Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -12 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Өрөспүүбүлүкэ суолларыгар саахал тахсыыта 6,1% намтаабыт, дьон эчэйиитэ 9,1% аҕыйаабыт эрээри, ыар сүтүк тахсыыта 3,9% элбээбит. 100 000 нэһилиэнньэҕэ массыына саахалыттан 7,9 киһи олохтон туоруур.

Өрөспүүбүлүкэ суолларыгар саахал тахсыыта 6,1% намтаабыт, дьон эчэйиитэ 9,1% аҕыйаабыт эрээри, ыар сүтүк тахсыыта 3,9% элбээбит. 100 000 нэһилиэнньэҕэ массыына саахалыттан 7,9 киһи олохтон туоруур.

Итирдэр утаҕы иһэн баран уруулга олорон саахалга түбэспит дьон ахсаана 10,4% эбиллибит. Уулуссалар туруктара мөлтөҕүттэн 71 саахал тахсыбыт, онтон 9 киһи күн сириттэн күрэммит, 82 киһи эчэйбит. Суол-иис ситэ оҥоһуута суоҕуттан маннык саахаллар Мэҥэ Хаҥалас, Томпо, Бүлүү, Усуйаана, Нам о.д.а. улуустарга тахсара бэлиэтэммит. Ол туһунан  СӨ Ис дьыалаҕа миниистирин солбуйааччытын э.т. Юрий Тищенко иһитиннэрдэ. 

Полиция үлэһиттэрэ буруйу оҥорууну арыйыылара 1,5% үрдээбитэ этилиннэ, ыарахан буруйу оҥорооччулар суолларын ирдэһэн булуу 14,8% эбиллибит. Киһи тыына быстыар диэри ыараханнык эчэтиини, күүһүлээһини, бөлөҕүнэн саба түһүүнү 100% арыйбыттар. Суоллара сойуон иннинэ итиитигэр буруйдаахтары харыларыттан харбааһын үлэтэ тупсубут. Бу хайысханан үчүгэй көрдөрүүнү Нерюнгри, Бүлүү, Уус Алдан улуустарыгар, Дьокуускай куоракка ситиспиттэр. Бөлөҕүнэн элбэх буолан буруйу оҥорууну ирдэһии 2,5 төгүл тупсарыллыбыт.

Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ. 

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0