Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -34 oC

Социалистическай Үлэ Дьоруойа, ССРС Үрдүкү Сэбиэтин түөрт ыҥырыыга дьокутаата (1970--1989), Саха Өрөспүүбүлүкэтин, Мэҥэ Хаҥалас уонна Чурапчы улуустарын Бочуоттаах олохтооҕо, РСФСР үтүөлээх агронома, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Ленин, Өктөөп Өрөбөлүүссүйэтэ, Үлэ Кыһыл Знамята уордьаннар кавалердара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин агропромышленнай комплексын бочуоттаах үлэһитэ Екатерина Иннокентьевна Новгородова 95-с хаарыгар сылдьан олохтон барда.

Социалистическай Үлэ Дьоруойа, ССРС Үрдүкү Сэбиэтин түөрт ыҥырыыга дьокутаата (1970--1989), Саха Өрөспүүбүлүкэтин, Мэҥэ Хаҥалас уонна Чурапчы улуустарын Бочуоттаах олохтооҕо, РСФСР үтүөлээх агронома, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Ленин, Өктөөп Өрөбөлүүссүйэтэ, Үлэ Кыһыл Знамята уордьаннар кавалердара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин агропромышленнай комплексын бочуоттаах үлэһитэ Екатерина Иннокентьевна Новгородова 95-с хаарыгар сылдьан олохтон барда.

Сэбиэскэй былаас саҕана Социалистическай Үлэ Дьоруойа буолуу  үлэ дьонугар саамай үрдүкү наҕараада этэ. Уһулуччуттан уһулуччуларга бэриллэр бу үрдүк аатынан тыйыс айылҕалаах Саха сиригэр оҕуруот аһын хотуулаахтык үүннэрбит Гаврил Самсонов уонна кини туйах хатарааччыта Екатерина Новгородова бэлиэтэммиттэрэ. Кинилэр иккиэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгэр үлэлээбиттэрэ-хамсаабыттара.

Үлэбинэн Хаптаҕайга тахса сылдьан, оҕуруот аһын үүннэриигэ  идэтийэн үлэлиир   "Дириҥ" кэпэрэтиипкэ настаабынньыктыыр Дьоруой оҕуруотчуту  кытары хаста да көрсөн, олох-дьаһах, үлэ-хамнас уонна оҕуруот таһынан сэһэргэһэн турабын. Ытык кырдьаҕаһы кытары кэпсэтэн баран, кини өрүстэр кирбиилэригэр сытар, кураайы сирдээх-уоттаах Чурапчы курааҥҥа саамай оҕустарар нэһилиэгэр, Кытаанахха, төрөөн-үөскээн, ууну Таҥара бэлэҕин, уйгу-быйаҥ төрдүн курдук сыаналыы улааппыт, айылҕаны кэтээн көрөн үлэни-хамнаһы тэринэри этигэр-хааныгар иҥэриммит буолан, оҕуруот аһын үрдүк үүнүүтүн ылан, Дьоруойга тиийэ үүммүт эбит дии санаабытым.  Екатерина Иннокентьевна олохтон барбытын истэн баран, урукку кумааҕыларбын бэрийэн, кини өрдөөҕүтэ олоҕун-дьаһаҕын, үлэтин-хамнаһын туһунан кэпсээбитин буламмын, чугас дьонугар кутурҕаммын тиэрдэн тураммын, ааҕааччы болҕомтотугар таһаарабын.

Дойдум, төрөппүттэрим

Төрөөбүт-үөскээбит сирим Чурапчы улууһун Кытаанах нэһилиэгэ. Дьонум Новгородовтар олохторо Кытаанахха Таатта Игидэйин быыһыгар турар Бүгүйэх алаас буолар. Аҕам Иннокентий Иннокентьевич Бөлөнүүскэй нэһилиэк (оччолорго Кытаанах нэһилиэгэ итинник ааттанара) церковнай-приходской оскуолатын икки кылааһын бүтэрбит, оччотооҕу майгынан кыра үөрэхтээх киһи, холкуос пиэрмэтигэр сэбиэдиссэйдиирэ. Куорга мэлитэн уҥа хараҕынан көрбөт этэ, кэлин хаҥаһын дэҥнээн, 1952 с. көрөрүттэн маппыта. Ийэм Петр Акимович Собакин диэн алта оҕолоох киһи улахан кыыһа буолан, балыстарын-бырааттарын көрөн-харайан, оччотооҕу кэм сиэринэн хоп курдук үөрэхтээх дьон оҥортообут. Холкуоска ыанньыксыттыыра. Оччолорго холкуос ыанньыксыта уон биэс ынаҕы, төрөөтөхтөрүнэ ньирэйдэрин кытары холбуу, көрөрө-истэрэ, ынахтарын күҥҥэ түөртэ ыырын быыһыгар окко сылдьара. Быһата, сарсыарда эрдэттэн киэһэ хойукка диэри, икки хараҥаны ыпсаран үлэлиирэ. Онно барытыгар оҕолор илии-атах буолаллара. Ол сиэринэн мин ийэбин батыһа сылдьан, ынах ыырга, ньирэйи аһатарга, оту мунньарга, сүөгэйи иирдэргэ бэрт кыра сааспыттан үөрэммитим. Оскуолаҕа 1936 с. киирбитим. 1943 с. сэттэ кылааһы бүтэрбитим. 1942 сыл күһүнүгэр Кытаанах сэттэ холкуоһуттан биэһэ хоту көһөрүллэн, дойдуга биһиги холкуоспут «Эдэр ыччат» уонна «Бойобуой» холкуос хаалбыттара. Сүрдээх ыарахан кэм этэ, сут-кураан өрөгөйдөөн турара, өлүү-сүтүү да баара. Дьоммун кытары Алаас Эбэҕэ от кэбиһиитигэр сылдьан, «Кыһыл иитиэх» холкуос дьоно көһүүгэ баран эрэллэрин атаарбыппытын өйдүүбүн. Малларын сыыһын оҕуһу көлүммүт лүһүгүрүүр тэлиэгэҕэ тиэйэн, ол үрдүгэр кыра оҕолорун олордон, ынахтарын сороҕун холбонон, сороҕун үүрэн бара турбуттара харахпар хаалан хаалбыт… Холкуоспут сүөһүттэн атын баайа суоҕа. Хаһыҥ эрдэ түһэр буолан, сэлиэһинэй кыайан үүммэт этэ, дьэһимиэни, эбиэһи бэрт кыраны ыһаллара. Ол оннугар дьэ, оту оттуурдуу оттууллара, хас быттыгы-хонноҕу барытын сирийэллэрэ. Оҕуруот аһа диэни төрүт билбэт этибит, оннук үүнэн турарын көрбүтүм, өссө сиэбитим да диир киһи чугаһынан суоҕа. Эгэ, улааттахпына, оҕуруотчут буолуом диэн санаа баар буолуо дуо?

ЕН_-_01.jpeg
Үлэҕэ бастакы олугум

1948 с. нэһилиэк сэбиэтин сэкирэтээринэн ананан, икки сыл үлэлээбитим кэнниттэн, бу кыыс син тыыппалаах эбит диэтэхтэрэ, оройуон сэбиэтигэр устурууктарынан ылбыттара. Ол сырыттахпына, холкуоһум бэрэссэдээтэлэ Василий  Харитонов көрсөн, холкуоһунай оскуолаҕа киирэн үөрэн, мантан инньэ холкуоһу салайарга үөрэхтээх дьон наада буолуохтара диэбитэ. Ити 1952 с. этэ. Дьэ, мин ити күһүн Дьокуускайга үөрэнэ киирбитим.
Бэркэ сөбүлээн үөрэммитим, үс сыл биллибэккэ ааспыта. Үөрэхпин 1955 с. бүтэрэн, агроном идэтин ылан, дойдубар үлэлии тахсыбытым. Бэрэссэдээтэлим Г.К.Ноев биригэдьиир оҥорон кэбиспитэ. Биригэдьиирдэр иккиэ этибит, сүөһү-сылгы өттүгэр Гаврил Парфенов, хонуу үлэтигэр мин. Дьиҥинэн ыллахха, оҕо киһи улахан дьону салайан үлэлэтиэм дуо, кырдьаҕастар барахсаттар ыйан-кэрдэн, сүбэлээн-амалаан дьаһайтарар буоллахтара. Үлэ бөҕөтүн үлэлээбит-хамсаабыт, холкуоһу холкуос оҥорбут дьоһун дьон этилэрэ: Ыстапаан Потапов, суруйааччы Далан аҕата Үчүгэй Сэмэн уо.д.а. Кинилэр ханнык алааһы хаһан оттууру, кими ханна ыытары, ханнык аты туохха көлүйэри, туттар сэби-сэбиргэли хайдах оҥорторору барытын сүбэлииллэрэ. Эмиэ кураан сайын буолан, өҥүрүк куйааска оттуу сылдьабыт. «Кээтии, Чааныга аһыҥа киирэн эрэр, оҕустара тарт», – диэтэ биирдэ Үчүгэй Сэмэн. Инньэ гынан, нөҥүө алааска оттуу сылдьар биригээдэни көһөрөн аҕалан, түүннэри оҕустардым. Саҥардыы бүтэн, холкутуйан баран, тахсан эрэр күн сардаҥатын талахтарга кыһайан көрбүтүм, арай, салгыҥҥа туохтар эрэ кылабачыһаллар. «Тыый, туох буоллаҕай?» – диэн мунаара саныы турдахпына, били кылабачыгастарым элбээтэр элбээн истилэр, кэлин хап-хара халҕаһа буоллулар. Аһыҥа үөрэ киирэн эрэр эбит! Сэгэттэй, алааспыт быйаҥыттан төрүт илиибитин сотто сыспыппыт! Мындыр кырдьаҕас аһыҥа сырыытын сылыктаан билбитин көр! Оо дьэ, аһыҥаны утары араастаан да сордоһон биэрэрбит: бааһыналарбыт тула дьаама хаһарбыт, куйуурунан уонна ситии быанан да киирсэрбит… Аһыҥа диэн туохтан да иҥнибэт, сэрбэйэн эрэр күөҕү олорчу мэҥиэстэр харамай эбит этэ. Оннооҕор бастакы хотуур кэбиһиитин ынах төбөтүн уган сиэбитин курдук оҥортуура!

Герой_-_1.jpeg

Мэҥэ сиригэр

1957 с. олох олоро Мэҥэ сиригэр үктэммитим. Бииргэ үөрэммит уолбар Егор Дмитриевич Олорчохоонопко кэргэн тахсыбытым. Дьиҥинэн, холкуоһунай оскуоланы бүтэрэрбитигэр холбоһуохтаах этибит да, мин: «Холкуоһум эрэнэн ыыппыта, онон, хайаан да тиийэн үлэлиэхтээхпин», -- диэммин дойдубар барбытым. Кэргэним Ороссолуодаҕа холкуос бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан, мин агрономунан үлэлээбиппит. Оҕуруотчут идэтигэр уһаарыллыым, үөрэниим мантан саҕаламмыта. 1959 с. Хаптаҕайга көһөн кэлбиппит. Үлэ Дьоруойа Гаврил Самсоновы кытары түөрт сыл кэриҥэ бииргэ үлэлээбитим. Кини тугу барытын бэлиэтэнэ сылдьара, айылҕаны мындырдаан кэтиирэ. Оччолорго ТХНЧИ атаҕар тура илигэ, оҕуруот аһын оройуоннаммыт суортара диэн суохтара. Гаврил Семенович өр сылларга чинчийэн-үөрэтэн, хаппыыстаҕа «Стахановка», «Колхозница», «Слава», оҕурсуга «Муромскай-36», «Вязниковскай-37», «Алтайскай-166», хортуоппуйга «Эрдэтээҥҥи Хибинскэй» диэн олохтоох усулуобуйаҕа сөп түбэһэр суортары таһаарбыта. Помидор «Бизон» суордугар «Спартагы» холбоон, «Хаптаҕайдааҕы» диэн саҥа суорду үөскэппитэ. Хаптаҕай оҕуруотчуттара үрдүк үүнүүнү ылыыбыт бастакы төрдүнэн бу суортар буолбуттара. Мин оҕуруокка биригэдьииринэн 1961 с. анаммытым итиэннэ ол эбээһинэспин 30 сыл устата толорбутум.

Г_с_А.jpeg

Ситиһии төрдө

1966 сылтан иһинэн идэтийиигэ киирбиппит. Култуура чопчу көрүҥүн үүннэриини дэгиттэр баһылаабыт оҕуруотчуттар баар буолбуттара. Базаны хаҥатыыга далааһыннаах үлэ саҕаламмыта, улахан тэпилииссэлэр, электро-уотунан сылытыллар парниктар тутуллубуттара, кэлим мелиоративнай ситим тардыллыбыта. 1967 с. ис хаһаайыстыбаннай ахсааҥҥа киирбиппит. Биригээдэ хас биирдии үлэһитигэр нуорма сири сыһыаран, онтон хомуйуохтаах баалабай бородууксуйатын былаанын тиэрдибиппит. Үлэ төлөбүрэ төһө бородууксуйаны туттарартан тутулуктаммыта. Быһата, үлэ түмүгэр интэриэс үрдээбитэ, хас биирдии оҕуруотчут эппиэттээх учаастагыттан үрдүк үүнүүнү ылар туһугар бары сыратын ууран үлэлиир буолбута. Технологическай карта диэни оҥорон сири таҥастааһынтан, уоҕурдууну киллэрииттэн, ыһыы сиэмэтин бэлэмнээһинтэн саҕалаан, күһүҥҥү хомуур түмүктэниэр диэри үлэни-хамнаһы тэрийии чопчуламмыта. Онно учуонайдар уонна уопуттаах үлэһиттэр сүбэлэрэ-амалара, урукку өттүнээҕи итэҕэстэр, көтүтүүлэр учуоттаналлара. Үлэни маннык тэрийии түмүгэр, оҕуруоппут сирин сыллата кэҥэтэн, 1961-1965 с. гектар ахсыттан 206 ц, 1966-1970 сс. – 348 ц, 1971-1975 сс. – 445 ц үүнүү ылыллыбыта. Сыралаах үлэ сиэрдээхтик сыаналаммыта, үгүс оҕуруотчут уордьанынан, мэтээллэринэн наҕараадаламмыттара, араас пуондаларынан бэлиэтэммиттэрэ. Мин 1973 с. Социалистическай Үлэ Дьоруойа буолбутум.

Г_с_Н.jpeg

Үтүө дьоннуун эҥэрдэһиим – дьылҕам бэлэҕэ

Билигин эргитэ санаан көрдөхпүнэ, олоҕум устата наар үчүгэй дьон тулалаабыт эбиттэр. Көһөрүллүбүт холкуостары дойдуларыгар төннөрүүгэ хорсуннук сыралаһан, Чурапчы дьонугар Айыы киһитин тэҥэ буолбут, Кытаанах нэһилиэгин бастакы хомсомуола Василий Петрович Харитонов холкуос аатыттан үөрэххэ ыытан, олох киэҥ аартыгар киллэрбитэ. Холкуоһунай оскуола дириэктэрэ саха биир чулуу киһитэ Афанасий Петрович Мигалкин сэрии сылларыгар оҕус сиэппит, бурдук быспыт тыа сирин холкуостаах ыччаттара үөрэнэн, идэлээх исписэлиис буоларбытыгар сөптөөх усулуобуйаны барытын тэрийбитэ. Оҕуруотчут уустук идэтигэр Үлэ Дьоруойа Гаврил Семенович Самсонов, аатырбыт агрономнар – Ленин уордьаннаах Дмитрий Сивцев, идэтинэн биология учуутала, наука этиитигэр үлэ үөрүйэҕин дьүөрэлиир Семен Алексеев, Саха АССР үтүөлээх агронома Семен Васильев уһуйбуттара. Кинилэр иитэн-такайан таһаарбыт кэлэктииптэрин, туруу үлэһит дьон, итэҕэллэрин ылан биригэдьиирдээбитим. Кэргэним суох буолбутун кэннэ, Хаптаҕай дьоһун киһитин, Илиҥҥи сэрии бэтэрээнэ Николай Семенович Назаровы кытары олохпун холбооммун, кини мин үлэлиирбэр-хамсыырбар бөҕө тирэх буолан, икки өттүттэн оҕолорбутун атахтарыгар туруортаан, сиэннэрбитин биэбэйдээн, тэҥҥэ кырдьан, сүүс сүүспүтүттэн өйөһөн баччаҕа кэллибит. Ону барытын дьылҕам бэлэҕин быһыытынан сыаналыыбын уонна махтанабын.

Хаартыскалар ааптар уонна ТХМ архыыбыттан

  • 7
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 1

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением