Сокуон - сайдыы сүрүн тирэҕэ
-Геннадий Анатольевич, Ил Түмэн VI ыҥырыытын кэмигэр дьокутаат түбүктээх үлэтин ымпыгын-чымпыгын биллэҕиҥ, уопутурдаҕыҥ. Ол да иһин биир дойдулаахтарыҥ эйиигин иккистээн дьокутаатынан таллахтара. Ити сылларга ханнык сокуоннары ылыныыга үлэлэспиккиний? Туох интэриэһинэй түгэннэри өйдөөн хаалбыккыный?
- Оннук, былырыын күһүн Ил Түмэн сэттис ыҥырыытыгар талылламмын, салгыы үлэлии сылдьабын. Бу иннинэ VI ыҥырыылаах Судаарыстыбаннай Мунньахха талылларбар 33 саастаах этим. Бастаан толло санаабытым, онтон үлэлээн-хамсаан киирэн барбыппар, ол ааспыта. Маныаха эрдэ Уус Алдаҥҥа үлэлээбит уопутум төһүү күүс буолбута. Ол курдук, дойдубар успуорт хайысхалаах Мындааба орто оскуолатын интэринээтигэр иитээччинэн, улуус дьаһалтатыгар эдэр ыччат бэлиитикэтин сүрүннүүр исписэлииһинэн, ыччат лиидэринэн уонна улуус баһылыгын солбуйааччынан үлэлээбитим. Бу хайысхалар ис тутулларын, олохтоох бэйэни салайыныы тыын боппуруостарын эппинэн-хааммынан билбит уонна салгыы үлэлииргэ бэлэм буоламмын, дьокутаат эбээһинэстэрин кэбэҕэстик толорон саҕалаабытым диэхпин сөп. Бу кэмҥэ Ил Түмэн ыччакка, физическэй култуураҕа уонна успуорт дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ М.Д.Гуляев солбуйааччытынан буолбутум. Ил Түмэн урбааҥҥа, туризмҥа уонна инфраструктура сайдыытыгар, олохтоох бэйэни салайыныыга сис кэмитиэттэригэр эмиэ үлэлээбитим. Ол саҕана олохтоох бэйэни салайыныыга федеральнай сокуон уларыйбыта, онон Ил Түмэҥҥэ боломуочуйалары тыырыы, баһылыктар быыбардарын ыытыы боппуруостара сытыытык турбуттара. Хас биирдии норуот дьокутаата уокуруктарбытыгар тахсаммыт улуус дьокутааттарын, нэһилиэк баһылыктарын кытта көрсөн, дьүүллэһэн, уопсайа Ил Түмэнтэн 11 араас уларытыыны Судаарыстыбаннай Думаҕа киллэрбиппит.
Маны таһынан «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ыччат бэлиитикэтин туһунан», «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр физическэй култуура уонна успуорт туһунан», «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр оҕо уонна ыччат успуордун туһунан» сокуоннарга уларытыылары киллэриигэ үлэлэспитим. Успуорт тула араас кыһалҕа элбэх этэ. Холобур, спортсменнар күннээҕи аһылыктарыттан саҕалаан инники эрэллэри бэлэмнииргэ үп-харчы тыырыыта, үрдүкү успуорт уонна төрүт көрүҥнэри сайыннарыы. Санатан эттэххэ, 2014 с. «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр успуорт национальнай көрүҥнэрин туһунан» сокуон ылыллыбыта. Маннык сокуон Арассыыйаҕа соҕотох, атын эрэгийиэннэргэ суох. Араас сирдэргэ сылдьан, успуорт сайдыытын билэн-көрөн бараммын, биһиги иннибитинэ үлэлээбит дьокутааттар көдьүүстээхтик, үтүө түмүктэрдээх үлэлээбиттэр эбит диэн санааҕа кэлбитим. Ил Түмэн хас биирдии хайысхаҕа барытыгар сөптөөх үлэни ыытарын итиэннэ инники кирбиигэ сылдьарын көрөн итэҕэйбитим.
Ил Түмэн бастакы дьокутааттара үлүскэннээх үлэлэринэн парламентаризм сайдыытыгар олук уурбуттар. Ханнык баҕарар сайдыыга сүрүн тирэҕинэн сокуон буолар. 30 сыл устата үгүс сокуон, араас элбэх уураах тахсан, күн бүгүн Сахабыт Сирэ сайдан олордоҕо. Билигин Ил Түмэн, Ил Дархан, бырабыыталыстыба бииргэ үлэлииллэрин түмүгэр элбэх дьаһал ыытыллар. Бу инники сайдыыга эрэли үөскэтэр.
Төрөөбүт түөлбэ, успуорт, сахалыы тыын
- Эн «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр патриотическай иитии туһунан» сокуон ылынылларыгар үлэлэспит эбиккин. Патриоту иитии туһунан туох санаалааххыный?
- 2000 сыллаахха, 9 кылааһы бүтэрэрбэр, миигин оскуолам Ил Дархан Харыйатыгар ыыппыта. Онно Бастакы Бэрэсидьиэммит М.Е. Николаев хас биирдии оҕоҕо көмпүүтэр бэлэхтээбитэ. Оччолорго көмпүүтэр диэн саҥа үөдүйэн эрэр этэ, онон нэһилиэкпэр бастакынан көмпүүтэрдэммитим. Оннооҕор олохтоох дьаһалтаҕа суоҕа, ол иһин дьаһалтаттан кэлэннэр, көмпүүтэрбэр үлэлиир этилэр. Онно мин улахан эппиэтинэскэ киирбиппин өйдөөбүтүм. Нэһилиэгим биир кырдьаҕаһа Агафия Ивановна Митрофанова: «Бу маннык улахан чиэскэ-бочуокка тиксэҥҥин Ил Дархан Харыйатыгар баран кэллиҥ. Эн маны бэйэм эрэ туспар буолбакка нэһилиэгим туһа диэн өйдөө. Инникитин бу түгэни олоҕуҥ тухары саныаҕыҥ», - диэн эппитэ. Мин ону бастаан ылымматаҕым. Оттон билигин санаатахпына, кини эппитэ сөптөөх эбит. Онон патриотизм төрөөбүт-үөскээбит түөлбэҕиттэн саҕаланар. Оҕоҕо кыратыттан «мин дьиэ кэргэним, мин нэһилиэгим, мин улууһум, мин Сахам Сирэ, мин Арассыыйам» диэн өйдөбүллэр иҥэриллиэхтээхтэр. Эн күннэтэ төрөппүттэргин кытта сылдьаргыттан, дьону ытыктыыргыттан, төрүт култуураҕын, төрөөбүт тылгын, норуотуҥ устуоруйатын билэргиттэн дойдуга таптал, бэриниилээх буолуу үөскүүр.
Мин билигин Манчаары Баһылай аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи успуорт национальнай көрүҥнэрин киинин дириэктэринэн үлэлиибин. Киин успуорт төрүт көрүҥнэрин нөҥүө ыччакка патриотическай тыыны иҥэриигэ күүскэ үлэлэһэр. Биһиги эт-сиин өттүнэр сайдыылаах, төрөөбүт сахатын тылынан саҥарар, төрүт култуураларын илдьэ сылдьар ыччаттары иитэн таһаарар сыаллаахпыт-соруктаахпыт. Ону ситиһэргэ оҕолору кыра эрдэхтэриттэн успуорт төрүт көрүҥнэригэр сыһыарар үлэни ыытабыт. «Модун» успуорт киинигэр 1000 кэриҥэ киһи дьарыктанар. Төрөппүттэр оҕолорун эттэрин-сииннэрин сайыннараары уонна төрөөбүт тылларын, култуураларын биллиннэр диэн дьарыктарга аҕалаллара кэлин элбээтэ. Оҕо төрүт успуорт көрүҥүнэн дьарыктанар буолла даҕаны, сахатын тылын туттубутунан барар, онтон сылтаан кини иһигэр баар сахата уһуктан кэлэр. Онон успуорт нөҥүө оҕо патриотическай тыынын эмиэ уһугуннарыахха сөп.
Итэҕэли толоруу
- Эн санааҕар, дьокутаат буолар туох уратылааҕый уонна туох уустуктардааҕый?
- Дьокутаат буолар уратыта да, уустуга да, үчүгэйэ да элбэх. Норуот итэҕэллээхтэрэ улахан аҥарбыт тустаах үлэбит таһынан, уопсастыбаннай төрүккэ олоҕуран дьокутааттыыбыт. Нэһилиэк, улуус, өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын барылын түстэһэбит, сытыы боппуруостары быһаарсабыт.
Үчүгэйэ диэн элбэх киһини кытта алтыһаҕын, үгүс араас санааны истэҕин, ону ырытан, инники былааҥҥын оҥостоҕун. Норуот итэҕэллээҕэ быыбардааччыларын иннигэр улахан эппиэтинэстээх. Дьокутаат буолан тураҥҥын, хас биирдии киһи этиитин болҕойон истиэхтээххин, тоҕо диэтэргин кинилэр нэһилиэктэригэр, улуустарыгар баар кыһалҕалары туруорсаллар. Онон быыбардааччыларыҥ этиилэрин үрдүкү салалтаҕа туруорсан, тиһэҕэр тириэрдэн, быһаартара сатыахтааххын.
Саха киһитэ бэйэтин иннигэр сыал-сорук туруоруннаҕына, ону ситиһэ сатыыр уратылаах. Холобур, успуорка да ылан көрдөххө, тутатына олимпийскай чөмпүйүөннэр баар буолуохтарын баҕарабыт. Дьиҥэ биһиги ахсааммытынан аҕыйахпыт эрээри оннук улахан баҕалаахпыт. Ити курдук, норуот бэйэтин дьокутаатын иннигэр үрдүк сыаллары туруорар уонна үтүө түмүктэри эрэйэр.
Мин тус бэйэм хас биирдии киһи дьиэ кэргэнин, өрөспүүбүлүкэтин туһугар олоруон баҕарабын. Ол барыта кыраттан, киһи үлэтиттэн, эппиэтинэһиттэн саҕаланар. Холобур, дьиэ кэргэҥҥин иитэн-аһатан, сөптөөхтүк дьаһанан олордоххо ол эмиэ биир кыайыы. Оттон тустаах дуоһунаска, идэҕэр туһалаахтык, таһаарыылаахтык кыайыылаахтык-хотуулаахтык үлэлээтэххинэ, уопсай сайдыы кэлэн иһиэхтээх.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0