Улуус устуоруйатыгар аан бастаан ыытыллыбыт боруода сүүрүк аттар күрэхтэһиилэригэр Ньурба, Сунтаар, Үөһээ Бүлүү, Нам уонна Таатта улуустарыттан уонна Дьокуускай куораттан барыта 14 боруода ат илин-кэлин түсүһэн, дьон сэҥээриитин ыллылар.
Күрэхтэһии кэмигэр Ньурба улууһун тыатын хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрин бородууксуйата атыыланна, итиэннэ 1 табаны бултуурга лиссиэнсийэ аукциоҥҥа туруорулунна.
Түмүккэ 70 500 солкуобай киирдэ уонна улуустааҕы анал байыаннай эпэрээссийэ пуондатыгар угулунна.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0