«Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутугар өйөбүл» судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн, быйыл сайыҥҥы уһун өрөбүл кэмигэр 14-18 саастаах оҕолору үлэнэн хааччыйыыга 24,2 мөл. солк көрүллэн, 2 900 оҕо хабыллыахтаах (2024 с. – 3 458 оҕо хабыллыбыта). Ол иһигэр:
1. 14-18 саастаах оҕолору үөрэммэт кэмнэригэр быстах үлэнэн хааччыйыыга – 20,8 мөл. солк. (2024 с. – 22,5 мөл. солк.) көрүллэн, 2 842 оҕо үлэнэн хааччыллыаҕа (2024 с. – 3 304 оҕо.). Биир оҕоҕо тиксэр өйөбүл кээмэйэ 7 296,75 солк. (өрөспүүбүлүкэҕэ улахан киһи тиийинэн олорор таһымын 25 %-а). Хамнаһы үлэни биэрээччи, оҕо үлэлээбит бириэмэтинэн көрөн, тиийинэн олорор таһым кээмэйиттэн намыһаҕа суох сууманы, төлүөхтээх.
От ыйын 1 күнүнээҕи туругунан, үлэ биэрээччилэри кытары 564 оҕону үлэнэн хааччыйар туһунан дуогабар оҥоһулунна, 40 оҕо үлэлии сылдьар. Оҕолор сүрүннээн ырааһырдыыга, көҕөрдүүгэ, сууйарга-соторго, өйдөбүнньүктэри көрөргө-истэргэ үлэлииллэр, ЭВМ-ҥа, колл-кииннэргэ эпэрээтэрдииллэр, курьердыыллар.

2. 14-18 саастаах оҕолор үөрэммэт кэмнэригэр таба ыстаадаларыгар быстах үлэлииллэрин тэрийиигэ – 1,7 мөл. солк. (2024 с. – 1,7 мөл. солк.) көрүллэн, 58 оҕо үлэнэн хааччыллыаҕа (2024 с. – 74 оҕо этэ). Билигин таба хаһаайыстыбаларыгар оҕолор быстах үлэлииллэрин тэрийии субсидиятын ылыыга куонкурус ыытыллар. Сайаапка 18 хаһаайыстыбаттан киирдэ. Куонкурус бүттэҕинэ, субсидия бу ый бүтүүтүгэр тустаахтарга ыытыллыаҕа. Субсидия кээмэйэ 14-16 саастаах оҕолорго 21 232,2 – 29 620,8 солк., 16-18 саастаахтарга 31 416 – 43 197 солк. харчы. Бу туһунан Дьарыктаах буолуу судаарыстыбаннай кэмитиэтэ иһитиннэрэр.
Хаартыска: эрэдээксийэ архыыбыттан.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0















