Өрөспүүбүлүкэҕэ оҕо туризмын, сынньалаҥын, доруобуйатын чэбдигирдиини тэрийии туһунан ыам ыйын 15 күнүгэр Ил Түмэҥҥэ төгүрүк остуол буолан ааста. Норуот дьокутааттара, министиэристибэлэр уонна биэдэмистибэлэр салайааччылара, муниципальнай тэриллиилэр бэрэстэбиитэллэрэ, үөрэх үлэһиттэрэ кыттыылаах киэҥ хабааннаах кэпсэтиини Ил Түмэн билимҥэ уонна үөрэххэ, урбааҥҥа уонна туризмҥа сис кэмитиэттэрэ кыттыгас тэрийэн ыыттылар.
Мунньаҕы Ил Түмэн билимҥэ уонна үөрэххэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Антонина Григорьева ыытта. Кини Судаарыстыбаннай Дуумаҕа дойдуга туризмы тэрийии туһунан саҥа сокуон ылыныллыахтааҕын, оччотугар туристическай эбийиэктэргэ барарга тырааныспар сырыыта, сиэрбис таһыма тупсуохтааҕын билиһиннэрдэ.
Арассыыйаҕа 2035 с. диэри туризм сайдыытын стратегията 2019 с. оҥоһуллубута. 2021 с. национальнай бырайыактар ахсааннарын туризм уонна ыалдьыттары көрсүү салаата хаҥаппыта. Ол эрэн оҕо туризмын сайыннарарга ситэ көрүллэ илик боппуруос үгүс диэн этэн туран Антонина Григорьева төгүрүк остуол кыттыылаахтара этиилэрин киллэрэллэригэр, баҕа санааларын этэллэригэр ыҥырда.
СӨ Үөрэҕин уонна билимин миниистирин солбуйааччыта Иннокентий Афанасьев иһитиннэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ 2024 с. 106 860 оҕо сайыҥҥы сынньалаҥынан хабыллыахтаах, итиннэ оскуолаҕа үөрэнэр саастаах оҕолор 69,5% киирбит. Кинилэр сынньалаҥнарын хааччыйарга 433 күнүскү лааҕыр, 47 куорат таһынааҕы лааҕыр, 45 үлэ уонна сынньалаҥ лааҕыра, 30 палаточнай лааҕырдар үлэлиэхтэрэ.
Бу сайын лааҕырдарга анал байыаннай дьайыыга сылдьар дьон оҕолоро, уопсайа 2800 оҕо сынньаныахтара. Өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр 10 468 оҕо сынньана барыаҕа.
Аартыка 13 улуустарын 179 оҕолоро федеральнай субсидия уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар интэриэстэрин көмүскүүр судаарыстыбаннай бырагыраама көмөтүнэн Краснодарскай кыраай лааҕырдарыгар доруобуйаларын чэбдигирдиэхтэрэ. «Аартыка оҕолоро» бырагыраама 5-8 кылаас оҕолоро Арассыыйа куруортарыгар сынньана баралларын хааччыйар. Путевка уонна айан төлөбүрүн барытын судаарыстыба уйунар.
Ону таһынан, 484 оҕоҕо путевка толору төлөнүөҕэ, Краснодарскай уонна Приморскай кыраай лааҕырдарыгар барарга айан ороскуотун сороҕун толуйуохтара.
459 оҕо эрэгийиэннээҕи квота чэрчитинэн, «Океан», «Смена», «Орленок», «Артек» оҕо киинигэр сыл устата сынньаныахтара.
9346 оҕо өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр сынньана барар ороскуотун төрөппүттэрэ, улахан бырамыысыланнай хампаанньалар идэлээх сойуустара төлүөхтэрэ.
Саха Сиригэр күн бүгүн 34 стационарнай лааҕыр баар, 76% хапытаалынай өрөмүөҥҥэ наадыйаллар, улахан аҥаардара эргэрдилэр. Кинилэр материальнай-тиэхиньиичэскэй баазалара мөлтөөн, оҕолору төгүрүк суукка көрөр баазалар аҕыйаан иһэллэр. Оҕо сынньалаҥын тэрийэргэ, инфраструктураны тупсарарга үп-харчы тиийбэтэ атахтыыр.
2024 с. 26 лааҕыры саҥардыахтаахтар, ону олоххо киллэрэргэ 2030 с. диэри үбүлээһин көрүллүөхтээх. 2030 с. диэри 26 оҕо сынньалаҥын баазатын саҥардыахтара.
Эһиил «Полярная звезда» төгүрүк сыл үлэлиир оҕо киинэ аһыллыахтаах, бырайыак быһыытынан, манна симиэнэҕэ 350 оҕо сынньаныаҕа.
Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан Саха Сиригэр 20 итэҕэһэ суох сертификаттаах оҕо экскурсионнай уонна туристическай маршруттара аһыллыахтаахтар. Оҕо уонна ыччат туризмын сайыннарарга координаторынан «Юные якутяне» өрөспүүбүлүкэтээҕи ресурснай киин анаммыт. Тэрилтэ тулалыыр эйгэни үөрэтэргэ 13 маршрут реестрын оҥорбут. Онно бөлөҕүнэн, эбэтэр дьиэ кэргэнинэн өрөбүллэргэ барыахха сөп.
Ол туһунан сиһилии "Ил Түмэн" хаһыат кэлэр нүөмэригэр ааҕыҥ.
Хаартыска: Василий Кононов, СИА архыыбыттан.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0