Кулун тутар ый сахаҕа дириҥ суолталаах ый. Аата да этэринэн, бу кэмҥэ Дьөһөгөй оҕото сыһыыга-хонууга сылдьан көҥүл төрүүр-ууһуур.
Дьөһөгөй Айыы - сылгы таҥарата, саха таҥарата. Дьөһөгөй Айыы киһиэхэ күүһү, үлэлиир дьоҕуру, хаһаайын буолууну биэрэр, о.а. бэйэ бас билэр күрүөлэниитэ-хаһааланыыта, дьиэлэниитэ-уоттаныыта, үүнээйи үүннэринии, сүөһүлэнии, сылгыланыы.
Бу ый үксэ кыһыҥҥы кэмҥэ киирэр. Ый 22 күнүгэр сырдык уонна хараҥа тэҥнэһэллэр, онтон сырдык баһыйан барар. Онон бу кэм саас саҕаламмыт күнүнэн ааҕыллар. Бу кэмҥэ киһи харыстаныахтаах эргэ дьыла бүтэр, саҥа дьыл саҕаланар, тот салгын кэлэр. Кулун тутарга бэлиэтээһин буолар. Бу бэлиэтээһин олунньу ыйга буолбут сылыйыы кэмин баттаһа буолар уонна муус устарыгар ириэрии буолан эргийэр. Ый икки сүрүн тыаллаах : хомурах уонна сыыр хастыыр тыал. Кулун тутары балаҕан ыйа батыһар.
Кулун тутар ый күннэринэн билгэтэ
1- Хотой кэлэн уйатын хаардыыр, көмнөх хаар түһэр. Ымыы көстөр.
2 - Кыһын ортото. Киргил төрүүр. Эһэ биир өттүгэр эргийэн баран салгыы утуйар.
6 - Күнүс ылаарар, бастакы бэлиэтээһин.
12 - Суол килэрийэр.
13- Хаар ирэн, сарайтан таммалыыр.
14 - Дьэбдьэкиэйэп күнэ. Күнүһүн сылыйан, ириэһин саҕаланар. Бу күн хотуттан, арҕааттан тыалырдаҕына - сайына сайына сөрүүн, хаһыҥнаах, сир аһа аҕыйах буолар. Хаардаатаҕына, сайына ардахтаах. Саҥа төрөөбүт ый сууннаҕына, сайынын өлгөм үүнүү. Күүскэ сылыйдаҕына, саас эрдэ кэлэр.
15 - Улар охсоро саҕаланар.
17 - бэлиэтээһин.
*20 - Тураах кэлэр. Бу күн сылаас буоллаҕына - 40 күн сылыйар, тымныы буоллаҕына - 40 күн тымныйар.
21 - Күн түүнү кытта тэҥнэһэр, о.а. күн уһуна 12 чаас. Туллук кэлэр, кукаакы уйаланар. Тэҥкэ ойуурга суор уйатын оҥостор, бастакы сымыытын түһэрэр.
Бу күнү саха төрөөбүт күнэ дииллэр эбит. Сырдыкка тахсар туом диэни толороллор. Иһиккэ уот иитэн баран, уоту аһатан ,алгыс анаан туран күнү батыһа эргийэн кэлэллэр. Уокка, дьиэ оһоҕор үс үрүҥ кылы алҕаан баран биэрэллэр.
22 - Саас кэлэр.
30 - Сылаас Өлөксөй күнэ, ый туолуута. Таммах таммалыыр, онуоха муус чопчулар уһун, хойуу буоллахтарына, уулаах саас, онтон кылгас буоллахтарына, сааһын уутун-хаарын көтүтэр.
31 - Саарба, солоҥдо төрүүллэр. Тыалырдаҕына, суолу томтотор.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0