Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -35 oC

Саллааттар уонна мотуруостар төрөппүттэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи кэмитиэтин салайар Мария Емельянованы дьон-сэргэ ытыктаан, «Саллааттар ийэлэрэ» диэн ааттыыллар, сулууспаҕа сылдьар оҕолоохтор, кэргэннээхтэр туох эмит боппуруоска мунаардылар даҕаны кинини булаллар.

Саллааттар уонна мотуруостар төрөппүттэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи кэмитиэтин салайар Мария Емельянованы дьон-сэргэ ытыктаан, «Саллааттар ийэлэрэ» диэн ааттыыллар, сулууспаҕа сылдьар оҕолоохтор, кэргэннээхтэр туох эмит боппуруоска мунаардылар даҕаны кинини булаллар.

Чечняттан саҕаламмыта

1980-с уонна 1990-с сс. алтыһар кирбиилэригэр дойду айгыраабыта аармыйаҕа эмиэ биллибитэ, бэрээдэк сатарыйбыта, «дедовщина» бүрүүкээбитэ, сулууспалыы тиийбит уолаттар атаҕастанар түбэлтэлэрэ үксээбитэ. Ол иһин 1991 с. күһүн ыытыллыбыт дьахталлар өрөспүүбүлүктээҕи кэмпириэнсийэлэрин көҕүлээһининэн, Саллааттар уонна мотуруостар төрөппүттэрин кэмитиэтэ тэриллибитэ. Онон, армыйаҕа ыҥырыллыбыт ыччаттар, «итии туочукаларга» сылдьар саллааттар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ көмүскэллээх буолууларыгар улахан үлэ ыытыллыбыта, байыаннай чаастары, Оборуона министиэристибэтин кытары сибээс олохтоммута.

Кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Мария Егоровна бу күннэргэ Москубаттан, госпиталларга эмтэнэр биир дойдулаахтарбытын көрсөн кэллэ. Ол туһунан кини маннык сэһэргиир:

– Саллааттар уонна мотуруостар төрөппүттэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи кэмитиэтигэр 2008 сылтан бэрэссэдээтэллиибин, онтон кэмитиэт чилиэнин быһыытынан үлэлээбитим 25 сыл буолла. Оччолорго Чечня хампаанньата буола турара. Хамнас ыйы ыйдаан кэлбэт, суол-иис, сибээс мөлтөх, ыарахан кэм этэ, билиҥҥи курдук батсаап уонна психолог сулууспата диэн кэлиэхтэрэ дуо, тус кыһалҕалаахтар сүүрэ-көтө, кыһалла сатыырбыт. Моздокка олохсуйбут Саргылаана Птицына көмөтүнэн сүппүт, сибээскэ тахсыбатахтара ырааппыт уолаттары буларбыт. Эргиллэн кэлээччилэри манна Александра Маедо биһикки көрсөрбүт. Түһэр ыала суох, дьонноруттан харчы кэлэрин кэтэһэр уолаттары хоннорор сири быһаарарбыт, куорат баһылыга Илья Михальчук өйөбүлүнэн, мэрия остолобуойугар босхо аһатарбыт уонна кими балыыһаҕа уктаран, кими пропискалатан, үөрэххэ киллэртэрэн, үлэҕэ ылларан, дойдуларыгар көтөр билиэттэрин хааччыйан, быһата, ким туох кыһалҕалааҕынан көмөлөһөрбүт. Барахсаттар онтон тирэхтэнэн, олоххо оннуларын булан испиттэрэ. Билигин үксүлэрэ антах сылдьаллар.

Ол аата?

– Анал байыаннай дьайыыга, ким мобилизациянан, ким баҕа өттүнэн. Үгүстэр өссө төрөппүт уолаттарын кытары тиийбиттэр.

госпиталь_--_ран_1.jpeg

Госпиталларга

– Бу сырыыга мин госпиталларга сырыттым, үс нэдиэлэ буоллум. Санкт-Петербуртан саҕалаан, Уфа, Грознай, Моздок, Владикавказ, Назрань, Ростов (Доннааҕы Ростов), Новочеркасскай уонна Москва куораттарга. Оо, онно туох да наһаа итии, салгын 39-40 кыраадыс! Уолаттар барахсаттар бэйэлэрэ нэһиилэ сытаннар, миигин аһыналлар: «Ийэбит, бачча итиигэ хайдах сылдьаҕыный?» – дэһэллэр. Ростов уонна Симферополь госпиталлара тирэх бааза курдуктар, «иһирдьэттэн» (инники киирбииттэн) бааһырбыт байыастары онно таһааран көрөн-истэн, бастакы көмөнү оҥорон баран, Арассыыйа араас куораттарыгар баар госпиталларга ыыталлар. Салгыы эмтэнээччилэри уокуруктарынан, холобур, биһиэттэрин Сибиир, Уһук Илин госпиталларыгар атаараллар.

Госпиталларга бааһырбыттары сөмөлүөтүнэн илдьэллэр-аҕалаллар быһыылаах, массыыналар быыстала суох кэлэллэр-бараллар, мин ол быыһыгар уолаттары көрсөн кэпсэттим-ипсэттим, туруктара хайдаҕын, туохха наадыйалларын билистим. «Урут, оччо сыллаахха, биһиги чааспытыгар кэлэн барбытыҥ», – диэччи элбэх. Мантан тиийбит быраастар «иһирдьээҥи» да, тыыллааҕы да госпиталларга үлэ үөһүгэр сылдьаллар. Ростов госпиталыгар хирурдуур саха уола күҥҥэ 11 эпэрээссийэни оҥорсобун диэн кэпсээтэ.

госпиталь_--_алаадьы.jpeg

Дойду кэһиитэ

Ханна сылдьарым тухары наар кэһиилээх тиийэбин, табыгастаах сиргэ түбэстэхпинэ алаадьылаан илдьэбин. Холобур, Ростовка икки күн рюкзагынан толору бааҥкалаах барыанньалары илдьэн биэрдим, муоруста оҥостон иһиҥ диэн. Куорат таһынааҕы байыаннай чааска срочниктары көрүстүм. Уссурияттан сэби-сэбиргэли арыаллаан аҕалбыт этэрээккэ 28 саха уола баара. Киэһэ 8 чаас саҕана, үлэлээн бүтэн кэлэн сууна-тараана сырыттахтарына тиийбитим. Кэһиибин сакалаат, «Чокопай», «Кока-кола», мороженай илдьибиппин, үөрэ-көтө үллэстэн сиэтилэр. Сотору чааспытыгар төннөбүт дэстилэр.

Мирнэйгэ быйыл саҥа тэриллибит кэмитиэти СВО-ҕа сылдьар байыас ийэтэ Ирина Федорова салайар. Кини Ростовтааҕы бэрэстэбиитэлинэн 13 туонна иһэр ууну атыылаһыннаран, «иһирдьэ» биир дойдулаахтарыгар киллэртэрдэ. Ити курдук, улуустар, волонтердар, бырабыыталыстыба эмиэ үлэлииллэр, быһата, көмө бары түһүмэҕинэн тэрийиллэр. Ону уолаттар астыналлар. Атын эрэгийиэннэр эмиэ бэркэ үлэлииллэр, мин бардаҕым ахсын көрсөбүн, мэлдьи сибээстэһэбин.

Госпиталь_--_2.jpeg

Мичил санаата бөҕөх

Москваҕа Сергиев Посад госпиталыгар сылдьыахтаах этим да, уолдьах сол күн дэлби тэбии буолбута. Инньэ гынан «Бэс Чагдаҕа» сырыттым, онно уолаттары таһынан кинилэр төрөппүттэрэ, кэргэттэрэ бааллар.

Төһө киһи, оччо кыһалҕа. Горнайтан төрүттээх Мичил миинэҕэ түбэһэн, бааһырыыта улахан – тииһин, иһин уонна тааһын уҥуоҕун эчэппит. Хас да госпиталь кэнниттэн, «Бэс Чагдаҕа» кэлбит. Бырааһа бастаан тииһэ оҥоһуллуо, онтон иһэ эпэрээссийэлэниэ, түмүккэ тааһа уларытыллыа диэтэ. Бааһырбыттарга өрөспүүбүлүкэттэн көрүллэр төлөбүрү киниэхэ тоҕо эрэ чэпчэки эчэйиинэн биэрбиттэр. Ону сыыһа диэммин, социальнай сайдыы уонна үлэ миниистирэ Елена Волкованы кытары төлөпүөнүнэн кэпсэтэ сырыттым.

Иккиһинэн, атаҕа тыбыс-тымныы этэ, ону Канадаҕа олорор эмчит дьүөгэбэр, профессор Александра Григорьеваҕа эрийэн ыйыппыппар, хааннатарга сүбэлээбитин бырааска тиэрдэн баран кэлбитим. Аны ЕДВ-га докумуона оҥоһулла илигин истэн, улууһун дьаһалтатыгар тахсыбыппар, туох ирдэнэрин суруйан ыыппыттара, Мичил ону хомуйтаран ыытыах буолан хаалла. Уол санаата бөҕөх, үтүөрэргэ эрэллээх. Үнүрүүн эрийэн: «Быраастар өссө төгүл көрдүлэр, сотору эпэрээссийэлиэх курдуктар уонна иллэрээ күн хааннаабыттара, атаҕым сылыйда», -- диэн кэпсээтэ!

Манна даҕатан этиэм этэ: төрөппүттэр оҕолорун госпитальтан тута илдьэ кэлиэх курдук саныыллар. Бу оннук судургу дьыала буолбатах, байыас эмтэнии куурсун ааспытын, хамыыһыйа көрбүтүн кэнниттэн быһаарыллар, докумуон оҥоһуллар, ол барыта компьютерга киллэриллэр, архыыптанар. Онон бириэмэ эрэйиллэр.

госпиталь_--_танас.jpeg

Ол-бу ускаҕы итэҕэйимэҥ!

Байыастары «иһирдьэ» төһө уһуннук сырытыннарар быһыылаахтарый уонна сынньаталлар эбит дуо?

– Иккилии нэдиэлэ буола-буола, тыылга таһааран сынньаталлар. Билигин уоппускаҕа ыыталаан эрэллэр, ааспыкка алта уол кэлбитэ, «иһирдьэттэн» элбэх буолан таҕыстыбыт диэбиттэрэ.

Сороҕор батсаабынан араас сурах, өссө видео кэлэр, «иһирдьэ» киллэрэн баран, туга да суох бырахтылар эҥин диэбит курдук?

– Итинниги дьиҥнээх сэриигэ сылдьар байыас суруйбат. Биир эмит киһи бэттэх сылдьан, санаата түспүт кэмигэр устубута дьаарбайыан сөп, провокация да ханна барыай... Саха сириттэн СВО-ҕа сылдьааччылар батсаапка бөлөхтөөхтөр, онно рядовойдар да, эписиэрдэр да бары бааллар, кинилэр итинник сымыйа, баһааҕырдар, санааны самнарар сураҕы-садьыгы төрүт сөбүлээбэттэр.

-- Билигин хас улуус ахсын тигиллэр таҥас-сап, хахха хайдах тиэрдиллэрий, уопсай түҥэтиллэр дуу?

– Тоҕо уопсай түҥэтиллиэй? Тустаахтарга тиэрдиллэр. Холобур, мин ааспыт кыһын үс төгүл итинник таҥаһы илдьэн, аадырыстарынан тиксэрбитим. Улуустартан, өрөспүүбүлүкэттэн барбыт дэлэгээссийэлэр эмиэ илдьэн биэрбиттэрэ. Билигин уоппускаҕа кэлбиттэргэ кэтэрдэн, биэрэн ыыталлар. Аармыйа дьиҥинэн сөптөөх аһынан-таҥаһынан хааччыйар. Ол эрээри, өҥүрүк куйаас, ол быыһыгар ардахтаах, сииктээх дойдуга төһө өр тулуйуой? Ону сөпкө өйдөөҥ уонна батсаабынан кэлэр араас ускаҕы итэҕэйимэҥ, оннук кэллэҕинэ – тарҕатымаҥ диэн сүбэлиибин.

Түмсүүлээх буолуоҕуҥ, үтүөнү саныаҕыҥ. Бу оҕолорбут кэллэхтэринэ, кинилэр салгыы эмтэнэр, үөрэнэр-үлэлиир, олорор усулуобуйаларын тупсарарга болҕомто ууруллара, сокуоннарга кэккэ уларыйыы киллэриллэрэ ирдэниэҕэ. Онон үлэбит үгүс.

  • 9
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Общество

Как распознать мошенников

«Как только мы начинаем задавать вопросы, мы начинаем думать, поэтому всегда задавайте…
10.12.24 09:34
Уопсастыба

«Үрүччэ» 35 сыла!

Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускайга «Сырдыкка, кэрэҕэ тардыһан» диэн тылынан уус-уран айымньы…
10.12.24 09:22