Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -0 oC

Быйыл оҕуруот аһын олордуутугар аналлаах ый халандаарын (лунный календарь) таһаарабыт. Ый халандаарын таҥарга  араас ыстатыйалары, бассаап көмөтүнэн тарҕаммыт сүбэлэри туһанныбыт. Оҕуруот аһын олордууга саҥа холонооччуларга мунаахсыйар түгэннэрэ баар суол. 

Быйыл оҕуруот аһын олордуутугар аналлаах ый халандаарын (лунный календарь) таһаарабыт. Ый халандаарын таҥарга  араас ыстатыйалары, бассаап көмөтүнэн тарҕаммыт сүбэлэри туһанныбыт. Оҕуруот аһын олордууга саҥа холонооччуларга мунаахсыйар түгэннэрэ баар суол. 

Ыам ыйын 10-20 күннэригэр сүбүөкүлэ, эрэдиискэ, дайкон, эриэппэ, горох сиэмэлэрин буорга ыһыллыахтаах. Маныаха биири өйдүөх тустаахпыт – сир 18 кыраадыс сылаас буолуохтаах. Бу кэмҥэ элбэх сыллаах сибэккилэр, талахтар сиэмэлэрин арассаадалыыллар.

Ыам ыйын 15-30 күннэригэр эрдэ үүннэриллибит элбэх сыллаах үүнээйилэри араартыыллар уонна олордоллор. Ыам ыйын 15 күнүттэн бэс ыйын 5 күнүгэр диэри хортуоппуйу олордуллар.

Бэс ыйын 5-15 күннэригэр дьиэҕэ арассаадалаабыт сибэккилэри таһырдьа таһаарыллар. Бэс ыйын 1-30 күннэригэр эрэдиискэни, салааты, укуруобу, шпинаты, луугу сиэмэнэн буорга ыһыахха сөп.

 15 06 2020 221429

Тэпилииссэни хайдах уонна хаһан бэлэмниибит

Хаһыат бастайааннай сүбэһитэ Женни Бурнашева кэпсииринэн, саас эрдэ олунньу бүтүүтэ тэпилииссэ буоругар хаар кутуллар. Хаар сытан эрэ халлаан сылыйарынан сөптөөх температураҕа ууллан, буору араас наадалаах микроэлеменнарынан байытар уонна сиигирдэр. Саас тэпилииссэ иһэ хайаан да хомуллуохтаах. Поликарбонат тэпилииссэ иһэ хаһаайыстыбаннай мыыланан сууйуллуохтаах. Сезон устата мунньуллубут буор, быыл күн уота тыгарын мэһэйдэһиэн сөп. Ол иһин хайаан да ис өттүттэн сууллуохтаах.

M16K3

Оҕуруот аһын тэпилииссэҕэ көһөрүү

Помидор бэс ыйын бастакы декадатыгар олоруохтаах. Арассаада бөҕө-таҕа 5-6 сэбирдэхтээх буолуохтаах. Лууҥкатыгар 1 остолобуой ньуоска күлү, 1 чаайынай ньуоска суперфосфаты уонна луук хаҕа  кутуллар.

m1c815ff

Биэрэс поликарбонат тэпилииссэҕэ ордук үүнэр. Олордорго лункатыгар эмиэ помидор курдук күл, суперфосфат, луук хаҕа кутуллар. Биэрэс температура халбаҥныырын, хамсыырын ордук билинимтиэ буолан, хойут олордор табыгастаах. Эрдэ ситэр суортары талан олордор ордук. Биэрэс бэйэ-бэйэлэригэр мэһэйдэспэттэрин гына саахыматтыы олордуллуохтаах, лууҥкатыгар эмиэ күл, суперфосфат, луук хаҕа кутабын.

unnamed 2 1

Оҕурсу буора 15 кыраадыс сылыйбыт буолуон наада. Мантан намыһах температууралаах буорга олортоххо, оҕурсу силиһэ ыалдьар, үүнээйи ситэ ас биэрбэт, силиһэ сайдыбат. Кыра уктары олордор ордук. Маннык арассаада силиһэ түргэнник саҥа усулуобуйаҕа үөрэнэн, ыалдьыбакка эрэ оннун булар.

Оҕуруотчукка — «ый халандаара»

20

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением