Хомойуох иһин, Аартыка тыйыс дойдутун усулуобуйатынан, сөмөлүөт кэмигэр көппөккө, Дмитрий Гаврильевич үөрүүлээх бириэмийэни туттарыыга кэмигэр сатаан кэлбэтэ. Кыратык хойутаабыт дьоруойу Ил Дархан Айсен Николаев илии тутуһан кэлэн эҕэрдэлээтэ.
Мин кини кэргэнинээн Изольда Стручковалыын төлөпүөн нөҥүө билсэн кэпсэттим.
“Дмитрий Гаврильевич 2009 сыллаахха “Сайдыы” кэпэрэтииби тэрийбитэ. Ол кэмҥэ балыктыыр учаастактары ылыыга федеральнай куонкурус биллэриллибитэ. Элбэх докумуону сүүрэн-көтөн, билиитин, кыаҕын тургутан туран икки учаастагы ылар кыахтаммыта. Ол кэмтэн учаастактарга үлэһиттэри наймылаһан, бэйэбит дьиэ кэргэнинэн тахсан балыктыыбыт. Дмитрий тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорууга технолог үөрэхтээх, Саха Судаарыстыбаннай тыа хаһаайыстыбатын академиятын бүтэрбитэ. Онон балыкпытын астыырга, харайарга технологияны барытын тутуһабыт. Сылга балыктааһыҥҥа кубуота араас буолар. Ортотунан 22 – 23 туонна. Кэргэним бу улахан кыайыытынан эҕэрдэлиибин, инникитин даҕаны үрдүк ситиһиилэри баҕарабын”, - диэн Изольда Иннокентьевна этэр.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 1