Олунньу 6 күнүгэр Балаҕаннаах нэһилиэгэр ол уус-уран киинэттэн биир түгэни — Сергеев Владимир Александрович хотонуттан чороччу улаатан эрэр оҕону хотон түннүгүнэн таһааран, сыарҕалаах акка олордон, атын сиргэ ыыталларын туһунан уһуллулар.
Исидор Барахов кыра эрдэҕинээҕи оруолун Балаҕаннаахтан төрүттээх 4 «а» кылаас үөрэнээччитэ Радомир Адамов, сыарҕалаах аттаах киһи оруолун Балаҕаннаах нэһилиэгин агро-хайысхалаах ситэтэ орто оскуола сылгыһыта Владимир Семенович Гаврильев оонньоотулар.
Киинэни «Саха» НКИХ филиалын үлэһиттэрэ Валерия Золотарева, Александр Адамов уһуллулар.
Исидор Никифорович Барахов туһунан историческай киинэ ситэн-хотон тахсан, дьон-сэргэ сэҥээриитин ылыа диэн эрэнэбит.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
