Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -0 oC

Отучча сыл анараа өттүгэр дьиэҕэ-уокка үлэни чэпчэтэр араас туттар тэриллэр, ону кыт­та сууйар-сотор убаҕастар, бороһуоктар суохтарын кэриэтэ этэ. Оттон билигин маҕаһыыҥҥа киирдэххэ, дьэрэкээн өҥнөөх бытыылкалаах сууйарга туттуллар «химиялар» анньыллан тураллар.

Отучча сыл анараа өттүгэр дьиэҕэ-уокка үлэни чэпчэтэр араас туттар тэриллэр, ону кыт­та сууйар-сотор убаҕастар, бороһуоктар суохтарын кэриэтэ этэ. Оттон билигин маҕаһыыҥҥа киирдэххэ, дьэрэкээн өҥнөөх бытыылкалаах сууйарга туттуллар «химиялар» анньыллан тураллар.

Сыл устата Арассыыйа биир олохтооҕор ортотунан 9 киилэ (лиитэрэ) сууйар-ыраастыыр тэрил тиксэр

«Скотч диэни айбыт ки­һиэхэ махталбыт муҥура суох»,— дииллэрин үгүстүк истэрим. Скотч, кырдьык, туһалаах тэрил. Оттон рекламаланар сууйар-сотор убаҕастар, бороһуоктар үлэбитин чэпчэтэллэр да, доруобуйабытыгар охсуу­лаахтара буолаарай?
Кистээбэккэ эттэххэ, иһит сууйар убаҕастарынан туттан баран, иһиттэрин сайҕаабакка кылбаччы сотон баран, ууран кэбиһэр дьону көрөн турардаахпын. Оннооҕор биир ийэ оҕото үүт иһэр бытыылкатыгар хороччу маннык убаҕаһы кутан, сахсыйа түһэн баран, сайҕаабакка, хатара ууран кэбиһэрин истибитим. Ама даҕаны, иһит арыытын-сыатын кэбэҕэстик ыыппытын иһин, маннык убаҕастарынан олус үлүһүйэр сыыһа буолбатах дуо? Химия аата химия, киһи доруобуйатыгар охсуулаах эбээт. Ордук тыа сиригэр уу кырыымчык буолан, хи­миялаах убаҕастарынан сыы­һа тутталлар.
Со­­­­­рох хаһаайкалар сиэри та­һы­нан ыраас буолаллар, ол да иһин куукуналарыгар араас сууйар-сотор убаҕастар, бороһуоктар кэчигирэһэллэр. Иһитин, муостатын, малын-салыын быылын маннык сууйар-сотор убаҕаһа, боро­һуога суох сууйбат. Оччо­тугар кини химиянан кири суох оҥорон баран, төттөрүтүн химия дьаатын дьиэҕэ хаал­ларар.
Кэлиҥҥи сылларга ал­лер­гия диэн тылы соһуйа истибэт буоллубут. Ордук оҕолор аллергиялыыллара элбээбит. Ол көрдөрүү үрдээбитэ химиянан үлүһүйүү түмүгэр тахсыбытын быраас да буолбатах киһи өйдүүр.
Киһи доруобуйатын сүрүн сүһүрдээччилэринэн иһит сууйар убаҕастар буолаллар. Дьиҥинэн, бу убаҕастар куһаҕан дьайыылара атын сууйар-сотор сириэстибэлэр тарҕатар дьааттарыттан олус үрдүк диэбэккин. Ол эрээри дьон маннык убаҕаһынан күҥҥэ хаста да туттар. Үөһэ суруйбутум курдук, оннооҕор сайҕаабаппыт даҕаны. Оттон анал үөрэхтээхтэр иһит сууйар убаҕаһынан сууйуллубут иһити уон төгүл кыраан уутугар сайҕаатахха даҕаны, иһиккэ сөҥмүт дьаата барбат дииллэр.
Аны иһит сууйар анал «губканан» тутталлар. Дьэ, бу губкаҕа сөҥмүт химиялаах убаҕас кыра ууга сайҕаммат эбит. Оччотугар төһөлөөх араас эттиктэри аһы кытары сии сылдьарбыт буолла? Олус химиянан туттан иһиттэрин сууйар дьон куртахтара, быардара ыалдьарын быраастар бэлиэтээбиттэр.
Рекламаҕа бигэ эрэнэн, сүбэлээбиттэрин барытын итэҕэйэр сыыһа. Холобур, биир иһит сууйар убаҕас глицериннээх буолан, хаһаайка илиитэ хатырбатын туһунан этэллэр. Бу рекламаҕа дьахтар илиитин көрүнэ-көрүнэ манньыйар, кэргэнэ кини илиитэ нарыныттан сөҕөр-махтайар. Оттон глицерин илии тириитин сымнатарынан эрэ үчүгэйдээх. Бу убаҕас киһи тириитигэр атын химиялаах эттиктэри иҥэрэр куһаҕан дьайыылаах эбит.


Эпидемиологтар сууйар-сотор убаҕастары, бороһуоктары туттарга бу курдук кэккэ сүбэлэри биэрэллэр. Хаһаай­калар иһиккитин, муостаҕытын, таҥаскытын сууйаргытыгар төһө кыалларынан химиялаах убаҕастары аҕыйахта тутта сатааҥ. Остуолу хаһан даҕаны химиялаах убаҕас умньаммыт тирээпкэнэн сотумаҥ. Остуолу сотор туспа тирээпкэлээх буолуохтааххыт. Килиэп, эт быһар маһы химиялаах убаҕаһынан сууйумаҥ. Мастан маннык убаҕас бүтүннүү сатаан сайҕаммат. Ол иһин килиэп, эт быһар маһы хаһаайыстыбаннай мыыланан сууйар ордук.
Оттон химиялаах бороһуогу туттаргытыгар муннугутун, айаххытын саба баанар ордук. Бороһуок куһаҕан дьайыылаах быыла салгыҥҥа көтө сылдьар, киһи ис уорганнарыгар киириэн сөп.
Таҥас сууйар бороһуок эмиэ туһата үгүс эрээри, куһаҕан өрүттэрдээх. Ол эрээри, аныгы дьон таҥас сууйар бороһуога суох син биир сатаммат. Ол иһин таҥас сууйтарарга бороһуок этикеткатыгар этиллибит кээмэйин эрэ туттуҥ. Онтон элбэҕи куттаххытына, таҥас ырааһыран кэлбэт, төттөрүтүн куһаҕан эттиктэри иҥэриниэ, киһи тириитин бааһырдыан сөп. Иккиһинэн, таҥаскытын кичэйэн туран сайҕааҥ. Оттон автомат массыыналаах дьон «эбии сайҕааһын» диэн режимҥэ туруоруҥ. Автомат массыыналар таҥаһы үчүгэйдик сайҕаабаттар. Ол иһин таҥаскытын таһааран баран, илиигитинэн эбии сайҕыаххытын сөп.
Дьиэ хаһаайкалара нэдиэлэҕэ биирдэ дьиэни кичэйэн туран сууйаллар-сотоллор. Бу кэмҥэ оҕолору атын сиргэ ыытар ордук. Бэйэҕит айаххытын, муннугутун сабар анал баайыылаах уонна илиигитигэр эрэһиинэ бэрчээккэлээх сылдьыҥ. Оччоҕо муннугутунан, тириигитинэн куһаҕан эттиктэр ис уоргаҥҥа киирэр кыахтара мөлтүүр. Итиэннэ дьиэни сууйан-сотон, быыллаан баран, бордууһунаны, түннүгү аһан салгылатыҥ. Куорат ыала суунар, тахсан киирэр сирдэрин сууйан баран ааннарын лип гына сабан кэбиһэллэр. Дьиҥинэн, биир-икки чаас ааннарын аһан эмиэ салгылатыахтаахтар эбит.
Сиэркилэни, түннүгү, урукку курдук, аҥардас уунан суу­йартан туттунабыт. Кирэ да барбат, тирээпкэнэн соппут суолуҥ да хаалар курдук. Ол иһин дьиэ хаһаайката син биир дьиэҕэ-уокка туттуллар химияны атыылаһар. Онон атыылаһыах иннинэ бытыылка этикеткатын кичэйэн ааҕыҥ. Дьиэҕэ-уокка туттуллар химияҕа маннык эттиктэр бааллара киһи ис уорганыгар куһаҕан дьайыылаахтар:

 Аммоний. Бу эттик төһө даҕаны куһаҕан дьайыылаахтар ахсааннарыгар киирдэр, сыаны-арыыны үчүгэйдик ыытарын иһин ваннаны, унитаһы, раковинаны сууйар убаҕастар, бороһуоктар, геллэр састааптарыгар киллэрбиттэр. Киһи тириитигэр дьайыыта куһаҕан. өскөтүн харахха киирдэҕинэ, көрөрү мөлтөтүөн сөп.
 Иһит сууйар убаҕастар барылара кэриэтэ хлордаахтар. Хлор итии ууну кытта булкуһан, паар буолан көттөҕүнэ киһи төбөтүн ыарытыннарар, күөмэйгин, хараххын аһытар.
 Таҥаһы сымнатар, бөҕү-саҕы тардары аҕыйатар сууйарга эбиллэр убаҕас таҥаска биллэр-биллибэт бүрүө хаалларар эбит. Биллэн турар, бу бүрүө барыта химияттан турар.
 Фенол диэн эттик рак ыарыытыгар тириэрдэр. Бу эттик миэбэли, муостаны кылабачытар убаҕастар састааптарыгар баар.
 Триклозаны сорох паасталарга, сууйар уба­ҕастарга, бороһуоктарга эбэллэр.
 Сорох таҥас сууйар бороһуоктарга, бээтинэлэри ыытар убаҕастарга, баттах кы­рааскаларыгар, баттах бүрүчүөскэтин оҥорор араас лаахтарга, геллэргэ баар алкилфенол этоксилат диэн эттик эндокриннай былчархайдар үлэлэрин кэһэр.
 Туолен диэн эттик ордук оҕо күүтэр дьахталларга куһаҕан дьайыылаах. Са­тарыйбыт ньиэрбэлээх оҕо төрүөн сөп.
 Дьиэ салгынын тупсарар аэрозоллар састааптарыгар баар ксилен кэһиилээх оҕо төрүүрүгэр тиэрдэр.

Буортута суох сууйар-ыраастыыр суурадаһыннар

Химия састааптаах сууйар суурадаһыннары солбуйар буортута суох сириэстибэлэр ырысыаптара

Быылы сотор убаҕас: 3 ост. ньуоска убаҕас мыыла, ыстакаан сылаас уу, 9% уксус. Пластик бытыылкаҕа барытын кутан булкуйуллар. Миэбэли ыстарыллар, кураанах өрбөҕүнэн сотуллар.
Өстүөкүлэни уонна дьэбин­нирбит тимири ыраастыырга: 1/2 ыстакаан испиири, 1/3 ыстакаан 9% уксууһу бытыылкаҕа кутан булкуйуллар, уу эбэллэр. Јстүөкүлэҕэ, сиэркилэҕэ, тимиргэ ыстарыллар, кураанах өрбөҕүнэн сотуллар.
Оливка арыылаах быылы ыраастыыр убаҕас: Ыстакаан ууну, 1/4 ыстакаан 9% уксууһу, 2 ост. ньуоска оливка арыытын, 10-15 хааппыла үчүгэй сыттаах эфирнай арыыны булкуйуллар, быыл сытар сирин ыстарыллар, кураанах өрбөҕүнэн сотуллар.
Мас муостаны ыраастыыр ньыма: 3 чаайынай ньуоска уксууһу, 500 мл сылаас ууну, 1-2 хааппыла ханнык баҕарар эфирнай арыыны ыстарардаах бытыылкаҕа булкуйуллар. Муостаны харбаан баран, ыстарыллар уонна сотуллар. Эбэтэр муостаны сууйар ууга эбиллэр.
Көбүөрү ыраастыыр ньыма: суоданы, эфирнай арыыны кыт­та булкуйуллар. Көбүөргэ там­ма­латаллар, бороҕой суокканан аалаллар.
Ламинаты килэбэчитэр ньыма: сууйар ууга уксууһу уонна аҕыйах хааппыла иһит сууйар убаҕаһы эбиллэр.
Иһит сууйар массыынаҕа туттуллар таблетка: 2 ыстакаан суоданы, 2 ыстакаан буураны (натрий тетрабората, аптекаҕа атыыланар), 1/2 ыстакаан тууһу , 1/2 ыстакаан уксууһу, 15-20 хааппыла лимон эфирнай арыытын булкуйаллар уонна мууһу тоҥорор кыра киэптэргэ куталлар. 24 чаас кураанах сылаас сиргэ таблеткалар кууруохтарыгар уонна кытаатыахтарыгар диэри туруораллар. Киэптэн ылан баран, бааҥкаҕа угаллар, чиҥэтэн хаппахтыыллар. Ол анал таблетка курдук туттуллар.
Оҕуруот аһын уонна фруктаны сууйар ньыма: 2 ыстакаан ууну, 1/2 ыстакаан 9% уксууһу, биир лимон сүмэһинин булкуйуҥ. Бытыылкаҕа кутан холодильникка харайаллар. Оҕуруот аһын, фруктаны сууйарга хас биирдиитин ыстаран баран, кыраан уутугар сайҕанар. Эбэтэр ыстакаан аҥаара суурадаһыны миискэҕэ кутан, уу эбэн баран астары онно икки-үс мүнүүтэ тутуллар. Ол кэннэ ууга сайгыыллар.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением