Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -34 oC

Ааспыт сайын Горнай улууһа болҕомто киинигэр сылдьыбыта. Бастаан Манчаары оонньуулара ыытыллыбыттара, онтон киэҥ иэннээх, улахан иэдээннээх баһаардар турбуттара. Бэл диэтэр, Бэс Күөлэ бөһүөлэк сорҕото уокка былдьаммыта.

Ааспыт сайын Горнай улууһа болҕомто киинигэр сылдьыбыта. Бастаан Манчаары оонньуулара ыытыллыбыттара, онтон киэҥ иэннээх, улахан иэдээннээх баһаардар турбуттара. Бэл диэтэр, Бэс Күөлэ бөһүөлэк сорҕото уокка былдьаммыта.

Онон Горнай улууһун дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Алквиад Александрович Тарасовтыын кэпсэтэргэ сананным. Кини бу дуоһунаһыгар номнуо иккис болдьоҕун талыллан (бастаан 2013 с., онтон 2018 с.), 8-с сылын үлэлии сылдьар.

17062cb2 5802 4856 b559 42def0dbb4c5

Бастакы үктэллэр

Горнай улууһугар сэбиэт бастаан тэриллибит устуоруйатын, бастакы салайсыбыт дьонун туһунан ыйыталастым.

– Горнай улууһугар бэрэстэбиитэллээх уорган үлэтин устуоруйата оройуон тэриллиэҕиттэн, ол эбэтэр 1931 сылтан саҕаланар. Ол эрээри 2002 сыл ахсынньы ый 29 күнүгэр ыытыллыбыт быыбар түмүгүнэн олохтоох бэйэни салайыныы бэрэстэбиитэллээх уорганын быһыытынан бигэргэммитэ.

Оччотооҕу сокуоҥҥа олоҕуран, улуус бэрэстэбиитэллээх уорганын оройуон баһылыга сүрүннүүрэ. Онон «Горнай оройуона» муниципальнай тэриллии бастакы баһылыга Николай Иванович Андреев салайбыта. Онтон дойду сокуонугар уларыйыылар киирбиттэринэн, 2006 сыллаахха дьокутааттар бэйэлэрин истэриттэн бэрэссэдээтэли талар буолбуттара. Аял Васильевич Ноговицын буолбута. Кини 2006-2008 сылларга үлэлээбитэ.

Улуус олохтоох бэйэни салайыныы тиһигэр көспүт бастакы кэмнэригэр барыта сонун, саҥа, туох да чопчу биллибэт, сорох түгэннэр сокуонунан да быһаарыллыбаттар эбит. Оннук быыһык бириэмэҕэ, халбаҥ усулуобуйаҕа бэрэстэбиитэллээх уорган быраап-нуорма өттүнэн барытын сааһылаан саҕалаабыт, олохтоох суолталаах боппуруостары быһааран барбыт. Ол курдук, үлэ бөҕөтүн көрсөн, нормативнай аахталары оҥорон, барытын сокуон ирдэбилигэр сөп түбэһиннэрэн, докумуонунан бигэргэппит. Олортон саамай сүрүннэрэ, бүгүҥҥү күҥҥэ диэри толору үлэлии тураллара – улуус кыраныыссатын быһаарыы, оройуон официальнай бэлиэлэрин, наҕараадаларын чопчу ыйыы. Ол эбэтэр Горнай улууһа туспа улуус быһыытынан тэриллэн үлэлиирин хааччыйыы буолбут.

gorni

– Бэрэстэбиитэллээх уорган атаҕар турарыгар, сүнньүн буларыгар үгүс сыратын, кылаатын киллэрбит киһинэн Горнай улууһун баһылыгынан 1995-2000 сылларга үлэлээбит Петр Иннокентьевич Васильев буолар. Иккис ыҥырыытын Юрий Степанович Пахомов салайбыта (2008-2013 сс.). Бу кэмҥэ номнуо уопутурбут сэбиэт элбэх нуорма-быраап докумуонун оҥорбута.

Алквиад Александрович этэринэн, «Горнай улууһа» муниципальнай тэриллии устаабыгар олоҕуран, бэрэстэбиитэллээх уоргаҥҥа 19 дьокутаат үлэлиир эбит. Олортон 15-һэ баартыйа испииһэгинэн, оттон түөрдэ уокуруктартан талыллыбыттар.

Улуус нэһилиэктэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнара хас дьокутааттаах буолаллара кинилэр бэйэлэрин устааптарыттан тутулуктаах эбит.

–Тоҕус нэһилиэктэн 7-гэр бэрэстэбиитэллээх уорганнар 11-дии дьокутааттаахтар. Оттон Октябрьскайга – 9, Бэрдьигэстээххэ – 15. Нэһилиэктэргэ дьокутааттар мажоритарнай быыбардыыр систиэмэнэн (уокуруктарынан) талыллаллар.

Биир сомоҕо буолан

– Горнай улууһун бэрэстэбиитэллээх уоргана, сокуонунан уонна устаапка көрүллүбүт ирдэбиллэргэ олоҕуран, олохтоох бэйэни салайыныы уорганын быһыытынан ыытар үлэтин, быһаарар боппуруостарын кимтэн да, туохтан даҕаны тутулуга суох бэйэтэ толорор-оҥорор бырааптаах. Ол курдук, 2013 сыллаахха дьокутааттар улуустааҕы сэбиэттэрэ хонтуруоллуур-суоттуур уорганы тэрийбитэ. 2018 сыллаахха туох баар ылыммыт нуорма-быраап аахталарбытын, докумуоннарбытын, быһаарыыларбытын барытын түмэн, хомуурунньук гына бэлэмнээн, хас да эксэмпилээринэн бэчээттэтэн таһаарбыппыт.

Дьокутааттар сэбиэккэ үлэлииллэригэр ханнык да бөлөхтөрүнэн (баартыйаларынан, уопсастыбаннай түмсүүлэринэн, нэһилиэктэринэн, о.д.а.) арахсыбаттар. Улуус сайдарын, дьон олоҕо тупсарын туһугар биир сомоҕо буолан, үлэлэрин холбоон толороллор.

– Аан дойду үрдүнэн ааҥнаабыт хоруона хамсыга үлэбитин ыытарбытыгар ыарахаттары үөскэттэ, уларытыылары киллэрдэ. Ол эрээри ханнык да түгэҥҥэ бэрэстэбиитэллээх уорган үлэтэ тохтообото, бытааран да ылбата. Аныгы үйэҕэ Интэриниэт ситимэ баар буолан, онлайн да киэбинэн үлэ тэриллэр, сибээскэ өрүү сылдьабыт.

Горнай улууһугар, ханна да буоларын курдук, тыын боппуруостарынан нэһилиэнньэни ыраас иһэр уунан хааччыйыы, тыа хаһаайыстыбата оҥорон таһаарар бородууксуйатын элбэтии, чааһынай дьиэлэри гааска холбооһун, хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү, социальнай эбийиэктэри тутуу, суолу өрөмүөннээһин, сир оҥоруута, бөҕү дьаһайыы буолаллар.

– Нэһилиэнньэ туруорсара үгүс. Олортон сүрүннэрэ – сир оҥоруута, эт бородууксуйатын элбэтии, социальнай эбийиэктэри тутуу, кытаанах бөҕү тиэйии уонна харайыы, бэйдиэ сылдьар ыттары аччатыы. Бу кыһалҕалары быһаарарга улуус бүддьүөтүттэн сыллата харчы көрө сатыыбыт.

Барыта этэҥҥэ

Быйыл Горнай улууһугар буолбут баһаардары таарыйбатахпына сатаммаппын. «Сэбиэт баһаары утары охсуһууга төһө кыттыстай? Баһаар хоромньутун туоратыыга туох үлэни ыытта? Төһө улахан иэннээх ойуур умайда? Бэс Күөлүн олохтоохторо саҥа дьиэлэрин туох дииллэр? Тымныы эҥин дии иликтэр дуо? Ити боппуруоһу ким хонтуруоллуур? Бу эмсэҕэлээбит дьоҥҥо сэбиэт тугунан эмэ көмөлөстө дуо?» диэн ыйытыыларбын бэрэссэдээтэлгэ биэртэлээтим.

– Ойуур баһаардарын туһунан араас көрдөрөр-иһитиннэрэр ситимнэринэн сөптөөҕүн сырдаттылар. Онон эргийэн кэлэ турар наада суох дии саныыбын. Баһаары умулларыыга да, Бэс Күөлүгэр буолбут алдьархайы да туоратыыга улуус хас биирдии дьокутаата, туора турбакка, бэйэтэ тугу кыайарынан үлэлэстэ. Холобура, уоту умулларыыга сырыттылар, харчынан-үбүнэн, бородууктанан көмөнү тэрийдилэр, о.д.а. Билигин кыстыкка этэҥҥэ киирдилэр, саҥа дьиэлэриттэн-уоттарыттан астыналлар, бар дьоҥҥо, салалтаҕа махталлаахтар.

0687497a 73bc 46e0 83c2 9e15b1752f7c

Билинэбин, аһаҕас баастарын таарыйбыппын, ол эрээри биир-икки үчүгэй холобуру аҕалан, Бэс Күөлүгэр саҥа дьиэҕэ киирбит дьон хайдах олохсуйан эрэллэрин, дьиэ хаачыстыбатын туһунан эппитэ буоллар, хоруй толору буолуо этэ...

Улуус бүддьүөтэ

–Улуус бүддьүөтүн сыл бүтүүтэ тыырабыт. 2021 сыллааҕы ааспыт сыл ахсынньы 25 күнүгэр ылыллыбыта. Дохуоттаах чааһа 1  879  194,3 тыһ. солк., ороскуоттаах чааһа 1 882 694,3 тыһ. солк. этэ. Сыл устата бүддьүөккэ 4 төгүл уларыйыылар уонна эбиилэр киирбиттэрин түмүгэр, бүгүҥҥү күҥҥэ улуус 2021 сыллааҕы бүддьүөтүн дохуоттаах чааһа 2 266 241,9 тыһ. солк., оттон ороскуоттаах чааһа 2  328  290,9 тыһ. солк. тэҥнэстэ, – диэн Алквиад Александрович хоруйдуур.

2022 сылга улуус бүддьүөтүн былаанныырга тугу үлэлии сылдьалларын ыйыталаһан, манныгы биллим:

– 2022 сыллааҕы улуус бүддьүөтэ бэрэстэбиитэллээх уорган бигэргэппит балаһыанньатыгар олоҕуран, бастакы ааҕыыта сэтинньи 15 күнүгэр ыытыллыбыт. Онтон иккис ааҕыыта ахсынны ый 15 күнүгэр киириэхтээх.

– Бүддьүөтү көрүүгэ дьокутааттар былаан быһыытынан үлэлэрин алтынньы ыйтан саҕалаабыттар. Улуус 2021 сыллаах бүддьүөтэ 9 ый түмүгүнэн туолуутун, ол иһигэр муниципальнай бырагыраамалар 9 ый кэннэ туолууларын көрүү, нэһилиэнньэттэн этиилэри хомуйуу, хас биирдии дьокутаакка сыһыарыллыбыт, нуормаламмыт хайысхалаах быһаарыылара толоруллуутун хонтуруоллааһын курдук үлэлэр ыытылла тураллар эбит.

Горнай улууһун сэбиэтигэр инникитин таһаарыылаах үлэни баҕарыахха.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Ытык ыал ийэтэ

Татьяна Васильевна Романова 1931 с. күһүн оччолорго Амма оройуонун, билигин Мэҥэ Хаҥалас…
14.12.24 14:29