Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -2 oC

Туох-ханнык иннинэ саха норуодунай суруйааччытыгар Миитэрэй Наумовка махталбын биллэрэбин.

Туох-ханнык иннинэ саха норуодунай суруйааччытыгар Миитэрэй Наумовка махталбын биллэрэбин.

Махтанабын кыраҕы хараҕар,  киһи аахайбакка хаалбытын бэлиэтиир дьоҕуругар. Махтанабын саха Итэҕэлин ийэтин үүтүн кытта иҥэриммит буолан, олох көстүүтүн бүтүннүүтүн тыыннааҕымсытар сиэригэр-майгытыгар. Махтанабын саха олоҕун, саха дэриэбинэтин хайдах баарынан муҥура суох таптыырыгар. Кини улахан сүрэҕэ, таптала хас айымньытын аайы баара биллэр. Ол да иһин кинини аахпыт, дууһатын хаппахчытын сэгэппит киһиэхэ ол тапталын сыдьаайа кутуллар буолан, туохха да бэриллибэт дуоһуйууну ылар. Ийэ сылаас ытыһынан имэрийбитин курдук.

                Ийэбин үөрдүбүтэ

Өссө махтанабын Дмитрий Федосеевич мин ийэбин үөрдүбүтүгэр. Сааһыран дьиэҕэ олорон, кини маҥнайгы “Дэриэбинэм барахсан” диэн кинигэтин аахта да этэ! Ис сүрэҕиттэн күллэ да этэ! Ийэбит Багдасаева Валентина-Мария Андреевна Үөһээ Бүлүүгэ хас да сопхуоска зоотехниктаабыт киһи бу кинигэҕэ кэпсэнэр дьоруойдары эндэппэккэ билбитэ, ол да иһин айымньыта өссө күндү буолбута. Манна сурулла сылдьар кини күлүмнээн ааспыт эдэр сааһа, доҕотторо, эйгэтэ, дьоллоох кэмэ. “Дэриэбинэм барахсаны” букатын сыттыктана сытар буолбута. Санаатын көтөҕөөрү гыннаҕына ааҕара эмиэ баара.

Кэпсээнтэн кэпсээн диэбиккэ дылы, ийэм Миитэрэйи Дима диэн аатыыра. Оннук ааттыыр бырааптааҕа даҕаны. Биһиги Үөһээ Бүлүүгэ аҕабыт Шадрин Константин Петрович “Сельхозтехника” салайааччытынан үлэлиир кэмигэр туттарбыт икки этээстээх дьиэтигэр ыаллыы олорбуппут. Биһиги иккис этээскэ, Наумовтар оччолорго эдэр ыал, маҥнайгыга. Уһун курбуу курдук уҥуохтаах, хара хойуу баттахтаах барбыт-кэлбит эдэр киһини өйдүүбүн. Мин оччоҕо маҥнайгы кылааска үөрэнэбин. Эдьиийим бэһискэ, балтым уһуйаан киһитэ. Аҕабыт туттарбыт сабыс саҥа дьиэтигэр саҥардыы көһөн киирбиппит. Аҕабытын сүтэрэн баран...  Оччолорго хаартыскаҕа түһүү диэн бүтүн дьыала этэ. Мээнэ киһи онон дьарыктамматын өйдүүргүт буолуо. Оттон Дима буоллаҕына оччоттон барыга бары дьоҕура биллэр буолан, хаартысканан үлүһүйэр эбит этэ. Арай, биир өрөбүл күн биһиэхэ сүпсүлгэн турда. “Дима хаартыскаҕа түһэриэҕэ, үчүгэйдик таҥныҥ”, - диэтэ ийэбит. Кыргыттар хайдах сатыырбытан киэргэннэҕэ буоллубут. Мааны таҥаһым диэн үрүҥ баартыгым, инньэ гынан оскуолаҕа кэтэр пуормалаах, үрүҥ баанчыктаах түспүт хаартыскам күн бүгүн ол хатыламмат кэм тыыннаах өйдөбүлэ буолан сылдьар. Ийэбитин кытта кыргыттар бары түспүппүт эмиэ баар. Оччолортон баардаах киһи хаартыскатыгар ийэбит хараҕар олоҕурбут санаарҕабыл кыымын туппут эбит... Ону бу кэлин өйдөөн көрөбүн.   Дима-Миитэрэй Наумов оччоттон киһи ис кутун билэрэ, ону сатаан тиэрдэрэ баар эбит диибин бүгүн.

                Суруйааччы суола араас буолар

 “Тоҕо “30 кэпсээн” диэн ааттаабытым буолуой? Киһиргээн”, - диэн кини мүчүк гынан ылбыта кинигэтин суруйан бэлэхтииригэр. Миитэрэй Наумов  сахалыы ис киирбэх дьээбэтэ дьону эрэ тардар күүстээх. Аныгылыы ону “харизма” диэххэ сөп буолуо.  Дмитрий Федосеевич талааннаах суруйааччытын тэҥэ талааннаах кэпсээнньит. Ол гынан баран, кэпсээнньитин бастатыахха сөп буолуо. Биһиги, суруналыыстар, бырабыыталыстыба отчуотугар Наумов баар бөлөҕөр түбэһэрбитин олус да сөбүлүүр этибит. Кини бүппэт көрүдьүөстээх кэпсээнэ уһун айаны биллэрбэт  этэ. Быара суох күлүү диэн манна буолара.  Кэпсээнньит кэлин онтун кумааҕыга тиһэр буолбута диир сыыһа буолбата буолуо. Манна диэн эттэххэ, бу икки дьоҕур тэҥинэн бэриллэрэ диэн сэдэх көстүү.

                Күллэрэр, ытатар кэпсээннэр

“30 кэпсээнин” мин ардыгар күлэн, ардыгар уйадыйан ыла-ыла ийэм курдук сыттыктана сылдьан бэрт уһуннук аахтым. Ордук сөбүлээбит кэпсээммин хос ааҕан баран, атын иэйиигэ куустарабын. Суруйааччы муударай сааһыгар кэлэн олорон суруйбута биллэр. Манна олох тобус толору эргиирэ көстөр. Саха итэҕэлэ. Айылҕа, кыыл-сүөл, киһи аймах бүтүннүү тыыннаах ситимнэр. Айылҕаны суруйааччы ойуччу тутан ойуулаабат, тулалыыр эйгэ ураты көстүүтэ кэпсэнэр түгэнин арыйан биэрэр. Кэпсээннэр бары улахан да улахан тапталынан толорулар. Ол иһин куйааска сөрүүн кымыһы ыймахтаан сүрэххин сөрүүккэппит, тымныыга оттуллубут оһох иннигэр олорон сылаанньыйбыт курдук сананаҕын. Суруйааччы дьон эрэ майгытын буолбакка, сылгылар, ыттар, куоскалар, сибиинньэ, ынах, көтөр кытта майгыларын арыйар. Киһи билбэтэҕин билэр, таайбатаҕын таайар. Элбэхтик “кырдьык даҕаны!” – диэн саҥа аллайаҕын. Уонна олох бары көстүүтүгэр атыннык сыһыаннаһаҕын. Миитэрэй Наумов ол курдук ааҕааччытын иитэр. Бу кинигэни мин эмчиккэ холуубун. Туох да омуна суох киһи дууһатын эмтиир, санаатын сайҕыыр, олоҕу сыаналыырга үөрэтэр.  Аныгы уустук кэмҥэ Миитэрэй Наумов “30 кэпсээнэ” хараҥаҕа тыкпыт сырдык тэҥэ. Ааптар кэпсээннэрин олус да үтүө санаалаах суруйар. Маныаха биһиги Дмитрий Федосеевич бэйэтин майгытын билэбит. Тугу эрэ дакаастыы сатааһын манна төрүкү суох. Баар -- бүппэт тыыннаах бүтүн олох. Күндүтэ манна сытар.

                Ийэ тылын маанылаан

Миитэрэй Наумов саха тылын таптыыра биллэр. Ордук хос тыл төрүкү суох, олус ыраас буочардаах. Ыраастык от охсон иһэр киһини санатар. Ол иһин хас тыла барыта саха саҥалаах дууһатыгар сытар. Барыта санаа иһинэн. Маннык суруллар сүрэхтэн тахсар айымньы. Ол да иһин, бу кинигэр саха дьонугар күндүттэн күндү бэлэх.

Эмиэ ис дууһаттан махтанан туран, саха дьоно дьоллоох дьоммут диэн санаабын хос этэбин. Таҥаралаах буоламмыт бу курдук хааһахтан хостонор курдук эр-биир дьиҥ талааннар тахсан, норуоту уһун тыынныыллар, өлбөт үөстүүллэр. Миитэрэй Наумов туттар төрөөбүт тыла уратытык мааныланан,  үөрбүттүү түргэн, чэгиэн, сыыдам.  Тыыннаах тыллара махтаммыттыы  ураты бэйэлээх өйдөбүлгэ сааһыланан иһэллэр.  Дьиҥ норуот суруйааччыта бу курдук эйгэлээх буолуохтаах. Атын буолбат. Миитэрэй Наумов айымньыларын таптаабат саха суоҕа да буолуо. Төрөөбүт-үөскээбит дэриэбинэбитин таптыырбыт курдук таптыыбыт Миитэрэй Наумов айымньыларын.  Кини көй салгыннаах, түптэ буруо сыттаах, хаар курдук чэбдик, сырдык айымньылара тахса турдуннар, дьоллуу турдуннар!

Айталина НИКИФОРОВА.

 В. Коротов хаартыската.

  • 3
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением