Ил Түмэҥҥэ арыгы атыытын хааччахтыыр сокуон тула ыытыллыбыт бырабыыталыстыба чааһыгар 2025 с. үһүс кыбаарталын түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ 852,9 тыһ. декалитр итирдэр утах атыыламмыт диэн иһитиннэрдилэр. 2024 с. кытта тэҥнээтэххэ, ити көрдөрүү 9,03 % намтаабыт. Атын эрэгийиэннэргэ эмиэ намтааһын бара турар.
Уһук Илин 2021-2024 сс. нэһилиэнньэ төһө элбэх кыраадыстаах утаҕы иһэрин көрдөххө, Сахалин уобалаһа бастакы миэстэни ылар, оттон Саха Сирэ кэнники сылдьар. 2022-2025 сс. өрөспүүбүлүкэ иһигэр саамай элбэх итирдэр утаҕы Алдан, Бүлүү, Нерюнгри, Өймөкөөн улуустарыгар иһэллэр диэн бэлиэтэммит, оттон Анаабыр, Өлөөн, Эбээн-Бытантай улуустарыгар арыгыны иһии олох намыһах. Ол туһунан СӨ Урбааҥҥа, атыыга-эргиэҥҥэ уонна туризмҥа миниистирин бастакы солбуйааччыта Максим Карбушев билиһиннэрдэ.
Василий Кононов, ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
















