– Байыаннай иирсээн биитэр байыаннай дьайыы кэмигэр эрэ буолбакка, «байыаннай кэмҥэ мобилизация биитэр байыаннай балаһыанньа кэмнэригэр» байыаннай сулууспаны утары буруйу оҥоруу ыар буруй быһыытынан ааҕыллар.
– «Байыаннай балаһыанньа биитэр байыаннай иирсээн, биитэр байыаннай дьайыы кэмнэригэр» байыаннай бирикээһи толорортон аккаастаныы, хамандыырга утарылаһыы, сулууспалыыр сиртэн күрээһин, дезертирдээһин, сулууспаттан куотунуу, сулууспа быраабылаларын кэһии, байыаннай малы-салы сүтэрии иһин эппиэтинэс күүһүрдүллэр;
– Саппаастан байыаннай хомуурга ыҥырыллан баран кэлбэтэххэ, биитэр сулууспалыыр сири баҕа өттүнэн хааллардахха (күрээтэххэ), хантарааҕынан сулууспалааһын курдук, холуобунай эппиэтинэскэ тардыллар;
– Холуобунай эппиэтинэскэ тардыллар: билиэҥҥэ баҕа өттүнэн бэриннэххэ (3-тэн 10 сылга диэри), мародердаатахха (15 сылга диэри);
– Холуобунай эппиэтинэскэ тардыллар: судаарыстыба оборуонатын сакааһынан түһэрсиллибит хантараак усулуобуйатын иккистээн кэстэххэ – 4 сылтан 8 сылга диэри, сорудаҕы толорботоххо биитэр 5 мөлүйүөн солкуобайтан итэҕэһэ суох суумалаах хоромньуну таһаардахха – 5 сылтан 10 сылга диэри;
– Холуобунай эппиэтинэс киллэриллэр: судаарыстыба оборуонатын сакааһынан хантараагы түһэрсииини иккистээн аккаастаатахха (4 сылтан 8 сылга диэри).
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0