Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -3 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Хамнас алын кээмэйэ үлэһит нэһилиэнньэ тииһинэн олоруу алын кээмэйиттэн кыччыгый буолуо суохтаах.

Хамнас алын кээмэйэ үлэһит нэһилиэнньэ тииһинэн олоруу алын кээмэйиттэн кыччыгый буолуо суохтаах.

Арассыыйаҕа хамнас алын кээмэйэ (МРОТ) эһиил 20,7% улаатыаҕа уонна 27 тыһ. 93 солк. тэҥнэһиэҕэ. Оттон Саха сиригэр, бүддьүөттэн үбүлэнэр тэрилтэ үлэһиттэригэр, бырыһыаннаах надбавка муҥутуур кээмэйэ 80% буоллаҕына, МРОТ 2026 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 1,7 оройуоннай кээписсийиэннээх улуустарга — 67 733 солкуобай, 2,0 кээписсийиэннээхтэргэ – 75 861 солкуобай буолуоҕа. Бу туһунан СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

Оттон атын, бүддьүөттэн үбүлэммэт экэниэмикэ секторын тэрилтэлэригэр оройуоннааҕы кээписсийиэни уонна бырыһыаннаах надбавканы көрөн МРОТ олохтонор. Маныаха хамнас алын кээмэйэ үлэһит нэһилиэнньэ тииһинэн олоруу алын кээмэйиттэн кыччыгый буолуо суохтаах. Саха сиригэр ити эһиил 31 тыһ. 172 солк. тэҥнэһиэҕэ.

Министиэристибэҕэ иһитиннэрбиттэринэн, сокуон быһыытынан үлэни биэрээччи үлэһиттэригэр толору үлэ күннээхтэргэ федеральнай МРОТтан итэҕэһэ суох, эрэгийиэннээҕи кээписсийиэннэри уонна надбавкалары учуоттаан хамнаһы төлүөхтээх.

Хаартыска: СИА

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0