2023 сылга барыта 70 мѳл. маhы олордуу сыала-соруга турар.
Аахсыйа тэрийээччилэринэн ойуур хаhаайыстыбатын Федеральнай агентствота, «Ойуур волонтердара» тэрилтэ буолаллар.
Ойуур суолтата олус улахан. Ойуурга кыыл-кѳтѳр олохсуйар, от-мас, сир аhын арааhа үүнэр, ойуур сииги үчүгэйдик тутар, ѳрүстэр, күѳллэр ууларын уолларбат, почваны алдьаныыттан, бааhынаны тыалтан, буор буурҕалартан харыстыыр, суоллары тибииттэн кѳмүскүүр, салгыны ыраастыыр уонна сири-уоту киэргэтэр.
Бу аахсыйаҕа кыттыhан, Саха Сиригэр сыл аайы уонунан тыhыынча мас олордуллар. Хаhыс да сылын тэрээhиҥҥэ волонтердар кытталлар.
Ойууру чѳлүгэр түhэрии баhаартан эмсэҕэлээбит уонна бырамыысыланнай үлэлэр ыытыллыбыт сирдэригэр тоҕоостоох.
Хаартыска аhаҕас источниктан ылылынна.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0