Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -3 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Майа сэлиэнньэтэ тупсаҕай тутууларынан сыллата киэркэйэр, аныгы олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаан алгыстаах аартыга аһыллар. Ахсынньы 29 күнүгэр Майа сэлиэнньэтигэр Айсен Николаев үлэ сырыытынан ыалдьыттаата диэн "Эркээйи" хаһыат саайтыгар суруйар .

Майа сэлиэнньэтэ тупсаҕай тутууларынан сыллата киэркэйэр, аныгы олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаан алгыстаах аартыга аһыллар. Ахсынньы 29 күнүгэр Майа сэлиэнньэтигэр Айсен Николаев үлэ сырыытынан ыалдьыттаата диэн "Эркээйи" хаһыат саайтыгар суруйар .

Ил Дархан кэскиллээх тутууларынан тыа сирин олоҕун сардаҥалаах сарсыҥҥытын уһансар сэлиэнньэ саҥа эбийиэктэрин – Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө аһыллыбыт «Кыайыы Аартыга» болуоссаты, нэһилиэнньэ социальнай көмүскэллээх буолуутун улуустааҕы кэлим киинин көрдө-иһиттэ. Бэлиэ күн кэлим киин салайааччыта Иван Шестаков Айсен Сергеевичка, улуус баһылыга Дмитрий Тихоновка, СӨ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирэ Елена Волковаҕа, мустубут бар дьоҥҥо саҥа сыл тохсунньу ыйыттан үлэтин саҕалыыр дьиэ кэргэн элбэх хайысхалаах киинин сырдатта. Киэҥ, сырдык саҥа киин дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлүүр хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагырааматынан Дьоруой Федор Попов уулуссатыгар тутуллубут саҥа дьиэ маҥнайгы этээһигэр оннуланна. Дириҥ суолталаах үлэлээх, дьиэ кэргэҥҥэ элбэх хайысхалаах өҥөнөн бигэ тирэх буолар кииҥҥэ дьону көрөр биир кэлим түннүк, социальнай педагог, психолог, логопед, дефектолог, эрчиллэр хос, өр кэмнээх көрүү ситимэ, көрүү оскуолата уонна атын социальнай хайысхалаах үлэ ыытыллыаҕа.

13 copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy

12 copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy

11 copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy copy

Елена Волкова: -– Арассыыйа Федерациятын үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ дьиэ кэргэн элбэх хайысхалаах киинин нэһилиэнньэни кытта үлэ саҥа ньыматын быһыытынан олоххо киллэрэр. Саҥа сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр сэттис киин үлэтин саҕалыаҕа. Кииҥҥэ оҕоттуттан саҕалаан аҕам саастаах дьонугар тиийэ дьиэ кэргэн бары чилиэннэрэ «биир түннүк» аныгы ньыматынан социальнай боппуруостарын, кыһалҕаларын быһаарыахтара. Маны сэргэ, доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго, дьиэ кэргэҥҥэ ананар өҥө хайысхата кэҥиэҕэ. Мэҥэ Хаҥаластааҕы нэһилиэнньэ социальнай көмүскэллээх буолуутун кэлим киинэ социальнай өҥө эйгэтигэр өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастыҥ үлэлээх киин буолар. Ааспыт сылтан доруобуйаларын хааччаҕынан кииҥҥэ реабилитацияҕа кэлэр кыаҕа суох дьону дьиэлэригэр тиийэн көрөр-истэр, дьарыктыыр мобильнай биригээдэлэри үлэлэтэллэр.

Иван Шестаков: — Нэһилиэнньэ социальнай көмүскэллээх буолуутун салалтата уонна сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолору реабилитациялыыр киин сомоҕолоһон нэһилиэнньэ социальнай көмүскэллээх буолуутун улуустааҕы кэлим киинин быһыытынан үлэлиибит. Саҥа сылтан дьиэ кэргэн элбэх хайысхалаах киинин федеральнай бырайыагын үлэлэтиэхпит. Ол чэрчитинэн дьиэ кэргэҥҥэ социальнай өҥөнү биир кэлим биэриэхпит. Тэрилтэбит иһинэн инбэлиит оҕолору кытта үлэлиир дьоҕус реабилитациялыыр киин арыллыбыта. Ааспыт сылга Марина Гордеева аатынан федеральнай граны ылбыппытынан анал тэрил атыыласпыппыт, үөрэхтээх исписэлиистэр үлэлииллэр. Быйыл өр кэмнээх көрүү ситимин федеральнай бырайыагар киирдибит. Ол иитинэн 63 сытар кырдьаҕастары уонна инбэлииттэри көрөр-истэр көмөлөһөөччүлэр ананыахтара. Олох ыарахан түгэнигэр түбэспит оҕолорго ананар көмөнү, кырдьаҕас төрөппүттэрин көрөргө-истэргэ үөрэтэр оскуоланы үлэлэтэбит.

Бу күн Ил Дархан хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагырааматынан саҥа кыбартыыра ылбыт элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ – Екатерина, Владимир Дмитриевтарга ыалдьыттаата. Түөрт оҕолоох ыал Айсен Сергеевичка саҥа дьиэлэрэ сылааһын, олорорго табыгастааҕын туһунан сэһэргээтилэр. Дьоҥҥо дьолу бэлэхтиир бырагырааманы олоххо киллэрэр дойду бэрэсидьиэнигэр Владимир Путиҥҥа, өрөспүүбүлүкэ, улуус салалтатыгар махтаналларын биллэрдилэр.

Изабелла Романова.

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0