Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -32 oC

Баҕа өттүнэн хомуллубут хаһаах бөлөх этээритин анал байыаннай дьайыы зонатыгар атаардылар. Бөлөххө байыаннай сулууспаҕа уопуттаах 50-ча эр киһи киирдэ.

Баҕа өттүнэн хомуллубут хаһаах бөлөх этээритин анал байыаннай дьайыы зонатыгар атаардылар. Бөлөххө байыаннай сулууспаҕа уопуттаах 50-ча эр киһи киирдэ.

- Аҕа дойдуну көмүскээһин –  бу хаһаахтар төрүт үгэстэрэ. 300 сыл устуоруйалаах саха хаһаах этэрээтэ кыргыһыы хонуутугар утарсыыны оҥорорго бэлэмнэрин биллэрдилэр. Байыастар Сирияҕа, Хотугу Хапкааска уонна Донбасска кыттыбыт уопуттаахтар, – диэн ВестиСаха иһитиннэрэр.

2023 03 06 21 36 45

- Хамаанда 50-ча киһилээх тэрилиннэ. Бу дьоһуннаах этэрээт. Сорох байыастар иккилии, үстүү, түөртүү сэриини ааспыттара. Ону таһынан, баҕа өттүнэн саҥа киирбит буойуоттар эмиэ бааллар. Кинилэр бары дойду дьиҥнээх патриоттара, - диэн саха хаһаах этээрээтин атамана Александр Козырь кэпсээтэ. Байыаннай эпэрээссийэҕэ айанныахтарын иннинэ, хас биирдии байыас олус күүстээх тургутууну ааста. Ол курдук, буойуттар Дьокуускайдааҕы ДОСААФ базатыгар Оборуонаҕа министиэристибитэ бигэргэппит байыаннай үөрэхтээһин бэлэмнэнии бырагырааматын бардылар. Норуот фронун хонтуруолугар сылдьар экипировкаларын өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата хааччыйда. Оттон баайыы таҥастары Дьокуускайдааҕы классическай гимназия үөрэнээччилэрэ бэлэхтээтилэр.

2023 03 06 21 37 38

- Норуот фрона, бүтүн дойду ыытар бэлиитикэтин курдук, бырабыыталыстыбаттан биэнсиэйэлээххэ тиийэ туох кыалларынан көмө оҥороллор. Барыгытыгар ситииһини, тулууру баҕарабын!, - диэтэ Бүтүн Арассыыйатааҕы норуот фронун Саха Сиринээҕи салаатын исполкомун бэрэссэдээтэлэ, норуот дьокутаата Валерий Лютай.

Санаттахха, анал байыаннай эпэрээссийэҕэ саха хаһаахтарын үһүс этэрээтэ айанныыр. Үгүс буойуттарга бу судургута суох быһаарыныы, ол эрээри Ийэ дойдуну көмүскээһин – хас биирдии эр киһи ытык иэһэ. Хаһаахтар туруоруллубут соруктар толорулларыгар бигэ эрэллээхтэр.

  • 3
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 1

Комментарии (1)

This comment was minimized by the moderator on the site

Нужно ввести уголовную ответственность для родственников правителей, разжигающих войны. Для братьев, сестёр, детей. Чтобы каждый, кто захочет напасть на другую страну, понимал: он подставляет не только себя, но и весь свой род. Тогда начнут больше задумываться, отдавать ли приказы о военных вторжениях.

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Түһүлгэ

Сайдыы суола арылыннын

ЫҺыллыбат ыйааҕынан, уларыйбат укааҺынан, эргилиннэрбэттии этиллибитинэн тохтообокко…
08.12.24 11:04