Бырагырааманы оҥорууга баһылык Е.А. Иванов быһаччы сорук туруорбута. Нэһилиэк дьаьалтата биир сүрүн стратегическай сыалынан - нэһилиэккэ ыччаты олохсутууну, төрүүр оҕо ахсаана элбиирин ситиһии буолар.
Бүгүҥҥү күҥҥэ бу былаантан туох туолла?
Нэһилиэккэ саҥа дьиэни туттуу элбээн эрэр. Ол курдук, билигин биэс саҥа дьиэ тутулла турар. Дьиэ туттаары матырыйаал бэлэмнэммит хас да эдэр ыаллар бааллар. Бырагыраама чэрчитинэн дьиэ туттар эдэр ыалга олохтоох дьаһалта 100 000 солкуобайдаах материальнай көмө оҥорор. Сорох эдэр ыаллар дьиэ холлоҕоһун туттан бүттүлэр да, бу көмөнү ылар кыахтаахтар.
Тылгыны баһылыгын солбуйааччы Христина Васильева этэринэн: «Билиҥҥи туругунан, атын сирдэргэ олорор биир дойдулаахтарбытыттан нэһилиэкпитигэр дьиэ туттаары түөрт киһи уһаайба сирэ көрдөөн, сайабылыанньа киллэрдилэр. Дьаһалта бу бырагыраама нэһилиэкпит сайдыытыгар биир сүрүн суолталаах тэрээһин буолара биһирэннэ уонна саарбаҕа суох салгыы үлэлиэҕэ диэн бэлиэтиибит. Инникитин эдэр исписэлиистэргэ анаан толору хааччыллыылаах дьиэлэри тутууга үлэни ыытар былааннаахпыт».
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0