Манна нэhилиэнньэ булдунан, балыгынан, идэhэнэн, оҕуруот аhынан хааччыйыыга улахан көмөнү онорор эбит. Аны сорох интэринээттэргэ дьон бэйэлэрэ астанар хосторо бааллар. Онно олорор дьон куукунаҕа алаадьы буhараллар, сөбүлүүр астарын астыыллар.
Интэринээккэ дьон толору олоҕунан, дьолго, сырдыкка-кэрэҕэ талаһан олороллоругар судаарыстыба усулуобуйа тэрийиэх тустаах. Кырдьар саастарыгар өйдөhөр-өйөhөр киhилэрин көрсөн олохторун интэринээккэ холбообут дьон эмиэ бааллар. Онно интэринээт салалтата усулуобуйаны тэрийэн, иккиэн олороллоругар туспа хоһу биэрэр эбит.
Хаартыска Ил Түмэн архыыбыттан.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0















