Аҕа дойдуга ытык иэһи төлөөһүн урукку кэмнэргэ уталыйбат уураах, хамсаабат ыйаах буоларын быһыытынан, Хатас орто оскуолатын учууталларын кэлэктиибэ бу боппуруоска улахан болҕомтону уураллар, сыаллаах-соруктаах үлэни ыыталлар.
Эр бэрдин иитэн-үөрэтэн таһаарарга туһуламмыт үлэ чэрчитинэн “Аармыйаҕа биир күн” диэн бырайыагы, этэргэ дылы, күн бүгүн иҥэһэ үрдүгэр сылдьар эдэр дьон, физкультура учууталлара, кылаас салайааччылара Никифоров Петр Андреевич, Оконешников Егор Алексеевич былырыын боруобалаан, былырыыҥҥы үөрэх сылыгар икки кылааска ыыппыттара.
Онно оҕолор да, төрөппүттэр да, кэллиэгэлэрин да биһирэбиллэрин ылан, быйыл оҕо хабыллыытын өссө кэҥэтэн 8 б, 9 б, 10 а, б кылаас оҕолоругар – уолаттарыгар анаан балаһыанньа оҥорон ыыттылар. Балаһыанньа быһыытынан дьиҥнээх аармыйа олоҕор майгыннатан, кытаанах ирдэбиллэрдээх, кэһиллибэт быраабылалардаах олус интэриэһинэй тэрээһини уолаттар бары да даҕаны дьоһуннук туораатылар.
Манна билиини-көрүүнү да тургуттулар, сатабылы, үөрүйэҕи да бэрэбиэркэлээтилэр, саҥаны-сонуну да билиһиннэрдилэр. Кырдьыга да, ис турук тас туруктуун биир таһымҥа буоллаҕына, кыайыы-хотуу, кыаллыы буоларын өйдөөтүлэр, сатыыр да буоллахха, ыгылыйдахха, ыгылыннахха табыллыбат, кыаллыбат буолуон сөбүн илэ-чахчы биллилэр. Сэттэ араас хайысхалаах дьарыгы аастылар – араас ситуациялартан тахсыыга теория да, практика да өттүнэн сүбэни-аманы ыллылар. Отбой, подъем диэн хамаанда “амтанын” биллилэр. «Биир киһи барыбыт туһугар, бары биир киһи туһугар» диэн көмүс тыллар ис хоһооннорун эттэрин-хааннарын, өйдөрүн-санааларын нөҥүө аһардылар.
Бу тэрээһиҥҥэ эппиэтинэстээх Никифоров Петр Андреевич, Обоюкин Роман Владиславович, Оконешников Егор Алексеевич, Окороков Михаил Спартакович, Саввинов Эдуард Николаевич, Антонов Александр Львович, Семенов Айсен Владиславович, Михайлов Алексей Семенович, Игнатьев Алтынхан Васильевич, Дедюкин Гавриил Гаврильевич, Корякин Олег Игнатьевич, Соловьев Артур Данилович бары түһүмэх-түһүмэҕинэн түҥэттэн, үлэ хаачыстыбалаахтык, үрдүк таһымнаахтык ааста.
Артур Соловьевтан, Хатас орто оскуолатын выпускнигыттан, сулууспалаабыт саллааттан, «бу маннык тэрээһиҥҥэ кыттыбытыҥ эйиэхэ тугу биэрдэ» диэн ыйыталаспыппар, үөрэ-көтө, сүргэтэ көтөҕүллэн туран, маннык диэн сэһэргээтэ:
- Бастатан туран, үөрэппит учууталларбар бу тэрээһиҥҥэ ыҥырбыттарыгар махтанабын. Тугу биэрдэ диэтэххэ, биэрбитэ да элбэх буоллаҕа: учууталларбын кытта бииргэ сылдьыбыппыттан үөрэбин, аармыйаҕа сылдьан ылбыт билиим-көрүүм, сатабылым туһалаата диэн үөрэбин. Мин санаабар бу инникилээх уонна киэҥ эйгэҕэ тахсара наадалаах тэрээһин. Ийэ дойдуга бэриниилээх буоларга, бэйэҕэ эппиэтинэһи ылынарга, сатаабаппын, кыайбаппын диэн саллан-самнан хаалбакка, харса суох түсүһэн, тулуйан-дьулуһан туран үөрэннэххэ, үөлээннэхтэри кытта тэҥҥэ сылдьыахха сөбүн өйдөтөр, үөрэтэр, турукка киллэрэр тэрээһин дии саныыбын.
Дьэ, ити курдук сүрдээх кэрэхсэбиллээх, инникигэ эрэллээх тэрээһин салгыы сайдыа-үүнүө, киэҥ эйгэҕэ тахсыа диэн эрэниэҕи баҕарыллар.
- 4
- 0
- 0
- 1
- 0
- 0