Сэтинньигэ түүмэх түһэн барар. Түүмэх диэн син биир кыраһа курдук. Уу паара тоҥон, хаар буолар уонна сиргэ түһэр. Түүмэх, үксүгэр, былыта суох буолар. Эһиилги сыл хайдах буолуон түүмэҕинэн билэллэр. Түүмэх элбэх буоллаҕына — өҥ дьылы, түүмэх аҕыйах буоллаҕына, курааны күүтэллэр. Ый ортотугар (14 күн) сылаас таҥаһы кэтэр күн. Халлаан тымныйар. Киһи кыһыҥҥы таҥаһын кэтэр. Ый бүтүүтэ сэргэ төбөтө сэтэриччи тоҥор тымныыта түһэр. Бу өссө аам-даам буолбатах (ол ахсынньы 10-тан саҕаланыа). Күн сиэлиинэн күрэнэн иһэр. Хараҥа улаата турар.
Сэтинньигэ кыһын хайдах буолуон, саас хойутуон дуу, эрдэлиэн дуу, быһаараллар. Сэтинньи тибиитэ элбээтэҕинэ үс буолар, оччоҕо саас тоҕус тибин түһэр. Бу түбэлтэҕэ өҥ дьылы күүтэллэр. Сэтинньи ыйы ыам ыйа батыһар.
Миитэрэйэп саҕана (сэтинньи 8 күнэ) халлааҥҥа чүмэчи курдук былыттар таҕыстахтарына, сылаас кыһын буолар.Ыт атаҕын чиккэччи тэбинэн ойоҕоһунан сыттаҕына, хаар түһүө. Өрүс уута тура илигинэ кыстык хаар түстэҕинэ, куһаҕан дьыл кэлэр. Ойбону саҥа аллардахха уута толору тахсар, ардыгар модьоҕотун таһыгар охсор буоллаҕына, уулаах саас, итиэннэ өҥ сайын кэлэр. Уу нэһиилэ тахсар, өрө тэппэт буоллаҕына, сааһыгар үрэххэ уу кэлбэт, уута суох саас буолар.
Сэтинньи ый билгэтэ
Сэтинньи ый 2 күнэ – былыттаннаҕына, кыһына ичигэс.
Сэтинньи ый 3 күнэ – Бу ыйга үс тибии түстэҕинэ, саас тоҕус тибии түһэр дииллэр. Онтон элбэх буоллаҕына, өҥ дьыл буолар. Онтон аҕыйах буоллаҕына, кураан дьыл буолар.
Сэтинньи ый 5 күнэ – Былыта суох күн хаар кыыдамнаан, элбэх кыраһа түстэҕинэ, өҥ сыл буолар. Кыраһа кыра буоллаҕына, кураан сыл буолар диэн суруйаллар.
Сэтинньи ый 8 күнэ – Сэтинньи 8 күнүттэн (Миитэрэйэп күнэ), сахалыы халандаарынан, идэһэни өлөрүү саҕаланар.Миитэрэйэп күнүгэр халлааҥҥа чүмэчи курдук былыттар таҕыстахтарына – кыһына тымныы, оттон үдүк-бадык уонна сырдыктыҥы будулҕан былыттар таҕыстахтарына, тымныы кыһыны күүтүҥ.
Сэтинньи ый 15 күнэ – Ый уонна Үргэл алтыһаллар. Ырааҕынан ааһыстахтарына, сылаас соҕус буолар. Чугаһынан ааһыстахтарына, тымныы буолар дииллэр.
Сэтинньи ый 15 күнэ – Муҥха бүтэр (Саха ыалын халандаарыгар — Мэхээлэйэп күнэ).
Сэтинньи ый 22 күнэ Былыттаннаҕына, ахсынньы 4 күнүгэр диэри ичигэс турар.
Сэтинньи ый 25 күнэ Сэтинньи 25 күнэ – Уус Алдан улууһун Курбуһах олохтооҕо Федот Николаевич Аммосов суруйбутунан – Мэхээлэйэп таҥара күнэ.
Сэтинньи ый 26 күнэ – Ый бүтүүтэ сэргэ төбөтө сэтэриччи тоҥор тымныыта түһэр. Бу өссө аам–даам тымныы түһүүтэ буолбатах.
Сэтинньи ый 27 күнэ Саҥа үүнэр ый туруору таҕыстаҕына – тымныы ый үүммүтүн бэлиэтэ.
Сэтинньи ый 28 күнэ Сулустар бачыгырыы хойуутук чаҕылыҥнастахтарына – халлаан тымныйарыгар.
Сэтинньи ый 29 күнэ Кыһынын соҕурууттан, арҕааттан салгыннаннаҕына – тымныйар. Хотуттан, илинтэн салгыннаннаҕына – тыал-хаар түһэр.
Тускул
Хаартыска: Алексей Матвеев
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0