Виктор Федоров «Якутия» авиахампаанньа сөмөлүөттэрэ куруук хойутуулларын, түөрт «Боинг 737» сөмөлүөтү көрөргө-истэргэ тэрилтэҕэ тыһыынчанан киһини хамнастаан олорор туох көдьүүстээҕин ыйытта.
Ольга Рафаилова этэринэн, олохтоох авиахампаанньаны өйүүргэ кэнники үс сыл иһигэр бүддьүөттэн 5 млрд. солк. көрүллүбүт. Ол эрэн 2023 сылы «Якутия» авиахампаанньа 600 мөл. солк. ночооттоох түмүктээбит. Сотору кэминэн тэрилтэ сайдар саҕахтарын стратегическай сиэссийэҕэ көрүөхтээхтэр.
«Магистральнай хайысханан түөрт «Боинг 737» көтөр, оттон тиэхиньикэ туга эрэ алдьанар түгэнигэр саппаас көтөр аал суох буолан, тардыллыы тахсар. Өскөтүн сөмөлүөт көтүөн иннинэ суудуна бэлэмэ суоҕун туоһулуур уот умайдаҕына, ону туоратыахтарыгар диэри көтүппэттэр. Саппаас көтөр аал баара буоллар, рейсэ хойутуо суох этэ», — диэн быһаарда миниистир солбуйааччыта.
Хаартыска: https://nerulife.ru/aviakompaniya-yakutiya-razobrala-dva/
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0