кыһыҥҥы суолунан массыынанан таһарга эбии ороскуот тахсар диэтэ. Былаан ситэ толоруллубатах биричиинэлэрин ыйан туран, быйылгы навигация таһаҕаһы тиэйии-таһыы тиһигэ үбүлээһин, үлэни-хамнаһы тэрийии уонна тырааныспары туруоруу хардарыта ситимнээхтэрин, бэйэ-бэйэлэриттэн улахан тутулуктаахтарын көрдөрбүтүн бэлиэтээтэ. Үбүлээһини кэмигэр оҥоруу сөргүтүллүбэтэҕинэ, бу кыһалҕа эһиил эмиэ хатыланар кутталлааҕын санатта. 2026-2027 сс. кыстыкка оттук-энэргиэтикэ өрөсүүрсэлэрин тиэйиини-таһыыны түмүктүүргэ уонна 2027 с. навигацияҕа бэлэмнэнэргэ түөрт улахан этиини киллэрдэ. Ол туһунан сиһилии хаһыат бу нэдиэлэтээҕи нүөмэригэр ааҕыаххыт.
Хаартыска: Василий Кононов уонна ааптар түһэриилэрэ.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0

