Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -34 oC

Сүүрбэһис үйэ саҕаланыытыгар Арассыыйаҕа уопсастыбаннай өй-санаа уларыйыыта, политическай охсуһуу күүһүрүүтэ ыраах Саха Cирин тумнубатаҕа. Василий Никифоров-Күлүмнүүр курдук саха чулуу дьонноро уонна политсыылынайдарга үөрэммит ыччаттар бэйэлээх бэйэтин төрөөбүт дойдутугар олорон, «туора урдустан» атыннык ааттаммат норуоттарыгар сандаарбыт саҕаҕы арыйар охсуһууларыгар эдэр кыргыттар, дьахталлар кынат буолбуттара.

Сүүрбэһис үйэ саҕаланыытыгар Арассыыйаҕа уопсастыбаннай өй-санаа уларыйыыта, политическай охсуһуу күүһүрүүтэ ыраах Саха Cирин тумнубатаҕа. Василий Никифоров-Күлүмнүүр курдук саха чулуу дьонноро уонна политсыылынайдарга үөрэммит ыччаттар бэйэлээх бэйэтин төрөөбүт дойдутугар олорон, «туора урдустан» атыннык ааттаммат норуоттарыгар сандаарбыт саҕаҕы арыйар охсуһууларыгар эдэр кыргыттар, дьахталлар кынат буолбуттара.

Өй-санаа уһуктуута

1917 сыллаах олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ туһунан сурах Дьокуускайга кулун тутар саҕаланыытыгар, ол эбэтэр баччаларга кэлбитэ. Уопсастыбаннай өй-санаа  уһуктуутугар улахан сэргэхсийиини таһаарбыта.

Өтөрдөөҕүтэ Саха тыйаатырыгар народнай суруйааччы Баһылай Харысхал «Бастыҥ хатыыта» дырааматын премьератын көрбүтүм. 300 сыл устата саба баттаан олорбут ыраахтааҕы былааһа халбарыйбытын, Николай II  бүрүстүөлүттэн аккаастаммытын бэлиэтээн тэриллибит мунньахха «Сахалар сойуустарын» салайааччы Василий Никифоров-Күлүмнүүр үөрэн-көтөн, өрөгөйдөөн туран: «Арассыыйа демократия суолунан сайдыаҕа, сахалар бэйэни салайыныыга киириэхпит, Саха сирэ бэйэтэ туспа судаарыстыбаннай статустаах буолуоҕа», -- диир эбээт!Дьэ маннык кэскиллээх санаанан салайтаран тэриллибит сахалар бастакы көҥүл мунньахтарыгар бэрэссэдээтэлинэн В.В. Никифоров-Күлүмнүүр, бэрэссэдээтэли солбуйааччынан М.Ф. Слепцов, суруксутунан С.А. Новгородов талыллан, үлэлэрин саҕалаабыттар. Бары араҥалар, баартыйалар бэрэстэбиитэллэрин түмэн, Уопсастыбаҕа куттал суох буолуутун кэмитиэтэ  тэриллэн, былааһы илиитигэр ылбыт, ыраахтааҕы былааһын дьаһалтата хаан тохтуута суох туораан биэрбит.

Олох уларыйар, норуот дьылҕата быһаарыллар күүрээниттэн дьахталлар туора турбатахтар: саха, татаар уонна дьэбириэй дьахталларын сойуустарын тэрийбиттэр. «Саха дьахталларын сойууһун» салайааччыларынан В.И. Осипова, Е.Е. Обутова уонна К.Д. Стрекаловская талыллыбыттар. Сойуус көҕүлээһининэн нэһилиэнньэ киэҥ араҥатыгар саҥа олох сыалын-соругун сырдатар үлэ ыытыллыбыт, демонстрациялар тэриллибиттэр.

Ол эрээри, ааспыт өттүгэр бу сойуус туһунан улаханнык сырдаппат этилэр. 1917 с. кулун тутарга Быстах бырабыыталыстыбаны өйүүр «Дьахталлар тэҥ бырааптарын сойууһа» диэн А.А. Григорович салайааччылаах түмсүү, онно утары хардыы быһыытынан бассабыыктар Н.А. Александрова, М.М. Виленская «Үлэһит дьахталлар сойуустарын» тэрийбиттэрин, кэлин Сэбиэскэй былаас олоҕун булбутун кэннэ 1920 с. бэс ыйыгар бассабыык баартыйа губбюротун иһинэн дьахтар салаата тэриллибитин, салайааччынан Вера Синеглазова анаммытын туһунан кэпсииллэрэ.

Омугумсуйууга буруйданан

«Саха дьахталларын сойууһа» тоҕо умнууга хаалбытай? Бу ыйытыыга харданы 1931 сыл, кулун тутар 8 күнүгэр «Автономная Якутия» хаһыакка тахсыбыт, «В.А.» диэн илии баттааһыннаах, кылгас эрээри, бэрт дириҥ түгэхтээх ыстатыйа биэрэр. Ол ыстатыйаны хайдах баарынан биэрэбит.

"Союз женщин якутской нации

(Из прошлого)

Бесправное положение якутской женщины-крестьянки и батрачки до Октябрьской революции достаточно известно, чтобы много о нем распростроняться. Это была в полном смысле слова безответная рабыня в семье, служившая предметом купли-продажи (калым). Это бесправие при наличии тягчайшего социально-экономического положения трудящейся массы, задыхавшейся от гнета и эксплуатации тойонатско-кулацкой верхушки, создавало для женщины-якутки, казалось, безысходный тупик.

Февральская революция ни на йоту не изменила к лучшему этого гнетущего, безрадостного существования труженицы-якутки. Правда в первые же месяцы революции организовался в Якутске «Союз женщин якутской нации», но этот союз явился детищем интеллигентного слоя якуток, вышедших из буржуазно-тойонатской среды. Уже само название союза говорит за то, что организаторы его, отбрасывая в сторону классовые перегородки, пытались представительствовать якутских женщин, по одному лишь национальному признаку. Но, конечно, напрасно было бы искать в рядах этого «внеклассного» союза представителей самого забитого и угнетенного слоя якутского населения – женщины-крестьянки, батрачки. Недаром на протяжении 1917-1918 гг. когда рабочие Якутска вели борьбу с буржуазно-эсеревской «объединенной демократией», «Союз женщин якутской нации» выступает в ряды этой «демократии». Союз этот был ничем иным, как филиалом тойонатского Якутского национального комитета, возглавлявщегося известным дюпсюнским тойоном В.В. Hикифоровым.

И только Великая Октябрьская революция сбросила с женщины-якутки цепи векового рабства и гнета, только под руководством ленинской партии большевиков женщина-якутка, работница и крестьянка строят и построят свободное общество социализма.

В.А.

Автономная Якутия. – 1931. – 8 марта".

Василий Васильевич Ксенофонтов-Күлүмнүүр Саха АССР Бырабыыталыстыбатын көҕүлээһинэн 1925-1926 сс. тэриллибит ССРС Наукаларын академиятын научнай экспедициятыгар кыттыбыт отчуотун туттаран баран, Булт киин уопсастыбатын Саха Сиринээҕи салаатын сэбиэдиссэйинэн ананан, Мокваттан 1927 сыл балаҕан ыйын 18 күнүгэр айаннаан кэлээтин кытары, ГПУ эрдьигэннэрэ туппуттара. Бириистэнтэн быһа хаайыыга илдьибиттэрэ. «Сахалар сойуустарын» тэрийэн бэйэни салайыныыга турууласпытын токурутан, Саха Сирин арааран Японияҕа холбуурга соруммута, «ксенофонтовщинаҕа» кыттыста диэн сымыйанан балыйаннар (дьэ, тарбахтарыттан арааһы эмэн таһааралларын сатыыллар!) омугумсуйууга буруйдаабыттара, «буржуазнай националист» диэн дьаралыктаабыттара, норуот өстөөҕө оҥорбуттара. ССРС Наукаларын Академията кинини көмүскэһэн суруйбут суругун көрө да барбатахтара. Ол түмүгэр, Күлүмнүүр барахсан тугу тэрийбитэ, оҥорбута-туппута барыта сиргэ-буорга тэпсиллибитэ.

Бэл, сындыыс сулус курдук бэрт кылгас кэмҥэ күлүм гынан ааспыт «Саха дьахталларын сойууһа» көйгөтүтүллүбүтэ, саха дьахталларын өйдөрүн-санааларын уһугуннарарга оҥорбут суолтата умнуллубута. Сойууһу омугунан тэрийии оччотооҕу олох чахчытынан салайтаран оҥоһуллубута өйдөнөр: нуучча, дьэбириэй уонна татаар дьахталларын олохторо-дьаһахтара, өйдөрө-санаалара атына, кинилэр куоракка олороллоро, тыаҕа тахсыбат, сахалыы билбэт этилэр, онон тыа сиригэр өйдөтөр-сырдатар үлэни саха дьахталлара бэйэлэрэ эрэ тэрийэн ыытар кыахтаахтара. Үтүө саҕалааһын кэлин омугумсуйууга балыллыа диэхтэрэ дуо?

В.И.jpeg

«Таарыйа дьахтар суута...»

Бу сойууһу салайбыт дьахталлар дьылҕаларын туһунан билээри биһиги ааспыт сылларга бэчээккэ, куйаар ситимгэр тахсыбыт матырыйааллары хасыһан көрдүбүт. К.Д. Стрекаловская туһунан тугу да булбатыбыт.

«В.И. Осипова» диэн – Варвара Иннокентьевна Кулаковская (Иккис Өлтөх нэһилиэгиттэн төрүттээх, куоракка олохсуйбут саха биир чулуу киһитин Иннокентий Говоров кыыһа) эбит. Кини туһунан биллиилээх суруналыыс  Нина Протопопова «Инники күөҥҥэ сылдьыбыта» диэн 2006 с. «Далбар Хотун» сурунаал 3-4 №-гэр таһаарбыт ыстатыйата сиһилии кэпсиир.

Онтон ааҕан биллэххэ, Варвара Иннокентьевна бастакы кэргэнэ Осипов өлбүтүн кэнниттэн, 1926 с. Роман Федорович Кулаковскайга (1889-1939) кэргэн тахсыбыт. Роман Федорович сэбиэскэй былааһы олохтоспут, Быыбар киин хамыыһыйатын тэрийсэн, бэрэссэдээтэлинэн түөрт сыл үлэлээбит, салгыы Саха Киин ситэриилээх кэмитиэтигэр сэкирэтээрдээбит.

Варвара Иннокентьевна үлэтэ-хамнаһа сүрдээх киэҥ далааһыннаах уонна үрдүк таһымнаах эбит. Сир уездтааҕы салалтатыгар сэкирэтээрдээбит, Дьокуускай уездтааҕы ревкомугар регистратордаабыт, политическай сырдатыыга, «Холбоско» үлэлээбит. 1922 сылтан куоракка саха уһуйаанын тэрийэн, онно сэбиэдиссэйдээбит. Баартыйа губбюротун иһинэн үлэһит дьахталлар салааларын салайбыт. Сэбиэттэр Бүтүн Саха Сиринээҕи бастакы (1922), үһүс (1924), төрдүс (1926) сийиэстэрин дэлэгээтэ, Саха Киин Ситэриилээх кэмитиэтин (ЯЦИК) чилиэнэ, Дьокуускай куорат олохтоох сэбиэтин дьокутаата эбит. Бу – мээнэ дьахтар тиксибэт үрдүк солото уонна итэҕэлэ! 1923 с. В.В. Никифоров-Күлүмнүүр салалтатынан Москубаҕа сахалар быыстапкаларын тэрийсибит. Экспонаттарын: түүлээх арааһын, саха таҥаһын-сабын, симэҕин, иһитин-хомуоһун тиэнэн, Өлүөнэ устун оҥочонон устан, Иркутскайтан тимир суолунан айаннаан тиийбиттэр. Саха ыалын тиэргэнин көрдөрбүттэр.

1925 с. алтынньыга Дьокуускайга бастакы аэроплан кэлиитин көрсөр миитиҥҥэ Хабырылла Дьөгүөрэп көтөр аалтан түһэн баран: «Обкуом баартыйа, дорообо! Йарсыык суут, дорообо! Уонна ...таарыйа дьахтар суута, эмиэ дорообо!» – диэн киниэхэ туһулаан эппит.

Тус олоҕо, саха бастакы көлүөнэ үөрэхтээх дьонун барыларын курдук, ыар сүгэһэрдэммит, күнүстэри тымтыктана сылдьан норуот өстөөхтөрүн көрдүүр кэмҥэ, 1938 с., кэргэнин Роман Федоровиһы тутан илдьэ барбыттар. Уола Федя 16 сааһыгар Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр Тааттаҕа аймахтарыгар тахса сылдьан ууга былдьаммыт. Бэйэтэ сэрии кэнниттэн сотору өлбүт.

1_съездкооп.jpeg

«Холбоско» холбоһон

«Е.Е. Обутова» диэн – «Холбос» өрөспүүбүлүкэтээҕи потребсойууһу төрүттэспит, олоҕун 23 сылын бу тэрилтэҕэ анаабыт Евдокия Ефимовна Обутова эбит. Араспаанньата бастакы кэргэнинэн Обутова диэн, иккис кэргэнэ – Мэҥэ Хаҥалас улууһун Суолатыттан төрүттээх, Саха Сиригэр доруобуйа харыстабылын тэрийсибит, Абалаах бадараанынан эмтиир санаторийын төрүттээбит Тит Егорович Сосин.

Кинилэр Суола ыччаттара үөрэнэллэригэр, нэһилиэк дьоно-сэргэтэ сырдыкка тардыһарыгар, саҥа олоҕу тутууга кытталларыгар улахан сабыдыаллаахтар. Саамай дьалхааннаах 1918-1920 сс. куораттан Бүтэйдээххэ тахсан олорбуттар, Тит Егорович балыыһаҕа биэлсэрдээбит. Бүтэйдээхтэн төрүттээх, Дьокуускайга «Экономика» кэпэрэтииби тэрийбит Кузьма Осипович Гаврилов сүбэтинэн-аматынан, 1918 с. «Суола» диэн потребительскэй кэпэрэтииби тэрийбиттэр.

Бу кэпэрэтиипкэ Евдокия Обутова «Экономия» кэпэрэтииптэн табаар таһааран ыаллыы олорор Алтан, Үөһээ Алтан, Моорук, Үөһээ Моорук, Тараҕай, Чалҕаа нэһилиэктэригэр атыылыыр уонна эппиэттээх дьону анаан атыылатар эбит. 1918 с. ахсынньыга ыытыллыбыт кэпэрэтииптэр бастакы сийиэстэригэр дэлэгээт быһыытынан кыттыбыт. Биллэрин курдук, бу сийиэскэ куорат дьоҕус кэпэрэтииптэрин түмэн, норуот туттар табаарын соҕурууттан кииннээн аҕалар «Холбос» потребительскэй кэпэрэтиип тэриллибитэ. Дьэ ол кэмтэн ыла кини олоҕун бу тэрилтэни кытары ситимнээбит. «Холбос» бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан, кооперативнай техникум дириэктэринэн үлэлээбит.

Айыыһыта оҕолонор дьолу биэрбэтэх, онон кэргэнин аймахтарын көрөн-истэн, үөрэттэрэн, «Дуунньа Маама» диэн ааттаммыт. Билигин Намҥа олорор Евдокия Гаврильева-Сибэкки Дуунньа Евдокия Ефимовнаны эбэм диэн ааттыыр. Кини ийэтэ Диалектина Сосина Дуунньа Маамаҕа иитиллэн улааппыт, ийэтэ эдэр сааһыгар өлөн, кыра Дуня эмиэ эбэтигэр иитиллибит.

Две_Дуни_1.jpeg

Үс Дуня эйгэтин сэгэттэхэ

Евдокия Обутова төрөөбүт сирэ чуолкай биллибэт, сорохтор Чурапчыга, сорохтор Намҥа дииллэр. Куоракка улааппыт кыыс Манньыаттаах Уолугар эстэрээппэлии сылдьан, Обутов диэн киһиэхэ эргэ тахсыбыт.

Чугастык бодоруспут дьүөгэлэриттэн ордук биллэллэрэ-көстөллөрө саха литературатын төрүттээччи А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй кэргэнэ Евдокия Ивановна Лыскова, классик суруйааччы А.И.Софронов кэргэнэ Евдокия Константиновна Яковлева эбиттэр. Ону кэрэһилиир тыллары Реас Кулаковскай «Аҕам олоҕо» диэн кинигэтиттэн булабыт. Бу кинигэ 2006 с. «Уран тыл уустара» сиэрийэнэн тахсыытыгар 159 сирэйгэ маннык суруллубут: «Алампа Дунята ону-маны кэпсэппэхтии түһэн, аһын тардан баран, Алексей Дунятыгар тахсыбыта. Онно Обуудап Дунята кэлбитэ үһү. Онон үс Дуня табыллыбыт күннэрэ буолбут, хайаан да лотуолуу түһэн баран тарҕаһыахтара».

Манна Өксөкүлээх Өлөксөй Бодойботтон саҥа кэлбит кэмэ, 1917 сыл сайына, кэпсэнэр. Икки Дуня бу быдан инниттэн дьүөгэлии буолбуттарын туһунан Евдокия Лыскова уонна Евдокия Обутова 1909 с. бииргэ түспүт хаартыскалара кэпсиир.

Оттон Алампа Дунятын, Евдокия Константиновна Яковлеваны, кытары өссө эрдэттэн билсибит буолуон сөп. Тоҕо диэтэххэ, Евдокия төрөппүттэрэ Нам Үөдэйиттэн көһөн киирэн, Калинкин диэн саха атыыһыта Марха таһыгар баар сайыымкатыгар сүөһү көрөөччүнэн үлэлээбиттэр, аҕыс саастаах Дуня куоракка Калинкиннарга олорбут, кэлин дьиэ үлэһитэ буолбут. Калинкиннар Манньыаттаах уолун ааҕы кытары билсэр эбиттэр. Дьэ ол кэмнэртэн икки Дуня бодоруспут буолуохтаахтар: бастатан туран, саастарынан араа-бараалар, иккиһинэн, иккиэн эстэрээппэлэр.

Обутова_с_внучкой.jpeg

Сийиэстэр дэлэгээттэрэ

Варвара Осипова-Кулаковская уонна Евдокия Обутова олохторун суола тэҥҥэ алтыспыт. Ол курдук, «Холбоско» иккиэн бииргэ үлэлээбиттэр. 1924 с., ахсынньы 15-22 күнүгэр ыытыллыбыт Сэбиэттэр Бүтүн Саха Сиринээҕи үһүс сийиэстэрэ кинилэр этии киллэриилэринэн, «Халыымы суох оҥорор туһунан» быһаарыыны ылыммыт – дьахтар 17 сааһыттан эрэ эргэ тахсара көҥүллэммит (онуоха диэри баттыгастаах үйэҕэ саха кыыһа барахсаны, ордук тулаайахтары, 14-15-16 саастарыттан эргэ биэрэр атаҕастабыллаах кэмэлдьи баар эбит). Ол туһунан учуонай Егор Антонов маннык суруйар: «Решение было принято по инициативе пяти делегаток съезда: М.Т. Готовцевой, А.И. Нахаевой, Е.Е. Обутовой, В.И. Осиповой и Е.И. Саввиной, обратившихся с заявлением о необходимости запрещения калыма как пережитка средневековья, превращающего женщину в предмет купли-продажи. Съезд принял также решение об имущественных правах женщин при разводе, о запрещении выдачи замуж несовершеннолетних; установил брачный возраст с 17 лет.» (Көр: Северо-Восточный гуманитарный вестник, 2017, № 4 (21).

Соторутааҕыта, кулун тутар 1 күнүгэр, Саха тыйаатыгар ыытыллыбыт Ил Түмэн үбүлүөйдээх тэрээһинигэр Национальнай библиотека туруорбут быыстапкатыгар «Всеякутские съезды Советов» диэн кинигэ баара. Онно көрдөххө, үһүс сийиэс дэлэгээттэрин испииһигэр 51-с киһинэн Обутова Евдокия Ефимовна, 52-с киһинэн Осипова Варвара Иннокентьевна, 53-с киһинэн Ойуунускай Платон Алексевич суруллубуттар. Бу сийиэскэ талыллыбыт Киин Ситэриилээх кэмитиэт састаабын испииһэгэр Варвара Осипова -- чилиэн, Евдокия Обутова – чилиэҥҥэ хандьыдаат быһыытынан суруллан сылдьаллар.

Дьүөгэлиилэр 1925 сыл кулун тутар 9-8 күннэригэр ыытыллыбыт Бүтүн Саха Сиринээҕи Үлэһит дьахталлар бастакы сийиэстэригэр кыттыбыттара. Тустаах үлэлэрин култуурунай өрөбөлүүссүйэҕэ алтыһыннаран, тыа дьахталларын өйдөрүн-санааларын уһугуннарыыга, хотону дьиэттэн араарыыга, «Ыраас олох» хамсааһыҥҥа үлэлээбиттэрэ.

Дьэ бу курдук, «Саха дьахталларын сойууһа» төһө да кылгас кэмҥэ үлэлээт, көйгөтүтүллэн умнууга хааллар, түмсүүнү тэрийсибит, иилээбит-саҕалаабыт хоһуун санаалаах саха кыргыттара саҥа олоҕу тутууга кыахтара баарынан үлэлээбиттэрэ-хамсаабыттара.

Хаартыскалар куйаар ситимиттэн уонна Евдокия Гаврильева архыыбыттан ылылыннылар.

  • 5
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением