“Онтон сарсыҥҥы күммүтүн билиҥҥи, эдэр көлүөнэ инникигэ көрүүтэ быһаарыа. Кини туруута, кыайыылара, олоххо көрүүлэрэ, бөҕөргүүллэригэр араас тургутуулары ааһыылара – Арассыыйа суверенитетын сүрүн мэктиэтэ. Биһиги историябыт салҕаныыта. Ыччат бэлиитикэтин эйгэтигэр үтүө уопуттары түмэргэ этии киллэрбин”, - диэн эттэ кини. Оскуола учууталлара эдэр көлүөнэҕэ үрдүк миссияларын уонна эппиэтинэстэрин, аналларын бу курдук сыаналыылларын дойду бэрэсидьиэнэ аҕынна.
“Биһиги оҕолорбут биир хамаанда быһыытынан бэйэлэрин ылыналларыгар, олоххо бигэ тирэхтээх буолалларыгар настаабынньыктар оруоллара сүҥкэн. 2024 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн оскуола уонна колледж сэбиэтинньиктэригэр, иитиигэ дириэктэрдэригэр 5 тыһ.солк. суумалаах федеральнай төлөбүрү олохтуурга”, - диэн эттэ.
Маны тэҥэ, бэрэсидьиэн садаача туруорбутунан, 100 тыһ. киһиттэн аҕыйах ахсааннаах нэһилиэнньэлээх пууннарга үлэлиир колледжтар уонна техникумнар группаларын куратордара, 2024 сыл кулун тутар 1 күнүттэн кылаас салайыытын иһин икки бүк үрдүк төлөбүрү - 10 тыһ.солк ылыахтара.
Хаартыска: ТАСС
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0