“Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата “ыам ыйынааҕы ыйаахха” киирбэтэх бүддьүөт эйгэтин үлэһиттэрин хамнаһын былаан быһыытынан үрдэтиэн наада. Уустук экэнэмиичэскэй, ороскуоту сарбыйар кэмҥэ үлэлиэхтээхпитин бигэтик өйдүөхтээхпит. Ол гынан баран, социальнай эбэһээтэлистибэ – булгуччу тутуһуллуохтаах. 2026 с. бүддьүөт эйгэтин 117 тыһыынча үлэһитин хамнаһын пуондата 34,3 млрд солк. эбиллиэҕэ. Хайдахдаах да уустуктар үөскээбиттэрин иһин, бырабыыталыстыба ол харчыны толору уонна кэмигэр хааччыйыахтаах”, – диэн Айсен Николеав эттэ.
Ил Дархан санаппытынан, эһиил тохсунньу 1 күнүттэн Саха сиригэр хамнас алын кээмэйэ өссө 20,7%-нан улаатыаҕа.
“Ити аҥаардас сокуон эрэ идэбилэ буолбатах. Ити – Саха сирин олохтоохторун олоҕун таһымын тупсарар өссө биир дьоһун хардыы. Хамнас ас-таҥас сыаната ыарыы турар кэмигэр булгуччу үрдүөхтээх”, – диир Ил Дархан.
Хаартыска: СИА
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0















