Былаан быһыытынан, 2026 сылга волоконнай-оптическай сибээс лииньийэтин 8, 2027 сылга 25, 2028 сылга 28 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа тардыахтара. Түргэн тэтимнээх интэриниэт киирдэҕинэ, олохтоохтор сибээстэрэ тупсуоҕа, ону таһынан урбаанынан дьарыгырааччылар цифровой сиэрбиһи туһаналларыгар табыгастаах усулуобуйа тэриллиэҕэ.
Михаил Мишустин эппитинэн, Саха сиригэр 7 тыһ. км кэриҥэ оптоволокно ситимэ тардыллыаҕа. Балар киэҥ нэлэмэн сиргэ ыраах тайаан сытар Аартыка оройуоннарын ситимниэхтэрэ. – Өрөспүүбүлүкэ 61 нэһилиэнньэлээх пуунугар түргэн тэтимнээх интэриэт холбонуоҕа. Манна холбоон 50 тыһ. киһи олорор, – диэн бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ эттэ.
Саҥа сибээс ситимэ 100 Мбит/с итэҕэһэ суох түргэннээх буолуоҕа. Билигин үгүс улуус интэриниэтин түргэнэ – 10 Мбит. Ону таһынан “тарыып сыаната аччыаҕа” диэн салалта эрэннэрэр.
Бу сыл бэс ыйыгар ханнык нэһилиэнньэлээх пууннарга сибээс саҥа ситимэ тардыллара бигэргэммитэ.
ЯСИА хаартыската.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0















