Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -9 oC

Арассыыйаҕа балаҕан ыйын үһүс өрөбүлүгэр ойуур 
хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин күнэ бэлиэтэнэр.
Быйыл бу күн балаҕан ыйын 15 күнүгэр түбэстэ.

Арассыыйаҕа балаҕан ыйын үһүс өрөбүлүгэр ойуур 
хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин күнэ бэлиэтэнэр.
Быйыл бу күн балаҕан ыйын 15 күнүгэр түбэстэ.

Саха Сиригэр ойуур хаһаайыстыбатыгар идэлэригэр 
бэриниилээх, үрдүк таһымнаах исписэлиистэр үлэлииллэр. Бүтэһик сылларга сайын ахсын Саха Сирин бүттүүнэ
ойуур баһаарын утары охсуһууга үлэлиир. Быйыл Хаҥалас, Алдан, Өлүөхүмэ, Абый оройуоннарыгар ойуур баһаардара турар 5 кылаастаах кутталлаах метеорологическай көстүү 
бэлиэтэммитэ.

Абый улууһун Киэҥ Күөл сэлиэнньэтин таһынан ойуур баһаара туран, олохтоохтор эвакуацияланарга күһэллибиттэрэ. Маны тэҥэ Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Кэбээйи, Өлүөхүмэ, Усуйаана, Горнай, Сунтаар, Ленскэй, Томпо, Таатта, Мииринэй оройуоннарыгар күүстээх үлэ барбыта.

141151161

Уоту умуруорууга парашютистар,  ойуур иниспиэктэрдэрэ уо.д.а. салаа үлэһиттэрэ бары күүстэрин ууран үлэлииллэр.

Биир оннук идэлэригэр ураты бэриниилээх, ыарахаттартан чаҕыйбат үлэһиттэрдээх тэрилтэнэн
 “Якутлесресурс” буолар. Бүгүн бу бырааһынньык күнү көрсө, кинилэри кытары билиһиннэрэбит.

“Якутлесресурс” судаарыстыбаннай автономнай тэрилтэ Сахабыт Сиригэр 
ойуур баһаардарын бохсор, уот турбатыгар үлэлиир.

Генеральнай дириэктэр Виктор Викторович Омуков салайыытынан 631 киһи үлэлиир,
олортон 564 ойуур баһаарынайдара.

112233

Өрөспүүбүлүкэбит  21 улууһугар 22 филиаллаах, Дьокуускай куоракка 1 салаалаах. Ойуур баһаардарын утары охсуһарга киэҥ нэлэмэн өрөспүүбүлүкэбит араас муннугар 43 ыстаансыйа баар.

Кинилэр күннээҕи үлэлэрин сүрүн соруга –  күөх суугун тайҕабыт уоттан куттала суох буолуулара, ойуур баһаардарын умуруоруу, ойуур хаһаайыстыбаларыгар араас үлэлэри ыытыы диэн тэрилтэ пресс-киинэ иһитиннэрэр.

Ойуур баһаардарын эрэ кытары охсуһуу буолбакка, бохсууга күүстээх үлэ барар.  Ол иһигэр, тыаҕа туһаныллар суоллары, минерализованнай балаһалары, баһаар быһа барыытын утарсар солооһуннары оҥоруу уонна саҥардыы, баһаары сэрэтэргэ кураанах оту хонтуруоллаан өртөөһүн о.д.а.

77101111

Маны тэҥэ, ойуурга дьон сынньанар сирдэрин тупсараллар, баһаартан куттал суох буолуутугар иһитиннэриилээх истиэндэлэри оҥороллор, сиринэн кэтээн көрүүнү тэрийэллэр.

Ол курдук лесопатологическай чинчийиилэри ыыталлар, айылҕа бэйэтэ чөлүгэр түһэригэр көмөлөһөллөр, тыаны кэрдиини быһаараллар,  туһаныллыбат маһы хомуйаллар, санитарнай соруктаах кэрдиини оҥороллор, аудио-видео роликтары устан дьоҥҥо иһитиннэрэллэр.

Манна даҕатан эттэххэ, “Якутлесресурс” оптонуомунай тэрилтэ СӨ Бырабыыталыстыбатын
уурааҕынан 2007 сыл ахсынньы 25 күнүгэр тэриллибит. Ол кэмҥэ “Саха Өрөспүүбүлүкэтин ойуурдарын инвентаризациялааһын, чөлүгэр түһэрии, харыстааһын уонна көмүскээһин киинэ”
диэн ааттааҕа. Кэлин,  2013 сыл олунньу 19 күнүнээҕи 122-р диэн нүөмэрдээх Бырабыыталыстыба уурааҕынан “Якутлесресурс” диэн ааттаммыт.

88

Галина МАТВЕЕВА

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением