А.Д. Макарова аатынан Дьокуускайдааҕы Култуура уонна ускуустуба кэллиэһин дириэктэрэ, Ил Түмэн дьокутаата Захар Никитин ол туһунан маннык кэпсиир:
-- Биһиги бу сырыыбыт хас да сыаллаах: үөрэтэр, култуурунай, волонтерскай уонна патриотическай. Сэрии иннинээҕи сылларга Ленинградка тиийэн, театральнай студияҕа үөрэммит саха ыччаттара блокада сылларыгар олохторун туһунан сырдатар “Оонньоммотох оруоллар” испэктээҕи иккитэ оонньоон көрдөрдүбүт.
Бастакы оонньуу -- “Күнүскү сулустар” пуорум чэрчитинэн, Ленинград оборуонатын уонна блокадатын судаарыстыбаннай мусуойугар, иккис – “Красногаврдейскай” Кклтуура киинигэр буолла. Көрөөччүлэр, ол иһигэр блокада кыттыылаахтара бааллара, олус астынан тарҕастылар. Быйыл балаҕан ыйыгар буолар Ленинград төгүрүктээһинтэн босхоломмута 80 сылыгар анаммыт театральнай бэстибээлгэ кыттарга ыҥырдылар, -- диир Захар Николаевич.
Старай Руссаҕа буолбут миитиҥҥэ кэллиэс устудьуоннара Сергей Васильев “Ытык Ильмень” поэматыттан быһа тардан аахпыттар, тойуктаабыттар, хомуска оонньообуттар.
“Бииргэ” патриотическай десаан кыттыылаахтара култуурунай дьаһалларга кытталларын таһынан, Саха Сириттэн Анал байыаннай дьайыыга бааһыран, Петербург госпиталларыгар эмтэнэр байыастары көрүстүлэр. Кинилэргэ анаан бүтүн кэллиэһинэн хомуйбут 115 киилэ баһыылкаларын илдьэн туттардылар.
А.Д. Макарова аатынан Дьокуускайдааҕы Култуура уонна ускуустуба кэллиэһин салалтата уонна устудьуоннара бу дьоһун дьаһалга кыттарга көмөлөрүн иһин култуура уонна духуобунас миниистирэ Афанасий Ноевка, Арассыыйа Федерациятын Бэрэсидьиэнигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастайааннай бэрэстэбиитэлэ Андрей Федотовка махтаналлар диэн Ил Түмэн саайта иһитиннэрэр.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0