Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -12 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Ытыктабыллаах Саха Сирин олохтоохторо!

Күндү биир дойдулаахтарым!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин уонна тус бэйэм ааппыттан Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэринэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!

Ытыктабыллаах Саха Сирин олохтоохторо!

Күндү биир дойдулаахтарым!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин уонна тус бэйэм ааппыттан Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэринэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!

 Бу бэлиэ күн төрөөбүт дойдубутун көмүскүүр, Ийэ сирбит үрдүнэн куттал суоhаабатын туhугар сыраларын ууран туран үлэлиир-хамсыыр дьоммутун түмэр. Арассыыйа элбэх омуктаах норуота дойдубут туhугар турууласпыт, сырдык олохторун толук биэрбит эр санаалаах, дойдуга бэриниилээх хорсун-хоодуот буойуттарбытын умнубат, кинилэр албан ааттарынан киэн туттар.  

Бүгүн биhиги Àҕа Дойду Улуу сэриитин уонна тыыл бэтэрээннэригэр, интернационалист буойуннарга, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар сүгүрүйэбит, махтал тылларын аныыбыт. Эһиги модун санааҕыт, Ийэ дойдуга бэриниигит, истиҥ тапталгыт, килбиэннээх суолгут биhиэхэ хас биирдиибитигэр үтүө холобур буолар. 

Бу бэлиэ күн Арассыыйа норуотун сомоҕолоhуутун, күүһүн-кыаҕын,   төрөөбүт дойдуга тапталын, харыстыыр, сайыннарар дьоҕурун бэлиэтэ буоллун. 

Өрөспүүбүлүкэ бары олохтоохторугар бөҕө доруобуйаны, күүстээх санааны, уйгуну, дьолу баҕарабын.  

Алексей Еремеев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин

Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0