Бааһыналарга – көхтөөх үлэ
Өрөспүүбүлүкэ хаһаайыстыбалара, бас билии көрүҥүттэн тутулуга суох, быйыл саас 49 тыһыынча гектар бааһынаҕа ыһыы үлэтин ыыталлар. «Сир оҥоһуутун сулууспатын» чахчытынан, былаан быһыытынан, бурдук 11 тыһыынча гектарга (сэлиэһинэй 1,6 тыһыынча, ньэчимиэн 2,6 тыһыынча, эбиэс 6,6 тыһыынча гектарга) ыһыллар, хортуоппуй 6 тыһыынча, оҕуруот аһа 1,28 тыһыынча гектарга олордуллар. Айылҕа тугу уунарын манаабакка, үүнүүнү бааһынаттан ылар сорук туруоруллан, ыһыы иэнэ сыллата кыралаан, ол эрээри, эрэллээхтик кэҥэтиллэр. Онон сүөһү сиир култуурата 30,5 тыһыынча гектарга, ол иһигэр биир сыллаах от 15,6 тыһыынча гектарга ыһаллыахтаах, манна 14 тыһыынча гектардаах былырыыҥҥы элбэх сыллаах от ыһыыта эбиллэр.
Саас, ыам ыйын бастакы дэкээдэтиттэн, сииги саптарыы үлэтэ саҕаламмыта. Бу үлэҕэ бастакынан кураан сирдээх-уоттаах илин эҥээр улуустар хаһаайыстыбалара – Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан «Тумул» кэпэрэтиип, Уус Алдан улууһуттан «Биэттэ-Агро» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ туруммуттара. Бары улуустар ыам ыйын 20 күнүгэр диэри 14 330 гектар иэннээх бааһынаҕа сиик саптарыытын бүтэрээт, ыһыыларын саҕалаабыттара, билигин үгүстэр бүтэрдилэр. Оттон оҕуруокка идэтийэр хаһаайыстыбалар 663 кв. миэтэрэ иэннээх тэпилииссэни бүрүйэннэр, оҕуруоттарын олордон эмиэ түмүктүүр кирбиигэ киирдилэр.
Сиэмэ, уоҕурду
Ыһыыга бэлэмнэнии, сиэмэни, уоҕурдууну тиэрдии үлэтэ сыллата буоларын курдук, эрдэттэн тэриллибитэ. Быйылгы ыһыыга анаан өрөспүүбүлүкэ таһыттан 2615 туонна сиэмэ (773 туонна бурдук, 1841 туонна сүөһү сиир култууратын сиэмэтэ) аҕалыллыахтааҕыттан 91 %-а, хортуоппуй сиэмэтин 98 %-а эрдэ кэлбитэ. Ордуга саҥа кэлэн, тиэрдиллэ сылдьар.
Маны таһынан, хаһаайыстыбалар 1 130 туонна минеральнай уоҕурдууну, пестицидтэри, үүнээйини харыстыыр сириэстибэлэри атыылаһарга дуогабар түһэрсибиттэрэ, онтон 995 туонната, ол эбэтэр 88 %-а аҕалыллан, бааһыналарга киллэрилиннэ.
Саҥа тиэхиньикэлэр
Сир үлэтигэр сүрүн оруолу тиэхиньикэ ылар. Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн, тиэхиньикэни саҥардыы үлэтэ утумнаахтык барар. Былырыын «Сүөһү аһылыгын бэлэмнээһин» бырагыраама куонкуруһа бурдугу 100 гектартан итэҕэһэ суох бааһынаҕа ыһар, хортуоппуйу 20 гектартан итэҕэһэ суох бааһынаҕа олордор хаһаайыстыбаларга ыытыллыбыта. Ол түмүгэр, бөдөҥ хаһаайыстыбалар эрэ буолбакка, орто уонна дьоҕус киэптээх хаһаайыстыбалар эмиэ үлэ араас тиэхиньикэтин атыыласпыт ороскуоттарын сорох чааһын толуйар субсидиянан туһаннылар.
Билигин бааһыналарга барыта 669 тыраахтар, 260 сиэйэлкэ уонна сири таҥастыыр 592 тэрил үлэлии-хамсыы сылдьарыттан 120-тэ саҥа. Ол иһигэр, 60 тыраахтар, үс ыһыы комплекса, 16 сиэйэлкэ, 30 сири таҥастыыр тэрил баар. Холобур, ыам ыйын ортотугар Амма улууһун уонча хаһаайыстыбатын баһылыгар араас мааркалаах үлэ тиэхиньикэтин күлүүһэ туттарыллыбыта. Оттон бу ааспыт нэдиэлэҕэ Чурапчы улууһун биэс бааһынай хаһаайыстыбатыгар саҥа «МТЗ» тыраахтар, икки хаһаайыстыбаҕа сиэйэлкэ, биир хаһаайыстыбаҕа пресс-подборщик кэлбитэ. Бу көлөлөр билигин бааһынаҕа хайы-сах «айааһанан» эрэллэр.
Ааспыт нэдиэлэ бүтүүтүгэр тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин миниистирин солбуйааччы Сахаяна Павлова илин эҥээр улуустарга сылдьан, күннээҕи үлэни-хамнаһы уонна ыһыы туругун билистэ. Хаһаайыстыбалар бары технология ирдэбиллэрин толору тутуһан, ыһыы үлэтин тэрээһиннээхтик саҕалаан, сииги куоттарбакка, кыраапык быһыытынан түмүктүүр кирбиигэ киирбиттэрин бэлиэтээтэ.
Намнар эрэллээхтэр
Сааскы халаан уута Нам улууһугар үгүс бааһынаны ылан, ыһыы үлэтэ хойутаан саҕаланна. «Сир оҥоһуутун сулууспатын» бу улууска сүрүн агронома Сардаана Новгородова иһитиннэрбитинэн, билигин ыһыы үлэтин үгэнэ.
-- Халааҥҥа хортуоппуй да, бурдук да сиэмэтэ ууга былдьаммыта, ол эрээри, өрөспүүбүлүкэ салалтата тута дьаһал ылан, улахан көмө оҥоһуллан, хаһаайыстыбалар кэми куоттарбатылар. Билигин бааһыналарга хас биирдии күн былдьаһык: сүөһү сиир култууратын 1600 гектарга ыһар, хортуоппуйу 434 гектарга, оҕуруот аһын 108 гектарга олордор сорук турар. Кыраапыкпытын ситиһиэхпит, – диир кылаабынай агроном.
Хамаҕатта нэһилиэгин «Саҥа сүүрээн» бааһынай хаһаайыстыбата (салайааччы Александр Жирков) хортуоппуйу 50 гектарга олордор. Хаһаайыстыба сиэмэ хортуоппуйунан бэйэтин толору хааччыммытын таһынан, атыттары салгыыр. Холобур, быйыл өссө кыһын эрдэ түһэрсиллибит дуогабар быһыытынан, Томпо улууһун бааһынай хаһаайыстыбаларыгар сиэмэ хортуоппуйу хааччыйбыта. Быйылгы халааҥҥа олордуохтаах хортуоппуйдарын сиэмэтин ууга былдьаппыт улууһун дьонугар 6,5 туонна сиэмэ хортуоппуйу көмө быһыытынан биэрдэ!
Бөтүҥ нэһилиэгэр ынах сүөһүнү иитиигэ идэтийэн үлэлиир «Дайыына» бааһынай хаһаайыстыба сыллата 200-чэкэ гектар бааһынаҕа эбиэһи, виканы уонна Судан отун ыһан, сүөһү сүмэһиннээх аһылыгын бэлэмниир.
– Уу аллараа бааһыналарбытын ылбыта, онон үөһээҥҥи бааһыналарбытыттан саҕалаан үлэлээн, ыһыыбытын бүтэрэн эрэбит. Кураан буолсу диэн куттанабыт. Дьэ, хайыыр? Тыа хаһаайыстыбатын управлениета сайаапка биэрбит этэ, онон былыт тахсыытынан көрөн, зондировщик сөмөлүөт кэлэн, ардахтатыахтаах, – диэн кэпсээтэ хаһаайыстыба баһылыга Надежда Попова.
Сыыппара тылынан
Өҥ сирдээх Өлүөхүмэ улууһа бурдугу 566 гектарга, сүөһү сиир култууратын 1 000 гектарга ыһар, хортуоппуйу 647 гектарга, оҕуруот аһын 40 гектарга олордор сорудахтаах.
– Хаһан баҕарар үлэ түмүгэ сыыппаранан көрдөрүллэрэ астык, – диир улуус сүрүн агронома Сардаана Никитина. – Биһиги хаһаайыстыбаларбыт бааһыналарга 1987 туонна органическай уоҕурдууну, ол эбэтэр балбааҕы, кунуһу итиэннэ сүөһү сиир култууратын бааһыналарыгар 28 туонна минеральнай уоҕурдууну киллэрдилэр, 547 гектар бааһынаҕа сиик саптардылар. Бэс ыйын 11 күнүнээҕи туругунан, улуус үрдүнэн бурдук 485,5 гектарга ыһылынна, ити былаан 85,6 %-а, ол иһигэр 120 гектарга сэлиэһинэй, 231 гектарга ньэчимиэн, 134 гектарга эбиэс ыһылынна. Сүөһү сиир култуурата 436 гектарга ыһылынна, ити былаан 43,6 %-а, быһааран эттэххэ, бу бытаарыы буолбатах, сорох култууралар арыый хойут ыһыллар болдьохтоохтор. Оттон хортуоппуйу уонна оҕуруот аһын олордуу түмүктэнэн эрэр.
Улууска саамай элбэх ыһыылаах «Өлүөхүмэ кыладабыайа» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ (салайааччы Николай Копылов) буолар. Хаһаайыстыба барыта 755 гектар бааһынаҕа үлэлиир, ол иһигэр эбиэһи 335 гектарга ыһар, ону таһынан, үүтү ордук биэрэр Судан отун, кукурузаны уонна подсолнечнигы үүннэрэр. Аны күһүн 484 гектар бааһына үүнүүтүнэн сенаж оҥорор, 271 гектар бааһына үүнүүтүнэн сиилэс угар былааннаах.
Хаартыскалары Сардаана Никитина (Өлүөхүмэ), Евдокия Неустроева (Томпо) тиксэрдилэр.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0