Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -3 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

РФ Дьиэ кэргэн кодексын 81-с ыстатыйатыгар олоҕуран, сокуоннай сааһын туола илик оҕоҕо суутунан төлөнөр элимиэн кээмэйэ бигэргэтиллэн турар. Онно эбии ипэтиэкэлээх буоллахха, иккис элимиэни төлөтүөххэ сөп. 2020 с.  саҥа сокуон тахсан турар. Онно олоҕуран, оҕо олороругар табыгастаах усулуобуйата суох буоллаҕына, олорор дьиэтин ороскуотугар эбии элимиэни төлөттөрүөххэ сөп. Холобур, арахсыбыт дьахтар дьиэ куортамнаһан эбэтэр ипэтиэкэ төлөөн олорор буоллаҕына, оҕо үчүгэй усулуобуйаҕа олоруохтааҕын быһыытынан, аҕатыттан эбии иккис элимиэни көрдүүр бырааптаах. Элимиэн кээмэйэ куортам (ипэтиэкэ кирэдьиитин) төлөбүрүттэн 50 %-тан үрдүө суохтаах. 

Туох докумуон нааданый? Куортамнаһан олорор буоллахха: куортам дуогабара, куортамы төлүүргүт туһунан араспыыска, бас билэр дьиэҥ суоҕун бигэргэтэр ЕГРН ыспыраапката, сибидиэтэл көрдөрүүтэ. Ипэтиэкэни төлүүр буоллахха: баантан ыспыраапкалар, ипэтиэкэ дуогабара, ипэтиэкэни төлөөбүккүн туоһулуур квитанциялар, ЕГРН докумуона уо.д.а.

Оҕо ийэтэ үп-харчы өттүнэн кыаммат, ону бигэргэтэр докумуоннаах буолуохтаах. Хас да дьиэлээх, олор ипэтиэкэлэрин төлөбүрүн саптара сатыыр буоллаҕына, суут биир-биэс тыла суох аккаастыыр.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0