Ити курдук Бүлүү бѳлѳх улуустарыгар, Ѳлүѳхүмэҕэ, Дьокуускайга ардахтаатар да, салгын сылыйбакка турар. Ѳр хатаата. Сааскы күммүт сылаанньыта, угуттуу илик.
Аны бу күннэргэ хаар түhэн үллүктүүр, тыалырар-кууhурар. Маннык күн-дьыл бу күннэргэ Дьокуускайга, атын улуустарга турар. Синоптиктар этэллэринэн, бүгүн, муус устар 4 күнүгэр, Дьокуускайга, Уус Майа, Амма, Чурапчы, Томпо, Алдан, Нерюнгри улуустарыгар элбэхтик хаардыа, Анаабыр, Булуҥ, Мииринэй, Сунтаар, Ньурба, Үѳhээ Бүлүү, Эдьигээн, Ѳлѳѳн улуустарыгар күүстээх тыал түhүѳ. Онон, куораппытыгар, атын да сирдэргэ хаары ыраастааhыҥҥа үлэ тохтообот.
Биллэн турар, хойутаатар да, сааспыт бэйэтин быраабыгар толору киирдэр-киирэн иhэр. Улахан ириэриини муус ыйын ортотуттан күүтэбит.
Онуоха диэри сааскы халтарааҥҥа сэрэнэн, тыалга-кууска үчүгэйдик таҥнан сылдьыҥ.
Хаартыска аhаҕас источниктан ылылынна.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0