Өрөмүөн үлэтин “Автодор РИК” ХЭУо салайан ыытар. Уопсайа 195 остуолба, 146 суол бэлиэтэ уонна 1722 погуоннай миэтэрэ суол хаххата турда. Билигин өрөмүөн түмүктүүр түһүмэҕэ ыытыллар.
Былырыын, ол эбэтэр 2024 сыллаахха, бу суол 148-тан 155-с килэмиэтиргэ баар учаастагын өрөмүөннээбиттэрэ. Бу үлэ “Куттала суох хаачыстыбалаах суоллар” национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллыбыта.
"Амма олоҕо" эрэдээксийэ хаартыската.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0















