Аҕам саастаах дьон улахан биhирэбиллэрин, сэҥээриилэрин сайыҥҥы сынньалаҥ лааҕырдара ыллылар. 2024 с. Алдаҥҥа «Үрүҥ көмүс каникул» диэн лааҕыр үлэлээбитэ, Ньурба, Үөһээ Бүлүү, Хаҥалас, Горнай, Эдьигээн, Таатта улуустарыгар «Демография» национальнай бырайыак иитинэн «Күөх сайын» диэн аҕам саастаахтарга анаан лааҕырдар арыллыбыттара.
Алена Атласова, Ил Түмэн социальнай бэлиитикэҕэ, үлэҕэ уонна дьарыктаах буолууга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ этэринэн, быйыл сайын элбэх улууска аҕам саастаах дьон лааҕырдара үлэлээбиттэрэ. Холобур, Горнай улууhун Өрт бөһүөлэгэр 62 саастарыттан тахсыбыт дьоҥҥо оҕо саастарын санатар «Биһиги ССРС-тан төрүттээхпит» диэн пионер лааҕыра үлэлээбитэ. Лааҕыр үлэтин үрдүк таhымҥа ыытарга улуус баhылыга Никита Андреев, улуус баhылыгын солбуйааччы Сардаана Стручкова, Солоҕон баhылыга Александра Павлова, бырайыак ааптара Мария Павлова сыраларын-сылбаларын ууран туран үлэлээтилэр.
Хаартыска УлусМедиа.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0















