Улуу Өлүөнэ эбэ хотун үөһээттэн айаннаан иһэр, уҥа хаҥас көрүтэлиир, Кыыс Амматын, Добун хаан уолун Алданын, бүтэй Бүлүүтүн, дохсун Индигирин,хаҥыл Халыматын ыйыталаһар, урут-хойут түспэккэ этиллибит кэмигэр киирэн биэрэн, анаммыт күнүгэр аргыстаһа түһэн уйгуну олохтуурдуу ходуһаларга хонуталааҥ, быйаҥы бычалытардыы арыыларга чаардааҥ диэн сүбэ -соргу буолар.
Хара тыа солко күөххэ сууланаары силистиин- мутуктуун биир тыыҥҥа киирэн тиллэр-тыллар турукка киирэн бэрт сэргэхтик сэгэлдьийэр, чэ диэтиҥ да түһүнэн кэбиһэрдии бэлэмнэнэр. Биэрэги кыйа илии илииттэн ылсаннар иирэ талахтар ыһыктыбаттыы тутустулар, угуттуур ууну аан бастаан биһиги көрсөбүт диэн ибир-сибир сибигэнэстилэр. Мыраан сирэйигэр, хонуу хотоолугар көҥүл хаҥыл тыынын сэмэй нарынын, наскылын кытта алтыһыннаран ньургуһуннар тылыннылар, кырыаны бүрүммүт кыламаннарынан сапсыннылар.
Хаартыска: https://yakutsk.bezformata.com/listnews/yakutskij-podsnezhnik-simvol-stojkosti/57428943/
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0















