Пахомов ааҕыыларын туһунан киэҥник сиһилии кэлэргэ сырдатыахпыт. Оттон бүгүн кылгастык билиһиннэрдэххэ, НПК санитарнай ирдэбилинэн онлайн ыытыллыбыт. Видео-матырыйаалларын муус устар 1 күнүгэр диэри 17 улуустан 115 үөрэнээччи уонна 70 педагог ыыппыт. Ол аата барыта 185 киһи кыттыбыт.
Лауреаттары наҕараадалааһын Тиэлиги орто оскуолатыгар биир дойдулаахтара, экэнэмиичэскэй наука дуоктара, Арассыыйа наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаатын федеральнай чинчийэр киинин сүрүн үлэһитэ, эспиэрэ, СО РАН экэнэмиичэскэй наукаларга холбоһуктаах учуонай сэбиэтин чилиэнэ, Арассыыйа естественнэй наукаларын академиятын академига, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Мэҥэ Хаҥалас бочуоттаах гражданина, мецената уонна попечителэ Александр Алексеевич Пахомов аатын иҥэрии үөрүүлээх тэрээһинигэр сөп түбэһиннэрэн ыытылынна.
Кыайыылаах үөрэнээччилэргэ 5000, бастакы степеннээх дипломаннарга 3000, иккистээбиттэргэ 2000, үһүстээбиттэргэ 1000, оттон учууталларга 10 000, 7000, 5000, 3000 солкуобай суумалаах сэртипикээттэри туттардылар.
Улахан учуонай, бөдөҥ салайааччы А.А.Пахомов үлэлээбит эйгэлэринэн ааҕыылар секциялара араарыллыбыттар.
«Александр Алексеевич Пахомов олоҕо, уопсастыбаннай, судаарыстыбаннай уонна научнай үлэтэ” салааҕа лауреатынан Тиэлиги VIII кылааһын үөрэнээччитэ Анжела Александрова буолла. Киниэхэ наҕараадатын, итиэннэ оскуолаҕа көмпүүтэр ылалларыгар туоһу суругу Үүнэр көлүөнэлэр пуондаларын генеральнай дириэктэрэ Владимир Анатольевич Егоров туттарда.
Бу секцияҕа I степеннээх дипломант -- Альбина Бурнашева уонна Ольга Христофорова (Табаҕа, Мэҥэ Хаҥалас, VIII кылаас) иккис -- Майя Федорова (Ороссолуода, Мэҥэ Хаҥалас, XI кылаас), үһүс -- Алина Михайлова (Кириэстээх, Сунтаар, Х кылаас).
“Саха сирин экэниэмикэтэ” салааҕа Майа VIII кылааһын үөрэнээччитэ Максим Корякин бөһүөлэгэр бассейн оҥорор бырайыагынан лауреаттаата.
- Мэҥэ Хаҥалас дьокутааттарын улуустааҕы сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Павел Данилович Сазонов наҕараадалыыр.
Дипломаннар: I -- Михаил Слепцов (Майа, Мэҥэ Хаҥалас, VIII кылаас, “Кэрэли'" эбии үөрэхтээһин киинэ). II -- Андрей Владимиров (Табаҕа, Мэҥэ Хаҥалас), Ш -- Зоя Петрова (Горнай, Л.Е.Лукина аатынан эбии үөрэхтээһинин киинэ, Х кылаас).
«Естественнэй наукалар: Экология. Чөл олох. ОБЖ» секцияҕа лауреат -- уу састаабын чинчийбит Павел Слободчиков (Павловской , Мэҥэ Хаҥалас, Х кылаас). Кинини СӨ Экологияҕа министиэристибэтин уу сыһыаннаһыыларыгар уонна нэһилиэнньэни экологическай сырдатыыга департаменын сүрүн исписэлииһэ Ньургуйаана Сергеевна Гуринова, СӨ Дьахталларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Анжелика Егоровна Андреева, ХИФУ наукаҕа проректора Юрий Георгиевич Данилов тахсан эҕэрдэлээтилэр.
I степеннээх дипломант -- Ювеналия Иванова (Дьокуускай 7-с №-дээх оскуолатын IX кылааһа), II таһымнаах-- Саина Маркова ( Майа, Мэҥэ Хаҥалас, IX кылаас), III -- Тамара Сидорова (Горнай, Л.Е.Лукина аатынан эбии үөрэхтээһинин киинэ, Х кылаас).
«Тыа хаһаайыстыбатын наукалара» хайысхаҕа Бүлүү Бороҕонуттан IX кылаас үөрэнээччилэрэ Вячеслав Бусель уонна Руслан Гаврильев лауреаттаатылар. Кинилэр видео-сибээс көмөтүнэн хортуоппуйу сиэмэнэн үүннэрии туһунан кэпсээтилэр. Уолаттары АГУТУ ректорын э.т. Константин Константинович Кривошапкин наҕараадалатылар.
Дипломаннар: бастакы кэрдиискэ -- Намина Говорова (Балыктаах, Мэҥэ Хаҥалас, IX кылаас) . Иккискэ -- Эвелина Яковлева (Бүлүү Бороҕоно, VIII кылаас), үһүс -- Дмитрий Исаков (Тиэлиги, Мэҥэ Хаҥалас, IX кылаас).
«Историческай наукалар. Саха сирин хомсомуола» салааҕа Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр өстөөх концентрационнай лааҕырдарыгар түбэспит мэҥэлэри иродэспит Айсен Лонгинов (Моорук, Мэҥэ Хаҥалас, VII кылаас) кыайыылаах буолла.
Айсеҥҥа наҕараадатын “Арассыыйа – мин историям” мультимедийнай- историческай паарка дириэктэрэ Дмитрий Иванович Соловьёв уонна РФ ыксаллаах быһыыга-майгыга бэтэрээнэ Юрий Александрович Ненашев туттардылар.
Дипломаннар: I -- Анастасия Гаврильева уонна Олеся Баишева (Төҥүлү, Мэҥэ Хаҥалас), II -- Нарыйаана Попова ( Ороссолуода, Мэҥэ Хаҥалас, VIII кылаас), Ш -- Карина Сыромятникова (Кириэс Халдьаайы, Томпо, XI кылаас).
Учууталларга
«Агротехнологическай үөрэхтээһин» секциятыгар Мэҥэ Хаҥалас Балыктааҕын учуутала Яна Ильинична Габышева биология уруогун сүнньүнэн дьарыгы оскуола оҕуруотугар ыытар туһунан үлэтэ лауреаттаата.Докуускайдааҕы атыы-эргиэн экэнэмиичэскэй кэллиэһин дириэктэрин э.т. Егор Егорович Неустроев наҕараадалаата.
Дипломаннар. Бастакы таһымнаах -- Захарова Надежда Александровна (Аллараа Бэстээх оскуолатын куруһуогун салайааччыта, Мэҥэ Хаҥалас), II -- Попова Ульяна Валерьевна (Ньурба улууһун Сүлэ оскуолатын учуутала) III – Слепцова Мария Семеновна уонна Черепанова Светлана Семеновна (Эбээн Бытантай улууһун Кустуур оскуолата).
«Политехническай үөрэхтээһин” лауреата -- Мэҥэ Хаҥалас үөрэтэр-оҥорон таһаарар киинэ (дириэктэр Н.П.Тарасов). Бу киин педагогтара, кванториум курдук, оҕолорго аналлаах “FabLab” диэн инженернэй-техническэй лаборатария-фабриканы үлэлэтэн саҕалаабыттар. Уһуйааччыларга наҕараадаларын Дьокуускайга олорор сунтаардар түмсүүлэрин толорооччу дириэктэрэ Владимир Иннокентьевич Лазарев, орто анал үөрэхтээһин бэтэрээнэ Юрий Петрович Сивцев туттардылар.
I степеннээх дипломант -- Онопров Игорь Васильвеич(Мэҥэ Хаҥалас үөрэтэр -оҥорон таһаарар киинэ) II -- Иванова Светлана Михайловна (Тиэлиги),Трофимова Лилия Германовна (Дьокуускайдааҕы гуманитарный колледж), III -- Николаева Дария Ефимовна (Амма улууһн Чакыра)
«Педагогическай технологиялар: дьиэ кэргэн уонна оҕону иитии». Бу салааҕа Мэҥэ Хаҥалас Бэдьимэтигэр “Дьөһүөл” диэн бырайыагынан кэнчээри ыччаты иитии туһунан дакылааттаах Попова Екатерина Николаевна лауреаттаата.
Кириэс Халдьаайы оскуолатын 1974 сыллаахха бүтэрбиттэр түмсүүлэрин бэрэсидьиэнэ Ефимов Прокопий Прокопьевич туттарар.
I степеннээх дипломант -- С.В. Колосова уонна бырайаык салааччытата Билюкина Марианна Юрьевна ("Кэрэли" эбии үөрэхтээһин киинэ, Мэҥэ Хаҥалас), II -- Попова Марфа Прокопьевна (Баатара «Кэскил» оҕо саада, Мэҥэ Хаҥалас), III – Раиса Иосифовна Стручкова (Амма улууһун Сулҕаччыта).
“Профориентационнай үлэ” секцияҕа Бүлүү Г.С.Донской аатынан 2-с №-дээх осколатын айар бөлөҕө. Кинилэр видео-сибээс нөҥүө выпускниктара, кылгас эрээри, чаҕылхай олоҕу олорбут Андрей Слепцов научнай-чинчийэр үлэ сайдыытыгар оруолун туһунан кэпсээтилэр. Наҕараадаларын СӨ Суруналыыстарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Галина Алексеевна Бочкарева уонна Мэҥэ Хаҥалас диспетчерскэй сулууспатын начаалынньыга Матчитов Егор Николаевич эҕэрдэлэтилэр.
I степеннээх дипломант -- Петрова Кэскилээнэ Николаевна ( Майатааҕы үөрэтэр-оҥорон таһаарар киин), иккис -- Бубякина Февронья Григорьевна уонна Дьячкова Нарыйа Алексеевна (Ньурба 2-с №-дээх оскуолата), үһүс -- Герасимова Александра Дмитриевна (Уус Алдан Хоноҕор оскуолата) .
Пахомов ааҕыылара бары өттүнэн үрдүк таһымнаахтык барда. Бирииһэ да бэртээхэй. Дэлэҕэ “Инникигэ хардыы” киинин салайааччыта, биологическай наукалар дуоктара Михаил Черосов: “Бириэмийэлэрэ ханнык да НПК-тааҕар улахан. Онон кэлэр сырыыга букатын элбэх киһи кыттыа диэн сэрэйэбин”, -- диэн бэлиэтээн этиэ үһү дуо?.
Бу кэмпириэнсийэни үс сылга биирдэ ыытар гына быһаарбыттар. Ол аата кэлэр ааҕыылар 2024 сылга буолаллар. Онуоха диэри Тиэлиги саҥа оскуола дьиэлэнэригэр баҕарабыт.
Ити күн өссө, эппиппит курдук, Тиэлигигэ аҕалар өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиилэрэ тэҥинэн буолбута.
Кыайыылаахтар -- Чурапчы Сылаҥыттан Семен Семенович уонна уола Владислав Макаровтар. СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэ туруорбут квадрациклынан наҕараадаланнылар. Иккис -- Таатта улууһуттан Петр Романович, Арсен Чупровтар, үһүс -- Яков Николаевич, Михаил Кривошапкиннар (Чурапчы).
Манна даҕатан эттэххэ, бу күрэхтэһиини аан бастаан Александр Алексеевич Пахомов СӨ Дьиэ кэргэн дьыалаларыгар кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ эрдэҕинэ 2000 сыллаахха тэрийбитэ. Түстээбит куонкуруһа, саҕалаабыт бачыыма оруобуна оскуолаҕа аата иҥэриллэр күнүгэр төрөөбүт Тиэлигитигэр ыытыллыбыта эмиэ ураты суолталаах, икки бүк үөрүүлээх.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0