Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -10 oC

Томпо улууһун Мэҥэ Алдан нэһилиэгэр алта Дьоруой--Ийэ баара. Кинилэр ас-таҥас кырыымчык кэмигэр уоннуу, уон биирдии оҕону төрөтөн-иитэн, олох киэҥ аартыгар атаарбыттара.

Томпо улууһун Мэҥэ Алдан нэһилиэгэр алта Дьоруой--Ийэ баара. Кинилэр ас-таҥас кырыымчык кэмигэр уоннуу, уон биирдии оҕону төрөтөн-иитэн, олох киэҥ аартыгар атаарбыттара.

Киэн тутта, махтана ахтабыт

Дьоруой-Ийэлэр эдэркээн саастара сэрии саҕанааҕы аас-туор, сэрии кэннинээҕи чэпчэкитэ суох сылларга ааспыта. Үтүө санаалаах, туох да үлэттэн толлон турбат үлэһит, асчыт, иистэнньэҥ, олоххо тардыһыылаах этилэр.

Кэргэттэрэ, оҕолорун аҕалара, бары талбыт курдук саха чулуулара, үгүстэрэ 1941-1945 сс. сэрии сылларыгар Ийэ дойдуларын көмүскээбит буойуттар, норуот хаһаайыстыбата чэчирии сайдарыгар харса суох үлэлээбит дьоннор, оҕолорун иитиигэ болҕомтолорун уурбут үтүөкэн аҕалар.

Аммосовтар_1.jpeg

Аммосова Мария Николаевна (1922--2016) 1969 сыллаахха Дьоруой-Ийэ буолбута. Сэрии сылларыгар сэттэ кылаас үөрэхтээх кыыс биригэдьииринэн, холкуос бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан, остолобуой сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Уус-уран самодеятельность кыттыылааҕа, чабырҕахсыт этэ.

1949 с. сэрииттэн эргиллэн кэлбит Василий  Васильевич Аммосовка кэргэн тахсыбыта. Иккиэн өр сылларга килиэккэлээх кыылы иитиигэ таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ, холкуос, сопхуос хааһынатыгар элбэх үбү киллэрбиттэрэ.

Аммосовтар оҕолоро дьоҥҥо-сэргэҕэ ытыктанар үлэһиттэр, дьоһун ыаллар. Биир уоллара Николай тиис бырааһа буолбута. Мин 10 саастаах оҕом Миша Петербургтан каникулугар кэлэн, тииһин эмтэтэн баран: “Арассыыйа бастыҥ стоматолога”, -- диэн сыаналаабыта, эйэҕэһин-сайаҕаһын, кырачааннарга үтүө сыһыанын сөбүлээбит этэ. Биир кыыстара Галина Васильевна билигин да саха национальнай таҥаһын тигиигэ, пропагандалыырга нэһилиэк дьахталларын “Алгыс” түмсүүтүн салайар.

Булдаковтар.jpeg

Булдакова Мария Егоровна (1929--2001) 1974 сыллаахха Дьоруой-Ийэ буолбута.

Мария Егоровна Саһыл нэһилиэгэр төрөөбүтэ, кыра эрдэҕиттэн сүөһү көрүүтүгэр үлэлээбитэ. 1946 с. сэрии кыттыылааҕа Иван Гаврильевич Степановка кэргэн тахсыбыта. 1969 с. оҕолорун үөрэттэрээри Мэҥэ Алдаҥҥа көһөн кэлэн, оскуолаҕа техүлэһитинэн, интэринээккэ түүҥҥү ньээҥкэнэн үлэлээбитэ. Кэргэнинээн уон оҕону төрөтөн, олох киэҥ аартыгар үктэннэрбитэ. Оҕолор бары араас үөрэҕи бүтэрэн, ыал буолан, сиэннэри бэлэхтээн  этэҥҥэ олороллор.

Оҕолоро ахталларынан, Мария Егоровна бэрт уус  тыллаах, бэйэтэ өйүттэн  айан киһи иһиттэр истэ олоруох курдук  кэпсиирэ үһү. Сайын сиэннэригэр таас муҥунан бэрэски, бэчиэнньэ, баахыла астыыр, тыксааҥҥа, хабылыкка, доминоҕа оонньуурга үөрэтэр, сибэкки үүннэрэрин наһаа сөбүлүүр, араас значоктары мунньан кэллиэксийэлиир, олору сиэннэригэр көрдөрө-көрдөрө кэпсээн болҕомтолорун тардар, билиэх-көрүөх дьоҕурдарын сайыннарар эбит.

Колодезниковтар.jpeg

Колодезникова  (Аммосова) Мария Власьевна (1926--2015) 1972 сыллаахха Дьоруой-Ийэ буолбута.

Мария Власьевна Мэҥэ Алдан Сырдаабытыгар төрөөбүтэ. 12 сааһыттан холкуос үлэһитэ буолбута. Пиэрмэҕэ, бааһынаҕа үлэлээн, Улуу Кыайыыны уһансыбыта. 1950 с. сэрииттэн кэлбит фронтовикка, биир дойдулааҕар Егор Колодезниковка  кэргэн тахсыбыта. Егор Петрович өр сылларга холкуоска,  сопхуоска биригэдьиирдээбитэ, управляющайдаабыта.

Колодезниковтар уон оҕону төрөтөн, үөрэхтээх үлэһит дьон оҥорбуттара. Биир сиэннэрэ Наталья 2003 с. Саха сирин кэрэ куотун аатын сүкпүтэ. Мин биир дойдулааҕым Анна Егоровна Бястинова кэпсииринэн, кини кэргэнин, биллэр суруналыыс Герасим Бястинов ийэтин уонна эбэтин сэрии, сут дьылларга Егор Петрович дьонноро  ииппиттэр.

Кривошапкиннар.jpeg

Кривошапкина Мария Егоровна (1936--1995) 1969 сыллаахха Дьоруой-Ийэ буолбута.

Кини Уус Алдан улууһугар Түүлээх нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кэргэнэ өлөн, икки оҕолоох  огдообо хаалбытыгар,  аймаҕа Николай Николаевич Бочкарев Мэҥэ Алдаҥҥа көһөрөн аҕалбыта. Манна 1959 с. Дмитрий Дмитриевич Кривошапкин диэн булчут киһиэхэ кэргэн тахсан, уон биир оҕону төрөтөн-иитэн, улаатыннаран дьон дьоно оҥорбуттара.

Мария Егоровна оскуолаҕа асчытынан, балыыһаҕа санитарканан, таҥас сууйааччынан үлэлээн бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыта ар дылы үлэлээбитэ. Үлэтигэр олус кыһамньылаах, ыраас туттунуулаах буолан мэлдьи хайҕанара.

Николаевтар.jpeg

Николаева Марина Иннокентьевна (1927--2014)1969 сыллаахха Дьоруой-Ийэ буолбута.

Марина Иннокентьевна бэһис кылааска үөрэнэн истэҕинэ, аҕата эмискэччи өлөн, ийэтигэр көмөлөһөн холкуоска үлэлээбитэ. 1945 с. күһүн суоччут идэлээх Степан Степанович Николаев диэн Дабаччыма киһитигэр кэргэн тахсыбыта. 1956 с. улуус 15 бастыҥ ыанньыксытын ахсааныгар киирэн, “Бочуот дуоскатыгар” тахсыбыта. Нэһилиэккэ биллэр иистэнньэҥ, биир тарбахха баттанар асчыт этэ.

Сахаларга кинилэр курдук олоххо ситиһиилээх оҕолордоох ыаллар бааллара дуу? Баар да буоллахтарына, ахсааннааҕа чахчы. Улахан уоллара Николай историческай наука кандидата, Полина Степановна, Альбина Степановна, Александр Степанович олохторун иитэр-үөрэтэр үлэҕэ анаабыттара. Альбина Степановна наука уонна профтехүөрэхтээһин солбуйааччы миниистиринэн, Виктор Степанович тырааныспар, сибээс, информатизация солбуйааччы миниистиринэн үлэлээбиттэрэ.

Степановтар_1.jpeg

Степанова Анна Алексеевна (1914--1997) 1965 сыллаахха Дьоруой-Ийэ    буолбута.

Кини 16 саастааҕар сэрии кыттыылааҕа Гаврил Васильевич Степановка кэргэн тахсан, Саһыл нэһилиэгэр олохсуйбута.1965 с. Мэҥэ Алдаҥҥа көһөн кэлбиттэрэ. Анна Алексеевна өр сылларга уһуйааҥҥа үлэлээбитэ.

Оҕолоро норуот хаһаайыстыбатын араас салаатыгар үлэлээбиттэрэ. Василий хортуоппуйу үүннэриигэ үрдүк көрдөрүүлэри ситиспитэ, Гаврил сопхуос отделениетыгар управлющайдаабыта, билигин 80 саастаах кырдьаҕас. Александра Гаврильевна Ил Дархан дьаһалтатыгар үлэлээбитэ, тылбаасчыт этэ. Үп эйгэтигэр үлэлээбит Лариса Гаврильевна бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыаҕыттан оҕуруотунан дьарыктанар.

Дьиэ кэргэҥҥэ ийэ-аҕа үтүө холобура, ил-эйэ, үлэ тула түмсүү  баар буолан, Дьоруой-Ийэлэр ыччаттара бары үтүө дьон буола улааппыттара.

Билигин  

Аҕа көлүөнэ үтүө үгэһин салгыыр элбэх оҕолоох ийэлэр бааллар. 

 Снежана Юрьевна Когасова тоҕус оҕолоох. Кэргэнин Егор Гаврильевич Тарасовы кытары кэтэх хаһаайыстыба тэринэн оҕолорун үлэҕэ сыһыараллар, туохха барытыгар көхтөөх буоларга иитэллэр, кыра эрдэхтэриттэн научнай-практическай кэмпириэнсийэлэргэ, олимпиадаларга кытыннараллар. Светлана Петровна Скрыбыкина Уус Алдан Курбуһаҕыттан төрүттээх. Суоттутааҕы ОПТУ-ну бүтэрэн, Мэҥэ Алдаҥҥа кыылы иитэр пиэрмэҕэ үлэһит буолан кэлбитэ. 1986 с.  Петр Петрович Скрыбыкиҥҥа кэргэн тахсан, нэһилиэккэ маҥнайгы арыгыта суох сыбаайбаны тэрийбитэ. Кэргэнэ олохтон туораан, 35 сааһыгар огдообо хаалан, тоҕус оҕотун соҕотоҕун ииттэ.

Анна Андреевна Неймохова алта, Валентина Гаврильевна Калачева уонна  Матрена Дмитриевна Колодезникова биэстии оҕолоохтор.

Түмүк оннугар

Саха народнай суруйааччыта Е.П.Неймохов аатынан Мэҥэ Алданнааҕы литератураны уонна кыраайы үөрэтэр мусуой нэһилиэк Дьоруой-Ийэлэригэр анаммыт альбому бэлэмнээбитэ. Үп-харчы көстөн, ол альбом  бэчээттэнэн тахсарыгар эрэнэбит.

  • 2
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением