Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -36 oC

Ахсынньы 21 күнүгэр Айсен Николаев “Аныгы усулуобуйаларга ыччат бэлиитикэтин олоххо киллэрэр туһунан” Арассыыйа Федерациятын Судаарыстыбаннай Сэбиэтин мунньаҕын бэлэмнээһиҥҥэ анаммыт сэминээр-мунньахха кытынна диэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иhитиннэрэрин Саха Сирэ суруйар.

Ахсынньы 21 күнүгэр Айсен Николаев “Аныгы усулуобуйаларга ыччат бэлиитикэтин олоххо киллэрэр туһунан” Арассыыйа Федерациятын Судаарыстыбаннай Сэбиэтин мунньаҕын бэлэмнээһиҥҥэ анаммыт сэминээр-мунньахха кытынна диэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иhитиннэрэрин Саха Сирэ суруйар.

Мунньаҕы ахсынньы 22 күнүгэр Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыытыаҕа. Тэрээһиҥҥэ ыччат бэлиитикэтин кэккэ боппуруостарын ырыттылар, ол иһигэр ыччат инфраструктуратын сайыннарыы, социальнай лифтэр, иитэр үлэ туһунан. Ону тэҥэ дьарыктаах буолуу, коммуникация, деструктивнай үлэни сэрэтиини эмиэ.

Анал байыаннай эпэрээссийэ усулуобуйатыгар ыччаты патриотическай иитиигэ ураты болҕомто ууруллубута. “Саха сирэ эдэр көлүөнэни патриотическай иитии үлэтин эрдэттэн күүһүрдүбүтэ. Саха сирэ Арассыыйа Федерациятын судаарыстыбаннай Өрөгөй ырыатын толорууну бастакынан саҕалаабыта. 2019 сылтан саҕалаан хас нэдиэлэ ахсын оскуолаларга өрөгөй ырыатынан саҕаланар. 

Бу “Биһиги – Арассыыйа кэскилэбит” кэлимсэ бырайыак сорҕотунан буолар уонна үүнэр көлүөнэ инники олоҕор эрэллээх буолуутугар уонна өрөспүүбүлүкэбит, дойдубут сайдыытыгар кыттыытыгар туһуланар”, — диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ. Патриотизм сыла биллэриллибит 2020 сылга Саха сиригэр үгэскэ кубулуйбут кэккэ ыччат тэрээһиннэрин ыыппыттара. Биһиэхэ Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр анаммыт уруоктар уонна патриотическай иитии ыйа куруук ыытыллар.

2022 сыл муус устар ыйга Айсен Николаев көҕүлээһининэн “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр патриотическай иитии туһунан” Сокуон ылыныллыбыта.  Докумуон Саха сирин олохтоохторун патриотическай иитии эйгэтигэр биир кэлим судаарыстыбаннай бэлиитикэни олоххо киллэриини хааччыйар. Саха сиригэр патриотическай иитии быраап, экэниэмикэ, тэрээһин өттүнэн төрүттэрэ киирбиттэрэ.

Бу Сокуон көмөтүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ патриотическай иитиигэ соруктар олоххо киирэллэр. Сокуону олоххо киллэриигэ Саха сирин Ил Дарханын иһинэн Гражданнары патриотическай иитиигэ сүрүннүүр сэбиэт үлэтэ төһүү буолар. РЕКЛАМА • HYBRID.AI 2022 сылга Саха сиригэр 981 тыһыынча киһи олорор, кинилэртэн 14-тэн 35 диэри ыччат ахсаана 314 тыһ. киһи – эрэгиийэн нэһилиэнньэтин ахсааныттан  32%. 2021 сылы кытта тэҥнээтэххэ, Саха сиригэр ыччат ахсаана 1,4 бырыһыанынан элбээтэ.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Общество

Как распознать мошенников

«Как только мы начинаем задавать вопросы, мы начинаем думать, поэтому всегда задавайте…
10.12.24 09:34
Уопсастыба

«Үрүччэ» 35 сыла!

Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускайга «Сырдыкка, кэрэҕэ тардыһан» диэн тылынан уус-уран айымньы…
10.12.24 09:22