Руслан Егорович – элбэх оҕолоох аҕа. Ильиннэр нэһилиэк уонна улуус олоҕор көхтөөхтүк кытталлар: кэргэнэ Ирина Андреевна “Чараҥ” ТОС уонна “Чэбдик” инбэлииттэр уопсастыбаларын салайар.
Руслан Ильин 2023 с. демобилизацияланан кэлэн баран, Амма улууһун дьарыктаах буолуу киинигэр тиийбитэ. Бу киин көмөтүнэн “СӨ ДьУоХХ” ГУП филиалыгар Алтан нэһилиэгэр ититэр ситими хааччыйар силиэсэринэн үлэҕэ киирбитэ.
“Аҕа дойдуну көмүскээччилэр” пуонда Руслан Егорович холобура нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун кииннэрин өттүттэн байыаннай дьайыы бэтэрээннэригэр өйөбүл баарын бигэргэтэрин туһунан этэр.
Санаттахха, Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ Анал этиитигэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын социальнай өттүнэн үөрүйэхтэнэллэригэр көмөлөһөр соругу туруорбута.
Хаартыска, сонун төрдө: "Амма олоҕо" хаһыат.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0

