Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -0 oC

Бырааһынньыктааҕы уһун өрөбүллэргэ хас биирдии хаһаайка дьиэтигэр бурдук аһы астаан, чугас дьонун үөрдүөн баҕарар. Ол эрэн сырыы аайы бэрэскиттэн, эттээх, балыктаах бөрүөктэн киһи салҕан хаалар. Онон куруук туох эрэ сонуну көрдүү сатыыгын.  

Бырааһынньыктааҕы уһун өрөбүллэргэ хас биирдии хаһаайка дьиэтигэр бурдук аһы астаан, чугас дьонун үөрдүөн баҕарар. Ол эрэн сырыы аайы бэрэскиттэн, эттээх, балыктаах бөрүөктэн киһи салҕан хаалар. Онон куруук туох эрэ сонуну көрдүү сатыыгын.  

Оттон сибиэһэй клубника, фрукта киэргэтиилээх, ууллубут сакалааттаах минньигэс туорт хайа баҕарар остуолу киэргэтэр, мустубут дьон сүргэтин көтөҕөр. Дьиҥэр, туорт арааһын баҕалаах киһи бэйэтэ астыан, кэлин хараҕын да симэн туран астыы үөрэннэҕинэ эбии дохуот оҥостуон сөп. Киһи ис сүрэҕиттэн иэйэн-куойан, кыһаллан туран оҥордоҕуна сатаабатаҕа суох.

DSC02192

Этно блогер, «Уютно» иһит маҕаһыынын хаһаайката Евдокия Попова «Minniges» диэн бу соторутааҕыта буруолаабытынан тахсыбыт видео-ырысыаптардаах кинигэтиттэн бүгүн мүөттээх туорт ырысыабын бэчээттиибит.

DSC03222

Мүөттээх туорт

Бу ырысыабынан 2 киилэлээх 10 киһиэхэ анаммыт туорт тахсар.

Коржка наада:

Саахар – 200 гр.

Сымыыт – 2 устуука.

Мүөт – 50 гр.

Ынах арыыта – 100 гр.

Суода – 1 кыра ньуоска.

Бурдук – 500 гр.

Кремҥэ:

33-35%-наах холбуйуу сүөгэй – 400 мл.

Творожнай сыыр – 400 гр.

Саахар – 100 гр.

Киэргэтиигэ сибиэһэй клубника, сугун.

5d57056f42187f53fc042d133884cf0d

Саахары сымыыты кытта холбуубут, мүөт эбэбит, онтон ынах арыытын кутабыт, барытын булкуйабыт. Састааппытын оргуйа турар уулаах иһит үрдүгэр туспа иһиккэ кутан уу бааннатыгар туруорабыт. Саахар уонна арыы толору суураллыар диэри оргутабыт. Онтон суоданы эбэн баран булкуйабыт, 3-4 мүнүүтэ үллэн тахсарын күүтэбит.

Уоттан таһаараат тута бурдугу эбэбит уонна тиэстэбитин мэһийэбит. Бакыакка уган холодильникка 1 чаас сынньата түһэбит. Ол кэнниттэн тиэстэбитин тэнитэн туорпут коржиктарын оҥортуубут. Пергаменнаах киэпкэ уурталыыбыт. 180 кыраадыска 3-5 мүнүүтэ саһарчы буһарабыт.

Пропиткаҕа анаан креммитин оҥоробут. Сүөгэйи, сыыры, саахары холбоон биир маасса буолуор диэри миксеринэн эрийтэрэбит. Хомуога суох буолуохтаах.

Туорпутун киэргэтэргэ эргийэр столик, кириэми тэҥниир шпатель наада. Туорт тас өттүн коржпыт бытархайынан сотуохпут, ол иһин икки коржу хаалларабыт.

Эргийэр столикка коржиктарбытын биир-биир ууран, кириэминэн сотобут, кытыытын эмиэ сыбыыбыт уонна шпатель көмөтүнэн көннөрөбүт.

Икки хаалларбыт коржпутун бакыакка угаммыт, скалканан илдьиритэбит. Ол кэннэ корж бытархайын илиибитинэн туорпутугар таммалатабыт, эргиччи бары өттүттэн сыбыыбыт. Түмүккэ үрдүн сибиэһэй клубниканан, сугунунан киэргэтэбит. Аатырбыт мүөттээх туорпут бэлэм. Амсайбыт эрэ астына, махтана саныаҕа.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением