«М.К. Аммосов аата Олунньутааҕы уонна Улуу Ѳктѳѳп ѳрѳбүүлүссүйэлэрин кытта ыкса ситимнээх. Бастатан туран, кини олус эдэр, эрчимнээх саха эр бэрдэ этэ. 1917 сыллаахха сүүрбэ эрэ саастааҕа. Ол эрээри ѳй-санаа ѳттүнэн хайы-сах бэйэтин суолун халбаҥнаабаттык булуммут, хамначчыт-батараак дьон бырааптарын туhугар oxcyhyyra чиҥник туруммут ѳрѳбѳлүүссүйэ буойуна буолбута.
Максим тѳрѳппүттэрэ дьадаҥы буоланнар, уолларын биир сааhыттан сэниэ ыалга ииттэрэ биэрбиттэр. Намнааҕы биир кылаастаах училищеҕа үѳрэнэ сылдьан, демократ учуутал сабыдыалынан мэлиииппэ ааҕартан аккаастанар. Ону атын оҕолор ѳйѳѳннѳр, улахан айдаан тахсар. “Хатырык уола баппат“ диэн үҥсүүлэр нэhилиэк баhылыгар тиийбиттэрэ.
Салгыы кини 1909 сыллаахха Дьокуускай куорат түѳрт кылаастаах училищетыгар үѳрэнэ киирэр. Оччолорго Максим 12 эрэ саастааҕа. Кини үѳрэххэ тардыhыытын күүhүн олоҕун баай устуоруйатын элбэх түгэннэриттэн ааҕан билиэххэ сѳп. Максим Аммосов 14 сааhыттан кѳҥүллэммэт литэрэтиирэ куруhуогар киирэр. Үлүhүйэн туран бобуллубут ѳрѳбѳлүүссүйэ туhунан кинигэлэри ааҕар. 1916-1917 сс. Ем. Ярославскай, С. Орджоникидзе, Г. Петровскай салайар “Эдэр социал-демократ“ диэн марксисткай куруhуоктарыгар сылдьар: “История юношеского движения в Якутии насчитывает 7 лет. Мы начинаем свою историю с кружка т. Ярославского, в котором, в начале его организации, насчитывалось человек 15-20 (29 октября 1925 г., М. Аммосов)”. Дьэ ити курдук оччотооҕу бастыҥ ыччат мустан, Саха Сиригэр дьиҥнээх устуоруйа хамсааhынын тahaapapra бэлэмнэммиттэрэ, судаарыстыбаннай-бэлитиичэскэй диэйэтэл буола үүммүттэрэ, буспуттара-хаппыттара.
Максим Кирович 1917 с. ѳрѳбѳлүүссүйэ саҕаланыаҕыттан ревком чилиэнин быhыытынан Уопсастыбаннай куттал суох буолуутун кэмитиэтин (ЯКОБ) уонна куорат оробуочай дьокутааттарын Сэбиэтин улэлэригэр кыттар. Биллэн турар, оччотооҕу улуу уларыйыыга ис сүрэхтэриттэн баҕарар эдэр ыччат үксэ бассабыык баартыйатын биир санаанан ѳйѳѳбүтэ. Ити курдук М.К. Аммосов эдэр caaha уот кутаанан умайа турар, сүҥкэннээх уларыта тутууну аҕалбыт сыллар охсуhууларын ортотугар aaспыта. Кини биир саастыылаахтарыттан чаҕылхай ѳйүнэн-санаатынан, дьону тумэ тардан инники сирдээн илдьэр дьоҕурунан бастакы кэккэҕэ тахсыбыта уонна бүтэhик күнүгэр диэри ол кэккэттэн туораабакка, хорсуннук охсуспута».
Источник: «Ѳлбѳт үйэлээх Махсыым», А.И. Еремеев.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0