Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -21 oC

Сахалар өйдөбүллэринэн, отох эрэ киһи отутугар өйдөнөөхтүүр. Оттон тахсыахтаах-үүнүөхтээх киһи букатын эдэриттэн айан-тутан, үлэлээн-хамнаан, олоҕу сайыннарарга, тупсарарга туруулаһан барар.

Сахалар өйдөбүллэринэн, отох эрэ киһи отутугар өйдөнөөхтүүр. Оттон тахсыахтаах-үүнүөхтээх киһи букатын эдэриттэн айан-тутан, үлэлээн-хамнаан, олоҕу сайыннарарга, тупсарарга туруулаһан барар.

Нууччалар: “Мудрость приходит с возрастом”. – диир эбит буоллахтарына, биһиги өбүгэлэрбит, эмиэ дьэбириэйдэр курдук, мындыр, муударай киһи оҕо эрдэҕиттэн өркөн өйдөөҕүн, сылык-сынык санаалардааҕын, төрүөҕүттэн тобуллаҕас толкуйдааҕын, ийэ өйүгэр тирэҕирэн, ырааҕы ырыҥалыыр дьоҕурдааҕын остуоруйаларыгар да, олоҥхолоругар да элбэхтэ бэлиэтииллэр.

Аныгы үйэҕэ мындыр ыччаппыт, судаарыстыбаҕа сэлээннэммэккэ, төрөппүккэ найыламмакка, кимтэн да тугу да көрдөһө-эрэйэ сатаабакка, бэйэ дьыалатын тэринэ охсон, биисинэстэрин сайыннаран, дойдуларыгар туһалыы сылдьалларын хайгыы, астына көрөбүт.

Оннук ситиһиилээх эдэр урбаанньыттартан биирдэстэрэ Петр БУРНАШЕВ буолар. 

 7b75838a 9d1a 4ee9 b34a 38fea48334fc

Кини бэйэтэ этэринэн, аҕыйах сыллааҕыта “бартыбыаллаах, онтон атын туга да суох” эдэр исписэлиис эбит. Оттон билигин Петр Иванович өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр “СУ-77” тэрилтэни үүннүүр-тэһиинниир салайааччы. Кини бу хааччахтаммыт эппиэтинэстээх уопсастыбаны 2012 сыллаахха табаарыһа Константин Саввиновтыын төрүттээбиттэр.

Улааппыт эйгэ сабыдыала

   Кыайыыга кынаттыыр, ситиһиигэ сирдиир үтүө өрүттэр киһиэхэ биирдэ баар буола түспэттэр, биитэр ханнык эрэ коуч дьарыгар сылдьыбыттан үөскээн кэлбэттэр. Онно ирдэнэр хаачыстыбалар сыыйа олоҕураллар, оҕо саастан укулааттара ууруллар.

Петр майгыта-сигилитэ хатырыллыытыгар улааппыт эйгэтэ улаханнык сабыдыаллаабыт. Алта саастан бырдахха-оҥоойукка сиэтэ-сиэтэ, күн уотугар буһа-хата оттуур, бээ, туһугар эмиэ тулуурдаах буоларга уһуйар уруок буоллаҕа эбээт. Оттон бастакы куһун өлөрбүт үөрүүтэ -- саа-саадах тутуурдаах, булар-талар аналлаах, байанайдаах эр бэрдэ буоларга туһаайдаҕа. Аны, алааска балаакканан хоно сытан, сарсыарда күн тахсыытын бастаан кэрэхсии көрбүт түгэнэ – Сахатын сирин айылҕатыгар тардыһар көстүбэт ситимин түстээтэҕэ, төрөөбүт дойдуга сөҕүрүйбэт тапталы сахтаҕа.

4ac842c2 d7fe 4ba5 9d11 15ffa0a2038e

Ол патриоттуу өйүн-санаатын Мүрү “Уолан” гимназията өссө күүһүрдэн биэрбит.

-- Начаалынай кылааһы төрөөбүт Найахыбар бүтэрбитим. Онтон оройуон киинигэр көһөн киирбиппит. Ийэм Анна Афанасьевна сааһын тухары буҕаалтыр – киниттэн суоттуур-учуоттуур сатабылы ылыммыппын. Аҕам Иван Петрович эр киһи сатыахтааҕар барытыгар уһуйбута, күн бүгүнүгэр диэри сүбэһитим-амаһытым.

 “Уолан” гимназияҕа уолаттары “эн -- норуот кэскилэҕин, өрөспүүблүкэ эрэлэҕин” диэн өйгө-санааҕа иитэллэр: дойдуҥ, омугуҥ иннигэр эппиэтинэстээххин, сарсыҥҥытын салайсар эбээһинэстээххин өйдүү-билэ улаатаҕын. Ол иһин биһиги кылаастан билигин бас-көс киһибит үгүс. Холобура, Олох-дьаһах, хомунаалынай хаһаайыстыба уонна энэргиэтикэ миниистирэ Вячеслав Емельянов. Бары да үөрэххэ-үтүөҕэ баҕалаах буоламмыт, бастыҥ буоларга дьулуһарбыт. Ол бэрт былдьаһыы диэн буолбатах, көннөрү “здоровая конкуренция” дэнэр. Күн бүгүнүгэр диэри ити күрэстэһэр сигилибит биһигини үрдүккэ күөртүүр: бэйэ-бэйэбитин көрөн, ардыгар үтүктэн даҕаны, сороҕор ордук да буолаары, өссө саҥа кирбиилэри ыларга талаһабыт. Ол гынан баран, үйэлээх доҕордоһуубут онтон алларыйбат, төттөрүтүн ситиммит өссө күүһүрэр: чыпчааллары сиэттиспитинэн дабайабыт, ыарахан түгэннэргэ бэйэ-бэйэбитин өйөһөбүт, көмө-тирэх буолабыт. 

Петр оскуолатын дириэктэрэ Валентин Иванович Филипповы олус истиҥник ахтар. Эр киһи тылыгар булгуччу туруохтааҕын, эрэннэрбитин толоруохтааҕын киниттэн көрөн үөрэммиттэрин бэлиэтиир: “Чахчы, лиидэрдии хаачыстыбалаах киһи. Көстөр дьүһүннүүн бөдөҥө-садаҥа. Төһө да гимназия билии биһигэ буоллар, кини көҕүлээһининэн, спорду эмиэ өрө тутарбыт”.

b6d50cc4 6df6 47b3 b213 6a6e4b9e4c71

Ол курдук, Петр оскуолатын чиэһин сүүрүүгэ, мас тардыһыытыгар, футболга, хапсаҕайга элбэхтэ көмүскээбит.

-- Устудьуоннуур сылларбар спорпун быраҕа сылдьыбытым. Киинэ уонна тэлэбиидэнньэ Санкт-Петербурдааҕы институтугар уһуйуллубутум-- култуура эйгэтигэр үлэлиир экэнэмиис-менеджер идэтигэр. Ити 2001-2005 сылларга. Билигин биллэр режиссердар Константин Барашков, Александр Лукин, Семен Аманатов буолан бары биир кэмҥэ үөрэммиппит. Айар эйгэни кытта алтыспытым үлэбэр айымньылаахтык, этэргэ дылы, креативнайдык сыһыаннаһарга көмөлөһөр. Холобура, кутуу суоллар кэннилэртэн аспаалы тэлгиир интэриэһинэйэ сүрдээх этэ (күлэр). Көр, оннооҕор итинник олох-дьаһах көннөрү көстүүлэригэр кэрэхсэбиллээҕи көрө сатыыбын. Уопсайынан, миэхэ үлэ төлөбүрүнээҕэр уонна түмүгүнээҕэр оҥоһуллар бырассыаһа быдан умсугутуулаах. Бэйэбэр саҥаны арыйартан дуоһуйууну ылабын.

821be55c 8dea 4b2c ad3d fd448c30c9a4

Сайдыы хорук тымыра -- суол

  Петр үөрэҕин бүтэрээт, төрөөбүт Найахытыгар нэһилиэк баһылыгын солбуйааччынан үлэлээбит.

--Салайар үлэ ымпыгар-чымпыгар таайым Василий Афанасьевич Гоголев элбэх сүбэни биэрбитэ. Ол эрээри мин дьон-сэргэ болҕомтотугар сылдьарбын сөбүлээбэппин, “публичнай” киһи буолбатахпын диэххэ сөп, онон уһаабакка, улуус дьаһалтатыгар көспүтүм, хааһына-бүддьүөт салаатын исписэлииһэ буолбутум. Дьэ, манна, хата, “госзакупка” бырагырааматын, тендергэ кыттыыны, 94-с федеральнай сокуону эҥин барытын үчүгэйдик билбитим. Онтон кэллиэгэм Константин Саввиновтыын сүбэлэһэн баран, бэйэбит туспа ити хайысханан үлэлииргэ быһаарыммыппыт, чааһынай тэрилтэ тэриммиппит. Ол иннинэ бородуукта маҕаһыыннаах этим, онон урбаан эйгэтигэр син сыһыаннаах соҕуһум.

Бастаан балыыһаны уонна дьыссааты оҕо аһылыгынан хааччыйар этибит. Ол эрээри аҥаардас “закупканан” ырааппаппытын өйдөөн, сайдыы төрдө суолга баарын билинэн, харса суох дьиэ, суол тутуутугар киирсибиппит. Тиэхиньикэбит да суох буоллар, эбийиэктэри ылан барбыппыт. Дүпсүн-Бээди суолугар 5 килэмиэтири 2 сылы быһа “ньаҕайданан” оҥорбуппутун өйдүүбүн. Технологиятын оччолорго сатаабат буоллахпыт дии. Карьер да боппуруоһа уустуга.

 Дьэ, ол бастакы барыспытын мээнэ бараабакка, тута экскаватор ылыммыппыт. Оннук хас сырыы ахсын атыылаһан, билигин тэрилтэбитигэр 4 грейдер, 4 экскаватор, 4 бульдозер, 2 погрузчик баар, ону таһынан аспаал оҥорор собуоттаахпыт. Бу күһүн Нам улууһугар Модуттан Хатарыкка диэри аспаал тэлгэтэн бүттүбүт. Уопсайынан. тоҕус сыл иһигэр син балайда суолу өрөмүөннээтибит: Бороҕонтон Найахыга диэри, Бөрөлөөххө -- 18 км, Тандаҕа -- 10 км, Маттаҕа -- 10 км, Чурапчыттан Сылаҥҥа, Кытаанахха диэри, Хадаарга -- 12 км, Мэҥэ Хаҥалас Хорообутун суолун, о.д.а.. Нам Аппаанытыгар 450 уһаайбалаах “Озерный” кыбаартал уулуссаларын барытын, сырдатыытыгар тиийэ оҥорбуппут.

778f5597 d9f2 4f6f 830b b7fc1d9b80fd

  Сезоҥҥа 200 киһи үлэлээн ааһар. Олохтоох дьону ылабыт. Идэтийбит каадыр тиийбэт кыһалҕата баар: инженердэр, маастардар, геодезистар уо.д.а. Саха ыччата улахан анал тиэхиньикэлэри ыытарга үөрэниэн наада эбит. Бэйэм кэтэхтэн ХИФУ автодорожнай факультетыгар билиибин хаҥата сылдьабын, иккис кууруспун.

Саха сиригэр суолу оҥоруу саҥа сайдан эрэр. Онуоха улахан сабыдыалы чуваштар “Дорисс” тэрилтэлэрэ оҥордо. Бастаан кэлбиттэригэр, биһигиттэн олох үрдүк таһым этэ. Хайдах үлэлиир ньымаларын көрөн, элбэх уопуту иҥэриммиппит. Бу салааҕа сахалары сайыннарбыттарын билиниэх кэриҥнээхпит. 

Биһиги муниципальнай суоллары эрэ оҥорорбут, билигин өрөспүүбүлүкэтээҕи суолталаахтары ылыстыбыт, аны федеральнай трассаҕа дураһыйабыт. Кэлиҥҥи кэмҥэ национальный бырайыагынан үп көрүллэр эрээри, болдьоҕо ыгыма бэрт, ирбэт тоҥноох, кылгас сайыннаах Саха сиригэр табыгаһа суох усулуобуйалаах, онон моһуоктаах соҕус.

Туох да диэбит иһин, суол-иис сыыйа тупсан иһэр. Саха сирэ наһаа киэҥ буоллаҕа дии, быһа холоон, 13 Великобритания киирэр иэннээх. Ол суолун барытын оҥоруохха диэтэххэ, үтүмэн үп, хас эмэ сыл наада. Ол иһин омук дойдуларын, биһиги биир улууспут саҕа судаарыстыбалары кытта тэҥниир оруна суох. Килиимэппит, айылҕабыт да атын. Ол гынан баран, санааны түһэрэр сыыһа, маннык тэтиминэн бардахха, сотору барыта үчүгэй буолуо. Холобура, Чурапчыга диэри аспаал буолан эрэр буолбаат?

“СУ-77” тэрилтэ аҥаардас суолу оҥоруунан эрэ муҥурдаммат, улахан эбийиэктэри тутуунан эмиэ дьарыгырар. Петр Иванович хас да салааны тэҥинэн тутар ордугун тоһоҕолоон этэр. “Биирэ эстэр түгэнигэр, иккиһэ хаалар буоллаҕа эбээт”, -- диир.

7fac8f88 6e14 4e20 a22e 7de6e83896ca

Мин соһуйа үөрбүтүм диэн, Петрдаах Константин хаһыс да сылларын биир тэрилтэни иккиэн эйэ дэмнээхтик салайа сылдьалларын. Биисинэс эйгэтигэр бу сэдэх көстүү. Оннооҕор кыра маҕаһыыны кыттыһан тэринэн баран, аҕыйах кэминэн ар-бур дэспит, атырдьах салаатыныы арахсыбыт буолаллар. “Бу бэриниилээх партнерство кистэлэҥэ туохханый?” – диэн ыйытабын. Онуоха Петр: “Ол үксүн үптэрин үллэстииттэн кыыһырсаллар. Ким эрэ уоран сиэбититтэн, уорбалаһартан эҥин. Чиэһинэй, аһаҕас буолуохха, бэйэ-бэйэҕэ эрэниэххэ наада”, -- диир.

Тыынын таһаарар дьарыга

 Соторутааҕыта Петр Бурнашев Турция Стамбул куоратыгар ыытыллыбыт мас-рестлинг Европатааҕы чөмпүйэнээтигэр 70 кг ыйааһыннаахтарга иккис буолла.

--2014 сыллаахха миигин Уус Алдан мас тардыһыытын федерациятын бэрэссэдээтэлинэн анаабыттара. Оччолорго фанат-тириэньэрдэр П.Н.Перевалов, И.С.Готовцев биирдиилээн оҕолору бэйэлэрин баҕаларын эрчийэр этилэр.  Онон бастакы сорукпут диэн, бу көрүҥү улууска маассабай оҥоруу этэ. Оскуолаларга сиэксийэлэри аһан үлэлэтэллэрин туруорсубуппут, ону көҕүлүүр күрэхтэһиилэри ыытарбыт. Ол түмүгэр хас да чөмпүйүөн кылгас кэм иһигэр уһаарыллан таҕыста: Слепцов Сережа, Онуфриев Сема –өрөспүүбүлүкэҕэ, Айсен Атастыров -- Манчаары оонньууларыгар,  Дима Попов – норуоттар икки ардыларынааҕы түһүлгэҕэ бастаабыттара. Мас тардыһыыта улууспутугар билигин инники күөҥҥэ сылдьар буолла. Бастакы Өспөххө, Кэптэнигэ Бороҕоннооҕу ДЮСШ филиаллара аһыллыбыттара.

61834cbf 57b9 4d87 b5b0 1c215c1a0de4

Петр мас тардыһыытыгар бэйэтэ спортсмен быһыытынан төннүүтэ эмиэ соһуччу эбит. 2015 с. Уус Алдан мадьыныларын Үөһээ Бүлүү Ороһутугар Александр Кузнецов кэриэһигэр ыытыллар турнирга илдьибит. Кыттааччы аҕыйах буолан, холонон көрөргө санаммыт. Туох да бэлэмэ суох диэтэххэ, куһаҕана суохтук киирсибитин билинэн: “Мин да син барсыыһык эбиппин” – диэн түмүккэ кэлэр. Эттэ да этириэс эр бэрдэ, ылсыбыт дьыалатын тиһэҕэр тиэрдэр үгэһинэн, ол күнтэн ыла утумнаахтык дьарыктанан саҕалыыр. “Модуҥҥа” Н.Э. Константиновка эрчиллэр, ыраахтан И.Н. Готовцев такайар. Төһө да улахан биисинэстээҕин үрдүнэн, быыс-арыт булан, нэдиэлэ аайы 2-3 дьарыктанан, кылгас кэм иһигэр ситиһии бөҕөлөннө: 2017, 2019 сылларга Москваҕа аатырбыт тустуук, мас-рестлинг сайдыытыгар сүҥкэн өҥөлөөх Роман Дмитриев кэриэһигэр ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэхтэһиигэ иккис-үһүс, 2020 с. Нальчикка Арассыыйа чөмпүйэнээтигэр бастакы миэстэ буолбут. Онон маастар нуорматын толорбут.

--Үлэбит ымпыга-чымпыга, сүпсүлгэнэ үгүс буоллаҕа дии. Онтон аралдьыйаары, тыыммын таһаараары диэххэ, спордунан дьарыктанабын. Төһө да хойутаан спортивнай карьерабын саҕалаатарбын, “международник” буолары ситистим. Билигин Саха сиригэр мас тардыһыытын федерациятын вице-бэрэсидьиэнэбин. Омук сиригэр бу национальнай көрүҥү олус сэҥээрэллэр. Аан дойдуга тарҕаныытыгар көдьүүстээх үлэ ыытыллан, сир-сир аайы батыһааччы элбээн иһэрэ үөрдэр.

24eed2d4 d9ce 4b25 92ff 88c20563b249

Үчүгэй уоллаах буоланнар...

Урбаан да, спорт да эйгэлэригэр ситиһиитин төрүөтүн Петр судургутук быһаарар: “Ньоҕойдоһон кыайабын. Сөбүлүүр-сөбүлээбэт, сатыыр-сатаабат да буоллахпына, ылсыбыппын ыһыктыбакка, тиһэҕэр тиэрдэн баран тэйэбин. Кылаабынайа, күҥҥүн эрдэттэн былаанныаххын наада. Атыҥҥа аралдьыйбакка, чопчу ону тутустаххына, барытын син ситиһэҕин”, -- диэн.

Петр федерациятыгар даҕаны, дойдутугар да элбэх көмөнү оҥорор. Сэмэйэ бэрт буолан, ону ыһа-тоҕо кэпсии сылдьыбат. Арай найахылартан иһиттэххэ, холобура, аҕам саастаахтар түмсэллэригэр анаан балаҕан туттарбыт үһү. Биир дойдулаахтара: “Үчүгэй уоллаах буоламмыт, Найахыбыт суола остуол ньуурунуу көнө”, -- диэн астына ахталлар.

92703976 ddad 4610 a455 d3c9fdbbf9fd

Төрөөбүт түөлбэтигэр маннык кыһаллар ыччаттарын Найахы, Баатаҕай, Өспөх нэһилиэктэрин ааттарыттан улуус дьокутаатынан талбыттар. 

--Бэйэни, биисинэһи сайыннарыы кистэлэҥэр уһуйар ол-бу араас үөрэхтэригэр сылдьыбаппын, оннукка туһуламмыт мотивационнай кинигэлэри сэҥээрбэппин. Киһи барытын бэйэтэ толкуйдаан таһаарыахтаах: арыт сыыһатыгар үөрэнэн, арыт сэрэйэр дьоҕуругар эрэнэн. Сүрүнэ, сүрэхтээх буолуохха наада. Былааһы, систиэмэни, “биир ньыгыллары” саҥараллар даҕаны, кырдьыгынан эттэххэ, олохпут таһыма 2000 сыллартан ыла биллэ тубуста. Ол иһин Путин бэлиитикэтин сирбэппин. Уопсайынан, үлэлиир киһи үчүгэйдик олорор үйэтэ үүннэ. Сахалар арыый да улуутумсуйар соҕус омукпут: “Биһиги эрэ”, -- диэн киэптиибит. Оттон атыттары үөҕүөхпүтүн да сөп. Холобура, чугаһынан ылан эттэххэ, манна үлэлии кэлбит кавказтары, кытайдары. Дьиҥэр, олортон үтүө өрүттэрин бэйэбитигэр иҥэриниэхтээхпит – “хара үлэ”, “кыра хамнас” диэн мыыммакка, сэнээбэккэ, үлэ эрэ буоллун, барытыгар ылсан иһэр үчүгэй хаачыстыбаларын. Баҕар, аҕыйахпыт бэрт буолан, бэйэбитин өрө тутарбыт – көмүскэниибит биир көстүүтэ буолуо... Аны, дьиэттэн-уоттан наһаа тутуллар дьоммут. Саха уолаттарын үлэлэтэрбитигэр итинтэн эрэйдэнээччибит: сайын оттуу баран хаалаллар, саас кустуу сүтэллэр, о.д.а. Үйэ-саас тухары тыыннаах хаалар иһин охсуспут омук буоламмыт, оту-маһы, булду-алты кыайа туттубут да, онон сөп буолан, дуоһуйан хаалар эбиппит. Ити олоҕурбут өйбүт-санаабыт биһигини хааччахтыыр. Ол эрээри саҥаны, сонуну, үөрэҕи түргэнник ылынабыт. 100 сыллааҕыта балаҕаҥҥа олорбут норуот диэтэххэ, балысханнык сайынныбыт. Өссө биир бэлиэтиирим диэн, бэйэ-бэйэбитин аллара тарда сатыыр адьынаттаахпыт. Ханнык да омук дойдутун баһылыгын биһиги курдук сиилээбэт ээ. Өскө таллыбыт – өйүөхтээхпит. Утарылаһа сырыттахпытына, туох үлэтэ тахсыай? Онон Ил Дархаммыт тула түмсүөхпүтүн наада – кэскилбит туһугар!

b1d2a484 6aa4 481c af85 e999cbbbe39e

Дьэ, бу – ийэ өйүгэр тирэҕирэр, ырааҕы саныыр, оруннаахтык толкуйдуур мындыр киһи тыллара. Киниттэн мин: “Билигин бары соҕуруу көһө сатыыллар дии, эн оҕолоргун сылаас сиргэ улаатыннарар туһуттан онно олохсуйа барыаҥ этэ дуо?” — диэн ыйытабын кэпсэтиибит түмүгэр. Онуоха Петр: “Суох. Питергэ үөрэнэ сылдьан өйдөөбүтүм – төрөөбүт түөлбэҕиттэн ураты үчүгэй сир суоҕун. Ол иһин дойдубар баар кыһалҕаттан куотунан, чэпчэки суолу тутуһа сатаабакка, ол итэҕэстэрбитин туоратарга, өрөспүүбүлүкэбит сайдарын туһугар күүһүм-кыаҕым баарын тухары үлэлииргэ сорунабын”.

 

  • 16
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (1)

This comment was minimized by the moderator on the site

Үөрүүлээх сонун !
Петр Бурнашев маладьыас! Урааҥхай сахалар кытаатыҥ! Суолгутун оҥостуҥ!
Вупперталь куорат, Германия.

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Кинилэр олоҕу киэргэтэллэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо Гаврил Семенович Самсонов уонна…
02.11.24 10:31