Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -3 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

СӨ Бырамыысаланнаска уонна геологияҕа министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, Саха сиригэр сыл саҕаланыаҕыттан (10 ый иһигэр) 1675 дьиэҕэ гааһы холбоотулар. Бу сыл тохсунньутуттан саҕалаан 1893 гаас ситимин тартылар. Гааһы киллэриигэ уопсайа 1960 дуогабары түһэристилэр.

Социальнай гаастааһын эрэгийиэннээҕи эпэрээтэрэ – “Сахатранснефтегаз” АУо – быйылгы былаанын толордо. Социальнай гаастааһын бырайыага дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн 2021 сыллаахха киирбитэ. Чааһынай дьиэлэргэ гааһы киллэриигэ Саха сирэ Уһук Илиҥҥэ 1 миэстэни ылар, онтон Арассыыйа эрэгийиэннэрин ортолоругар – сэттис.

ПМЭФ-2023 былаһааккатыгар Саха сирэ уонна Газпром дойду бэрэсидьиэнэ көҕүлээбит гаастааһын бырагырааматын чэрчитинэн Саха сирин нэһилиэнньэлээх пууннарыгар гааһы салгыы тардарга сөбүлэҥ түһэрсибиттэрэ. 2030 сылга диэри 27 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа гаас киириэҕэ, 550 км уһуннаах гаас ситимэ тардыллыаҕа. Газпром инвестициятын уопсай суумата – 9,8 млрд. солк.

2030 сылга диэри гаастааһын бырагыраамата Саха сирин түөрт улууһун – Өлүөхүмэни, Ленскэйи, Алданы уонна Нерюнгрины – хабыаҕа.

Дьокуускай куорат дьаһалтатын пресс-сулууспатын хаартыската.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0