Сүрүн дакылааты СӨ Тырааныспарын уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччыта Семен Коркин оҥордо. Кини иһитиннэрбитинэн, Саха Сирин 36 муниципальнай тэриллиилэриттэн 13-һэ Аартыка уустук суоллаах-иистээх ыраах сытар сиригэр киирэр. Хотугу сир уонна Аартыка оройуоннарыгар сыл ахсын олоххо-дьаһахха наадалаах табаардарынан, аһынан-үөлүнэн, оттук ресурсаларынан хааччыйыы соруга сытыытык турар. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр уу суолунан барыта 3 мөл. туонна таһаҕас тиэрдиллэр, ол иһигэр Аартыка оройуоннарыгар - 300 тыһ. туонна.
Миниистири солбуйааччы тырааныспарынан таһаҕас тиэйиигэ баар кыһалҕалары сиһилии сырдатта. Чуолаан, өрүһү дириҥэтэр үлэлэри ыытыыга, флоту, Аартыкаҕа баар көтөр аал пуортарын саҥардыыга, о.д.а. баар үгүс кыһалҕаларга тохтоон ааста. Түмүгэр эһиилги көрүллэр бүддьүөт үбүлээһинин улаатыннарарга санаатын эттэ.
Хотугу таһаҕаһы тиэйии кыһалҕаларыгар наука эйгэтэ эмиэ сүрүн оруоллаах буолара биллэр. ХИФУ ректорын солбуйааччыта Александр Кугаевскай хотугу таһаҕаһы тиэйии тэрээһиннэригэр, технологическай сайдыытыгар, сокуон, нуорма уонна үбүлээһин өттүнэн көрөн ырытта. Бу этиилэргэ сигэнэн, биир тиһик ситим тэриллиэхтээҕин, таһаҕас тиэйиини эрдэттэн былааннаан, сыаналаах табаардары харайар дьаһаллары толкуйдаан, сөптөөх үлэ барыахтааҕын туһунан санатта.
Аартыканы сайыннарыытын миниистирэ Владимир Черноградскай миэстэтигэр тиэрдиллибит хотугу таһаҕас харайар сирэ суоҕун ыйда. Манна ыскылааттар, тустаах тоҥорор камералар, оҕуруот аһын харайар баазалар киирэллэр. Хата, быйыл, 5 эргиэн-логистика киинин тутуутун саҕалаабыттара үөрүүлээх дьыала.
“Якутоптторг” тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Николай Алексеев хотугу таһаҕаһы тиэрдии тутула уонна былааны толоруу олох дьэҥкэ буолуохтааҕын бэлиэтээтэ.
-Бу үлэ кыаллара буоллар, “күөх рейс” кыраапыгын ыйыллыбыт болдьоҕор таһаҕаһы тиэрдии нэһилиэнньэҕэ наадалаах иһитиннэриилэр күн ахсын тахса туруо этилэр, — диир кини.
Владимир Черноградскай кэпсииринэн, Аартыкаҕа ыскылаат суоҕа харгыстары үөскэтэр, ону тэҥэ 1963 сылга тутуллубут сарайдар билиҥҥэ диэри туһаҕа тураллар. Аны туран килиэп буһарар тиэхиньикэ, мал-сал 90 %-ра эргэрэн, хотулар килиэптэн мэлийэр туруктаахтар.
Бу ыраах сытар оройуоннарга кыһыҥҥы суол, кырдьык, “олох суолунан” ааҕыллар. 2013 сыллаахха эмискэ тоҥоруу кэлэн, Индигир өрүскэ кыдьымах киирэн, итиэннэ өрүс уутун таһыма намыһаҕыттан суудуналар хаайтарбыт ыксаллаах түгэнэ баар. Ас-үөл, социальнай суолталаах таһаҕас өрүһүнэн тиэрдиллиэхтээх улуустарга кэмигэр тиийбэккэ, ыксаллаах быһыы-майгы үөскээбитэ. Манан сиэттэрэн, СӨ бырабыыталыстабытын быһаарыытынан, 2014 сыллаахха “Аартыка суоллара” хааһына тэрилтэтэ тэриллибитэ. Бу туһунан тэрилтэ бэрэстэбиитэлэ Николай Попов иһитиннэрдэ.
- Сэттэ сыл устата хааһына тэрилтэтэ билигин кэҥээн 9 оройуону хабар, 8 тыһ. км диэри усталаах суолу оҥорор. Тиэхиньикэнэн хааччыллыы үчүгэй, ол эрээри ирдэбилгэ эппиэттиир каадыр тиийбэт. Билиҥҥи туругунан тэрилтэҕэ 239 тиэхиньикэ баар, үлэһиттэр ахсааннара - 294 киһи. Муус хойутаан туруута кыһыҥҥы суолу арыйыыны тардар, онон кыһыҥҥы суолу туһаныы кэмэ аччыыр, - диэн бэлиэтээтэ Николай Попов.
Сүбэ мунньах дириҥ хорутуулаах буолла. Наука өттүттэн чуолкай чинчийиилэр ирдэнэллэрэ туһаайылынна. Норуот дьокутааттарыттан туһааннаах ыйытыктар уонна этиилэр киирдилэр.Төгүрүк остуол туһунан сиһилии хаһыат кэлэр нэдиэлэтээҕи нүөмэргэ бэчээттэниэҕэ.
- 1
- 0
- 0
- 1
- 0
- 0