«Көхтөөх уһун үйэлэнии” бырагыраамата - аҕа көлүөнэ дьон доруобуйаларын тупсарарга, сынньалаҥнарын тэрийэргэ, эт-хаан өттүнэн чэгиэн-чэбдик туруктарын хааччыйарга, талба талааннарын арыйан, сөбүлүүр дьарыктаах буолалларын тэрийэргэ туhуланар", - диэн этэр Ил Түмэн социальнай бэлиитикэҕэ, үлэҕэ уонна дьарыктаах буолууга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алена Атласова.
Социальнай өйөбүл судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн аҕа көлүөнэ уонна инбэлиит дьоҥҥо көмөлөһөргө 2024 с. уопсайа 9,1 млрд. солк. туттуллубута. Көмөҕө наадыйар дьону буларга, сөптөөх көмөнү оҥорорго, анаан 2022 с. «Социальнай участковай» үлэҕэ киирбитэ.
Былырыыҥҥыттан 100 сааhын туолар ытык кырдьаҕастарбытыгар «Үйэ саас» бэлиэни кытта бэриллэр харчы Ил Дархан Айсен Николаев көҕулээhининэн 1 мөл. солк. диэри улааппыта.
Хаартыска Алена Атласова, Ил Түмэн социальнай бэлиитикэҕэ, үлэҕэ уонна дьарыктаах буолууга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин архыыбыттан.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0















