Нам улууһуттан элбэх оҕолоох ыал ийэтэ Александра Азарова: «Дьаҥ-дьаһах кэмигэр оҕолор поликлиникаҕа барбакка, оскуолатааҕы биэлсэргэ көрдөрөн эмтэниэхтэрин сөп дуо?» -- диэн ыйытта.
Онуоха Айсен Николаев оскуолаҕа эмчиттэри төнүннэрии саамай сөптөөх хардыы буоларын бэлиэтээтэ, оҕо аймах доруобуйатын туругуттан дойду кэскилэ тутулуктаах, ыраах улуустарга баран үлэлиир мобильнай быраастар биригээдэлэрэ нэһилиэнньэни уопсай көрөллөрүн таһынан, оскуолаларга сылдьан, оҕолору уонна учууталлары эмиэ көрүөхтэрэ диэтэ.
-
2
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0


















